“Сыл” уонна “дьыл”  диэн тыллар суолталара

Төрөөбүт төрүт тылбыт барҕа баай. Оттон билигин үгүс атылыы суолталаах тыллары буккуйан саҥарарбыт баар суол. Бу барыта тылбытыгар дьиҥ суолтаны, дириҥ болҕомтону уурбаппытыттан тахсар. Холобур билигин киһи-аймах, дьиэ кэргэн саамай сөбүлүүр бырааһынньыга кэтэһиилээх саҥа сыл буолар. Чугас дьоммутун, доҕотторбутун көрсөн сибиэһэй сонуну үллэстиэх эрэ иннигэр, бэл оннооҕор араас социальнай ситим даҕаны нөҥүө бэйэ-бэйэбитин эҕэрдэлэһэн, суруйсан саҥа сылынан диэхпит оннугар саҥа дьылынан диэн кулгаахпыт истэ, тылбыт саҥара үөрэммитинэн саҥарар, суруйсар буоллубут. “Сыл” уонна “дьыл” диэн иккиэн тус туһунан суолталаах тыллар. Ону анал исписэлиистэр даҕаны быһаараллар, тылдьыкка бэл өбүгэлэрбит айан хаалларбыт таабырыннарыгар, өс номохторугар кытта барыта дакаастанан сылдьар.

         Тыл суолтатын, таба суруллуутун, о.д.а. билээри араас тылдьыты туһанабыт. Тыл муҥура суох баай буолан, биир тылдьыкка тыл баайын барытын түмэр уустук. Улахан хас да туомнаах  тылдьыттарга эрэ тыл баайын ордук толору көрдөрөллөр.

СЫЛ

  1. Сылга барыта 365 (366) хонук баар, кыһын, саас, сайын, күһүн толору эргийэн бүтэр (уон икки ыйга тэҥнэһэр) кэмнэрин ааттыыбыт.
  2. Ханнык эрэ үлэ, тугунан эмэ дьарыктаныы түмүктэнэр кэмэ. Үөрэх сыла. Отчуот сыла.
  3. Дьон олоҕор-дьаһаҕар, өйүгэр-санаатыгар айылҕа дьайыытын эбэтэр туох эмэ түбэлтэ түмүгэр олоҕуран хаалбыт уһулуччу бэлиэ кэм. сыл. Кураан сыл. Кыайыы сыла.
  4. Хас да сылы хабар киһи сааһын түгэнэ, туох эрэ буолар (буолбат) кэмэ (э. ахс. тут-лар). Эдэр саас сыллара. Оҕо саас сыллара. Гражданскай сэрии сыллара. Биһиги сэрии сылларыгар курааны утары охсуһууга дьоһуннаах үлэни ыыппатахпыт.
  5. Кэрискэ ахсаан ааттары кытта холбоһон, уоннуу сылы хабан биир кэми бэлиэтиир (э. ахс. тут-лар). 80-с сыллар. 90-с сыллар. Мин 70-с сыллар бүтэһик кэмнэригэр Петербург университетыгар үөрэнэ сылдьан Неустроевы сирэй билсибитим. 50-с сыллардаахха Арҕаа Сибиирдээҕи дэхси сиринэн устар Объ өрүскэ олус бөдөҥ гидроэлектростанцияны тутуу бырайыага киллэриллэ сылдьыбыта.

ДЬЫЛ

  1. Сыл диэн курдук. Саҥата суох дьыл хонугун ааҕар баар үһү (халандаар). Сут дьылга тураах топпутугар дылы (өс номоҕо). Кураан дьыл тыа аһа, отон араас үүммэтэҕинэ, эһэ уойбакка хаалан, кыһын арҕахтан туран мэнээктиир үһү. Эһиги сорох дьыл анды тоҕо ууга түспэтин билэҕит дуо?
  2. Хаһаайыстыбаҕа сыл саамай ыарахан кыһыҥҥы кэмэ: сүөһүнү хотоҥҥо аһатыллар, дьон сайыҥҥы хаһаастарынан олороллор. Дьыл да эрдэ, бокуруоп да ыраах (өс номоҕо. ). Күһүн аайы биһиги ханнык эмэ баай хотонун буларбыт. Оттон быйыл Амма үрдүк сыырыгар чөкөллөн турар бэйэбит балаҕаммытыгар кыстаабыт дьоллоох дьылбыт этэ. «Тымныйымына… хайа, дьыл даҕаны кэллэҕэ дии», дэһэн чаҕаараллар уонна туох да кыһалҕата суох табахтаан бускуталлар. Кыһыҥҥы кэм муҥа-таҥа, араас күчүмэҕэйи үөскэтэрэ, алдьархайы-сору аҕалара кэмнээх буолуо дуо!.. Ол иһин норуот, үгэһин быһыытынан, быһаччы кыһын диэбэккэ, дьыл диэн харыстаан ааттааһын сиэринэн эппит буолуохтаахтар.
  3. Сыл саамай үчүгэй, итии, сайыҥҥы түбүктээх кэмэ. Сүөһү иитиитэ былыргы кэмҥэ айылҕаттан, хайдах дьыл кэлэриттэн быһаарыллара биллэн турар суол. Быйыл дьыл эрдэ кэлэн, хаар ууллан, ирэн-хорон, чалбах тахсан, инчэҕэй-хоччоҕой буолан эрэрэ. Онтон куһаҕан, хаҕыс дьыллар буоланнар, соҕотох огдообо дьахтар, күүһэ тиийбэт буолан, оту кыайан элбэҕи оттообот.

         Сыл диэн 365 (366) хонуктаах кыһыннаах, сааскылаах, сайыннаах, күһүннээх кэми ааттыыбыт.

         Дьыл диэн – ынах хотоҥҥо кыстыыр кэмэ ааттанар. Дьыл уһуна – 220 хонук. Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоптан (кыстык хаар түһүүтүттэн) саҕалаан, ыам ыйын 22 күнүгэр сайын кэлиитигэр түмүктэнэр.

Онон, тыл суолтатын, таба суруллуутун тылдьыты туһанан билэргэ дьулуһуоҕуҥ. Тылы сөпкө саҥарарга үөрэниэҕиҥ.

Кэлбит Саҥа 2024 Айыыһыт сылынан дойдум дьонугар истиҥ эҕэрдэ!

Аҕыс айыыһыккыт арыалластын

Сэттэ иэйиэхсиккит эҥэрдэстин

ДОМ!

Артём ОСИПОВ.

Хаартыска Интэриниэт ситимиттэн.

Читайте дальше