Саха сирин тирэх пууннарыттан биирдэстэригэр байыаннай дьайыы хонуутугар байыастарга массыыналары тиэртилэр.
Ыарахан уйуктаах таһаҕаһы тиэйэр тырааныспарынан байыастарга анаан гуманитарнай көмөнү, ол иһигэр таба тириитин тиксэрдилэр.
Бу туһунан ЛНР уонн ДНР Саха сирин тирэх пууннарын сүрүн координатора Юстас диэн позывнойдаах байыас нэдиэлэтээҕи брифиҥҥэ иһитиннэрдэ.
«Таба тириитэ байыастарга эбии экипировка буоларын көрдөрдө, бу олус үчүгэй. ДНР уонна ДНР Саха сирин тирэх пууннарыгар Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэллэрэ үлэлииллэр. Кинилэр тирэх пууннары үлэһиттэрин быһаччы көмөлөрүнэн аадырыстаах баһыылкалары, электроматасыыкыллары уонна араас надаалаах тэрили тириэртилэр», — диэн сүрүн координатор бэлиэтээн эттэ.
Юстас Саха сирин тирэх пууннара штатнай эрэсииминэн үлэлииллэрин, үлэһиттэр өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорбут соруктарын бэриллибит болдьоххо толороллорун туһунан бэлиэтээтэ.
СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.