Кулун тутар 13-14 күннэригэр улуустааҕы «Сыл бастыҥ иитээччитэ-2024» куоҥкурус ыытылынна. Манна улууспут араас уһуйааннарыттан 8 кыттааччы күөн көрүстэ. Бу күрэс иитээччи идэтин суолтатын үрдэтэр, уопут атастаһар, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору үөрэтэр талааннаах, дьоҕурдаах педагогтары уонна кырачааннары иитэр үрдүк эппиэтинэстээх үлэҕэ саҥаны тобулан киллэрээччини көрдүүр, булар соруктаах тэриллэр.
Күрэс кыттыылаахтара араас бөлөх иитиллээччилэрин кытта үлэҕэ бэйэлэрин талааннарын уонна идэтийиилэрин таһымын көрдөрдүлэр. Кинилэр үлэлэригэр оҕолору бары өттүнэн сайыннарар дьоҕурдаах бастыҥ методикалары уонна педагогическай ньымалары туһаннылар.
Куоҥкурус түөрт турунан ыытылынна. Кэтэхтэн ыытыллыбыт бастакы тур үс түһүмэхтэн турда. Ол курдук, бастакыга «Интернет-портфолио» кыттааччылар методическай үлэлэрин, үөрүйэхтэрин билиһиннэрбиттэр. «Мой успешный проект» куйаар ситиминэн ыытыллыбыт түһүмэххэ бырайыак оҥорон көмүскээбиттэр уонна үһүскэ бэйэлэрин билиһиннэрэр видеоролик сыаналанна. Иккис тур «Педагогическое мероприятие с детьми». Манна кыттааччылар профессиональнай хаачыстыбалара көрүлүннэ. Үһүс турга лауреаттар тахсан маастар-кылаас, төрөппүттэргэ аналлаах сэминээр ыыттылар. Ону таһынан, кыттааччылар уопуттаах педагогтар ыыппыт араас маастар-кылаастарыгар сырыттылар.
Кыайыылааҕы быһаарар төрдүс турга иитээччилэр бэйэлэрин тус олохторуттан саҕалаан профессиональнай үлэлэригэр уонна үөрэх эйгэтигэр тиийэ кэпсэттилэр, тыҥаан турар сүрүн боппуруостары дьүүллэстилэр. Хас биирдии кыттааччы үөрэх эйгэтигэр иитии сайдыытын көрүүлэрин билиһиннэрдэ. Кинилэр идиэйэлэрэ үөрэх сайдыытын кэскиллээх былааннарыгар туттуллуохтара, иитэр үлэҕэ болҕомтолорун күүһүрдэргэ уонна үөрэх эйгэтин тупсарарга көмөлөһүөҕэ.
Түмүккэ, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан
3 үрдэл Добун сурук — Яковлева Клара Егоровна, 2 №-дээх «Ёлочка» , Элгээйи,
2 үрдэл — Коротова Сахаайа Руслановна, 7 №-дээх «Солнышко», Сунтаар,
1 үрдэл — Корнилова Анжелика Николаевна, 3 №-дээх «Ньургуһун», Тойбохой.
Муҥутуур кыайыылааҕынан Павлова Надежда Александровна, 11 №-дээх «Кыталык» оҕо уhуйаанын музыкальнай салайааччыта буолла. Кыайыылаах улууһун аатын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ көмүскүү барар чиэскэ тигистэ. «Сыл бастыҥ иитээччитэ-2024» куоҥкурус бары кыттааччыларга уопуттарын, билиилэрин атастаһар былаһаакка эрэ буолбакка, бары өттүнэн көҕүлээһининэн буолла.
Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата