Бу орто туруу бараан дойдуга чугас киһини сүтэрии ыараханын ааһан, киһи илиититтэн суорума суолланыы тустаахтарга тугунан да солбуллубат ыар сүтүк. Биһиэхэ сүтүктээх дьон ийэлэрин сүтэрбит аһыыларын, бэйэлэрин санааларын суруйдулар.
Тоҕо?..
Мин маннык эрэ суруйаммын санаам сааһыланар, сүрэҕим арыый уоскуйар… Бу билигин олорон «арай», «этэ» диэн тыллар биһиги сүрэхпитин, өйбүтүн, санаабытын кураанахтыы үүйэ-хаайа туталлар… Тоҕо? Арай ол киһийдэҕи үҥсүү киирбит күнүгэр тутан хаайбыттара буоллар дуу эбэтэр хонтуруолга тутан, киһилии олоххо төнүннэрэ сатаабыт буоллуннар, ийэбит, баҕар, мичээрдээбитинэн киирэн кэлиэ этэ. Күннэтэ минньигэс куолаһынан төлөпүөннүө, күннээҕи сонунун үллэстэ туруо этэ… Барыта “этэ, этэ”. Дьылҕа Хаан ыйааҕа олус да тыйыс.
Сунтаар Кутанатыгар бу дьыл олунньу 24 күнүгэр икки киһи олоҕун быспыт алдьархай уопсастыбаны улаханнык аймаабыта.
Биһиги ийэбит, эйэҕэс эбэбит Федорова Валентина Никифоровна Сунтаар улууһун Кутана орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, СӨ Үөрэҕириитин туйгуна олунньу 24 күнүгэр күн сириттэн соһумардык букатыннаахтык барбыта…
Бу барыта олунньу ый 23 – Аҕа дойду көмүскээччи күнүттэн саҕаланар, буруйданааччы нэһилиэк устун хаама сылдьан “миигин чиэстээбэтигит” эҥин диэн тыллаах буолбут. Ол киһи ыал устун, ийэбит олорор уулуссатынан сылдьан баран, ийэбитигэр түүн үөһүн саҕана кэлбит… Тоҕо эрэ, сорох дьон, киниттэн куттанар да буоллаллар, киллэрэн ириэрэн аһаппыттар. Оттон сорох ыал төрүт киллэрбэтэх…Ийэбит эмиэ дьиэтигэр киллэрбэтэх уонна нэһилиэк баһылыгар эрийэн “дэриэбинэ устун итирик сылдьар, дьону сүгүннээбэт” диэн үҥсүбүт. Участковай тиийбит…9 км ыраах Тумул сайылыгар илдьибит.
Ол да буоллар, хаанымсах санаалаах, сотору буолаат, түүнүн төттөрү сэлиэнньэҕэ кэлэн, бииргэ арыгылаабыт 34 саастаах киһитин тыыныгар турбут. Эр киһи өлүгүн кэлин уулуссаттан булаллар. Ити кэннэ, ийэбит диэки салгыы түүн полицияҕа туттарбытын аахса тиийэр.
Ийэбит барахсан, биллэн турар, кинини дьиэтигэр киллэрбэтэх. Олох күүһүнэн киирбитэ сэрэйиллэр: ийэбит иһэ, ойоҕоһо күөх баламах, илиитэ кыа хаан буолбут этэ. Ол аата, көмүскэнэ сатаахтаабыт. Буруйданааччы ийэбитин кыыллыы кырбаан баран, сүгэни ылбыт… Биһиги ийэбитин сирэйин кистээн көмтүбүт, оннук ынырыктык кэбилээбит…
Ийэбит тыынын быһан баран, тута суолун кистии сатаабыт. Ол аата, илэ өйдөөх сылдьан кини тыыныгар турдаҕа…
Дьиэ сарайыттан хара буруо тахсарын көрөн, ыалларбыт онно ыстаммыттар, баһаарынайдары ыҥырбыттар. Дьиэ соруйан уоттааммыта онно сэрэйиллибит. Бу киһийдэх, буруйун биллэримээри, ийэбит өлүгүн уоттуу сатаабыт…
Бу олунньу ый 24 күнэ хара күн буолан биэрдэ. Ийэбит сидьиҥ киһи илиититтэн кыыллыы сэймэктэнэн, орто дойду олоҕуттан кыһыылаахтык арахсыбыта – абатыан! Биһиги тапталбытыгар угуттанан, сиэн минньигэс сытыгар манньыйан өссө да уһуннук үөрэ-көтө олоруохтааҕа… Ийэбит кыаҕа баарынан тыынын былдьаһан көмүскэнэ сатаабытын, арай, ол түгэҥҥэ ким да күүс-көмө буолбатаҕын санаатахпытына, сүрэхпит хаанынан оҕуолуур, дууһабыт айманар… Бу олоххо киһи ийэтэ, аҕата суох буоллаҕына, ийэ сирин силиһин сүтэрэр… тыынарыгар да олус ыарахан буолар эбит…
Биһиги аҕабыт 2021 сыллаахха искэн ыарыытыттан суох буолбута. Кини баара буоллар көмөлөһүө, тохтотуо этэ диэн эмиэ саныыбыт… Ийэбит соҕотох хаалбытын кэннэ, “биһиэхэ, оҕолоргор куоракка көһөн кэл” диэн төһө эмэ ыҥыра сатаабыппыт үрдүнэн, “билигин ыллым да дьиэбин, үлэбин быраҕан, хайдах көһөн хаалыахпыный, кэтэһэ түһүҥ” диэн аккаастана, батына турбута. Арай бу үөрэх дьылын түмүктээн баран көһөр былааннааҕа…
Биһиги ийэбит 40-тан тахса сыл устата үүнэр көлүөнэни иитиигэ, кырачааннары билии байҕалыгар уһуйууга олус бэриниилээхтик, таһаарыылаахтык, эҥкилэ суох үлэлээн кэлбитэ. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үлэтин бэтэрээнэ, алын кылаас үрдүк категориялаах учуутала. Тарбахха баттанар баай уопуттаах учуутал, биэнсийэҕэ тахсан да баран, 1987 сылтан эҥкилэ суох үлэлээн, Кутанатын оскуолатыгар быйыл бүтэһик выпуһун таһаараары сылдьыбыта… Кини уопсастыбаннай олоххо олус көхтөөҕө. Түөлбэ салайааччытынан, идэлээх сойууска актыыбынай чилиэнинэн, алын сүһүөх учууталларын методическай холбоһугун салайааччытынан үлэлээбитэ. Кинини хас да көлүөнэ үөрэнээччи махтал тылларынан ахтар.
Хонтуруол тоҕо суоҕуй? Күндү киһибит олоҕун быспыт киһийдэҕи, төһө да аймахпыт буоллар, оскуоланы бүтэриэҕиттэн билсибэт-көрсүбэт, кэпсэппэт этибит. Кини хаста даҕаны араас ыстатыйанан сууттанан хаайылла сылдьыбыта. Хаайыыттан тылланан туран анал байыаннай дьайыыга кытта барар. Онно сыл аҥаара курдук сулууспалаан баран, көҥүлгэ көччүйэ тахсар. Ити кэлэн, икки киһи тыыныгар турда!
Бүдүрүйбүт көммөт дииллэр. Биир бэйэм, маннык рецидивист накаастабыла сотуллан кэлбит да буоллаҕына, тоҕо ким да хонтуруоллаабатын, арыгылыы-арыгылыы уопсастыбаҕа кутталы үөскэтэ сылдьыбытын олох кыайан өйдөөбөппүн. Маннык киһи көммөт, онон уопсастыбаҕа төннөрө кутталлаах.
Сууттана сылдьыбыт дьон, төһө да анал байыаннай дьайыыга сулууспалаан кэлбиттэрин иһин, тоҕо күүстээх хонтуруолга ылыллыбаттарый? Тоҕо?!
Билиҥҥи олох ыарахан. Киһи санаатаҕына да ыарахан. Киһи билиҥни олоххо, бэйэтэ бэйэтин илиитинэн эрэ кииристэҕинэ көмүскэнэр күнэ-түүнэ үүннэ.
Оҕолоро.
Сүтүктээхтэр суруктарын ис хоһоонугар олоҕуран бу дьыала хайдах салаллан эрэрин Сунтаар улууһун прокуратуратыттан чуолкайдастыбыт. Улуус прокурора Дьулустан Николаевич Максимов :
– Бу Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгэр буолбут быһылаанынан холуобунай дьыала тэриллэн силиэстийэ бара турар. Буруйдаах билигин СИЗО-ҕа хааллан сытар, киниэхэ Российскай Федерация Холуобунай кодексын 105 ыстатыйатынан 2 чааһынан «а» пуунунан (ол эбэтэр икки киһини өлөрүү) буруй тиксэриллиннэ. Бүгүҥҥү туругунан дьыалаҕа силиэстибиннэй дьайыылар бара тураллар, экспертизалар анаммыттара. Олор түмүктэринэн холуобунай дьыала Саха сирин Үрдүкү суутугар көрүллэ ыытыллыа. Дьыала силиэстийэтин хардыыта прокуратура хонтуруолугар турар.