«Сыл Ааҕар дьиэ кэргэнэ» ааты ыллылар

2023 сыл Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылын түмүктүү, «Бары бииргэ ааҕабыт» диэн өрөспүүбүлүкэ бибилэтиэкэлэрин ситимнэрин бырайыагынан Национальнай бибилэтиэкэ уонна Дьокуускайга куорат Оҕо ааҕар киинэ Саха сирин үрдүнэн «Ааҕар дьиэ кэргэн — Ааҕар Саха сирэ» диэн бэстибээли төрдүс сылын тэрийэн ыытта. Бу тэрээһиҥҥэ Кэмпэндээйиттэн Герасимовтар дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Эдэр ыаллар аҕалара Эдуард Иннокентьевич, ийэлэрэ Лира Анатольевна, эбэлэрэ Александра Николаевна уонна биэс эмдэй-сэмэй оҕолоро. Кинилэр бибилэтиэкэ бастыҥ ааҕааччылара, ыытыллар араас тэрээһиннэргэ өрүү көхтөөхтүк кытталлар. Бары холбоон 134 сыл «ааҕар» ыстаастаахтар, бу сылга элбэх кинигэни уларсан аахпыттар. Сахалыы тыыннаах ыал ордук төрөөбүт тылларынан ааҕалларын ордороллор. Оҕолор сахалыы хоһоону ааҕыыга, уруһуйга араас таһымнаах күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Былырыын дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕыыга «Уол Дуолан бухатыыры», быйыл «Таас Буурай бухатыыры» аахтылар. Көхтөөх эдэр ыалга бу ыытыллыбыт бэстибээл түмүгэр «Сыл Ааҕар дьиэ кэргэнэ» диэн аат иҥэрилиннэ.

Татьяна МЕСТНИКОВА.

Читайте дальше