Арассыыйа үрдүнэн кулун тутар 15-17 күннэригэр Дойду бэрэсидьиэнин талар быыбар ыытыллаары турарынан «ИнформУИК» диэн федеральнай бырайыагынан Сунтаарбыт улууһугар учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэннэрэ ыалларынан сылдьан сырдатар үлэлэрин бу өрөбүл күннэриттэн саҕалаатылар.
Манна улууспутугар барыта 104 киһи хабыллан үлэлии сылдьар.
Быыбардыыр хамыыһыйалар чилиэннэрэ биирдиилээн, аадырыстарынан сылдьан быыбардааччыларга ханнык быыбар буоларын, хайдах, ханна куоластыахха сөбүн, хандьыдааттар тустарынан иһитиннэрэллэр, быыбардааччы испииһэгин чуолкайдыыр, кылгас ыйытык толоттороллор. Үксүн дьон-сэргэ үчүгэйдик хардараллар, өйдүүллэр. Билиҥҥи туругунан 1774 быыбардааччыны кытта сырдатар үлэ барда.
Түгэнинэн туһанан, Сунтаар улууһун быыбардааччыларыгар учаастактааҕы быыбардыыр хамыыһыйаҕыт чилиэннэрин үөрэ-көтө көрсүҥ, сиһилии буолаары турар быыбар туһунан билсиҥ диэн баҕа санаабын этэбин. Ыттаах ыаллар ыккытын баайаргытын көрдөһөбүт.
Наталья ЯКОВЛЕВА, Сунтаардааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ