Сунтаар улууһун үөрэҕирии салаатын үлэһиттэригэр балаҕан ыйынааҕы икки күннээх сүбэ мунньахтара саҕаланна. Саҥа үөрэх дьылыгар киэҥ хабааннаах былааннары, соруктары туруордулар. Бүгүн, күн бастакы аҥарыгар улуус бары оскуолаларын салайааччылара, дириэктэри үөрэх уонна иитэр үлэ чааһыгар солбуйааччылара, учууталлара, кылаас салайааччылара 10 былаһааккаҕа араас хайысхаларга тарҕаһан үлэлээтилэр. Ол онтон сүрүннэрэ — бастакы былаһаакка «Развитие муниципальной системы образования» Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуола аактабай саалатыгар буолла. Манна Сунтаар улууһун үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйаачччыта Б.Н. Васильев уонна үөрэх салалтатын информационнай-методическэй отдел сэбиэдиссэйэ Т.Б. Семенова «Школы МинПросвещения России» бырайыак иитинэн, оскуола самодиагностикатын түмүктэрин туһунан сүрүн дакылааты оҥордулар. Салҕыы эмиэ, бу бырайыак чэрчитинэн улуус баһылыгын экономикаҕа солбуйааччы Б.С. Васильев, үөрэх салалтатын салайааччы А.И. Иванов уонна үөрэх салалтатын салайааччы бастакы солбуйаачччыта В.В. Уаров быйылгы үөрэх дьылыгар үөрэхтээһиҥҥэ суолталаах, тыын боппуруостары болҕомто киинигэр ырытыстылар. Маны таһынан Мэҥэ-Хаҥалас уонна Бэрдьигэстээх улууһуттан үөрэхтээһин эйгэтигэр сүбэ-ама, уопут үллэстээри, үөрэх салалтатын сэбиэдиссэйдэрэ видео сибээс нөҥүө тахсан кыттыыны ыллылар.
Сарсын, балаҕан ыйын 12 күнүгэр улуус бары иитээччилэригэр, алын сүһүөх учууталларыгар, иитии советниктарыгар уонна оскуола библиотекарьдарыгар араас туһалаах сэминээрдэр ыытыллыахтара.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше