Былыргы сахалар – ханнык аҕа, ийэ уустарыгар уһун үйэлээхтэрэ элбэҕинэн киэн тутталлара. Уһун дьоллоох олоҕу олорбут, элбэх оҕоломмут төрүттэрин туһунан умнубакка уос номоҕо оҥорон кэпсииллэрэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрэ…
Мин этиилэрбин ылынан, Тойбохойдооҕу историяны, кыраайы үөрэтэр Г.Е. Бессонов түмэлин салайааччы Марта Васильева «Хочо түөлбэтин уһун үйэлээх олохтоохторо» диэн альбомнар сиэрийэлэрин нэһилиэктэринэн түмэн оҥорорго былааннанна. Аҕам саастаах көлүөнэ дьонтон – эһэлэриттэн, эбэлэриттэн –ыйыталаһан эдэр дьон, оскуола оҕолоро кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын, өбүгэлэрин олохторун-дьаһахтарын үөрэтэн сурукка тиһэн үйэтитэн хааллараллара – олох ирдэбилэ.
Эн-мин, эһиги-биһиги оҥорботохпутуна ким кэлэн оҥоруой? Кимтэн силис тардан киһи-хара буолан олорорбутун билэн, кэлэр көлүөнэлэр билэллэрин курдук, сурукка тиһэн хаалларарбыт ытык иэспит буолар.
Үлэни өрө туппут, оҕо бөҕөнү төрөтөн, сиэн бөҕөнү харайан ийэ, аҕа уустарын тэниппит уһун үйэлээх үтүө дьоннорун үйэтитэр, чинчийэр үлэлэригэр эдэр дьон, оскуола оҕолоро элбэҕи билиэхтэрэ, төрүт өбүгэ дьоннорунан, төрөөбүт төрүт дойдуларынан киэн туттарга, таптыырга иитиллэн дьиҥнээх патриот киһи буола улаатыахтара диэн эрэнэбит.
Биһиги, билиҥҥи дьон, кэлэр кэскилбит, ыччаппыт туһунан толкуйдуох тустаахпыт. Биһиги кэннибититтэн кэлэр дьон төрүччүлэрин, кимтэн кииннээхтэрин, хантан хааннаахтарын билэн улааталларыгар олук ууруохтаахпыт.
Аан дойдутааҕы доруобуйа харыстабылын тэрилтэтин (ВОЗ) классификациятынан:
Уһун үйэлээхтэргэ 90-99 саастаахтар киирэллэр;
Муҥутуур уһун үйэлээхтэр – 100 саастарын аһара олорбуттар.
Маны таһынан маннык дьону бэлиэтээн сурукка киллэриэххэ:
50 сыл бииргэ олорбут ыаллар;
Элбэх оҕолоох Дьоруой ийэлэр;
Улуу булчуттар.
Ытыктабыллаах нэһилиэктэр олохтоохторо, баһылыктара, оскуола дириэктэрдэрэ, «Хочо түөлбэтин уһун үйэлээх олохтоохторо» диэн альбом сиэрийэтин оҥорорго күүс-көмө буолуҥ диэн ыҥырабыт.
Сахалар ытыктыыр, сүгүрүйэр Аал Луук Маспыт силистэрэ өссө тэнийэн, кэҥээн лабаалара өссө элбээн, хойдон үүнэ-үрдүү турарыгар күүспүтүн түмүөҕүҥ.
Марта ВАСИЛЬЕВА, Тойбохойдооҕу историяны,
кыраайы үөрэтэр Г.Е. Бессонов түмэлин салайааччы,
Модест ПЕТРОВ, Тойбохой олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ.