Суруйааччы Иван Алексеев төрөөбүтэ 90 сыла

Бүгүн балаҕан ыйын 26 күнүгэр  биир дойдулаахпыт биллиилээх поэт, драматург, суруналыыс, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, Сунтаар оройуонун бочуоттаах олохтооҕо Иван Гаврильевич Алексеев төрөөбүтэ 90 сылын туолар.

Иван Гаврильевич 1933 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр Сунтаар улууһун Хаҥалас нэһилиэгэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1951 сыллаахха орто оскуоланы, онтон доруобуйатын туругунан тохтуу-тохтуу, Саха государственнай университетын 1961 сыллаахха бүтэрбитэ. Ол кэннэ биэнсийэҕэ тахсыар диэри тэлэбиидэнньэ уонна араадьыйа кэмитиэтигэр 32 сыл эрэдээктэринэн үлэлээбитэ.

Бүгүн биһиги Иван Гаврильевич автобиографиятыттан оҕо сааһын, оскуолаҕа үөрэммит сылларын суруйбутун таһаарабыт. Ахтыы Элгээйитээҕи кыраайы үөрэтэр “Туойдаах Алаас” түмэлтэн ылылынна.

Оскуолаҕа үөрэммит сылларым

Мин эһэм Федор Ершов (Дьоссуок ойуун) Өлүөхүмэттэн Сунтаарга, Кутанаҕа, онтон Быычыкка, кэлин Угут Күөлгэ кэлэн олохсуйбут нуучча киһитэ дуу, бааһынай дуу эбит. Үүт-үкчү нуучча курдук бэрт кыанар киһи үһү, кэлин саха ойуунугар уһуйтаран, үөрэттэрэн ааттаах улахан сүрдээх-кэптээх ойуун буолан тахсыбыт. Кини барыта уон биир оҕолооҕо үһү. Биир уола мин аҕам Гаврил Алексеевич эбит. Кини араспаанньата Филиппов дуу, Ершов дуу эбитэ буолуо. Ону Хаҥалас нэһилиэгэр Кучукаан диэн сиргэ олохтоох Егоровтар (Бырдалар) уол гына, иитэ ылбыттар. Онон аҕам Егоров Гаврил Алексеевич буолан хаалбыт. Кинини Бырда Баһылай уола Алексей Егоров ииппит. Аҕам олус үлэһит, сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт дьон киһитэ этэ.

1942 с. сайын бэс ыйыгар кини иккис хомуурга Кыһыл Армияҕа ыҥырыллан немец фашистарын утары сэриигэ барбыта. Бастаан ийэбэр суруйар этэ. Онтон ити дьыл ахсынньы ыйга Москва анныгар сэриигэ өлбүтэ. Түөрт кыра оҕону кытта аҥаардас хаалбыт ийэм Анна Егоровна Егорова күһүнүгэр миигин Хаҥалас начальнай оскуолатыгар үөрэххэ киллэрбитэ. Аҕам сэриигэ баран истэҕинэ дьон этэллэрэ үһү: “Дьэ бу, Хабырыллаҕа баар ыарахан суол. Кэргэнэ түөрт кыра оҕону кытта хаалла”, — диэн. Онуоха аҕам хардарар эбит: “Оҕолорбун Сэбиэскэй былаас иитэлиэҕэ, киһи-хара буолуохтара”. Оскуолаҕа киирэрбэр ити сайын эһэм Алексей өлбүт буолан дуу, хайдах дуу, мин туран араспаанньабын Алексеев диэн бэйэм уларытан суруйтаран кэбиспитим. Ким да утарбатаҕа, онон билиҥҥэ диэри Егоров оннугар Алексеевынан сырыттаҕым ити.

Дьэ ити 1942 с. балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хаҥалас начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Учууталым Александра Николаевна Петрова диэн эдэр кыыс этэ. Кылааспыт аҥаар өттүгэр – бастакы кылаас оҕолоро, аҥаар өттүгэр – үһүс кылаастар олорон үөрэнэрбит, бэркэ кыһалларбыт. Бастакы тэтэрээт, буукубаар, чуораан тыаһа олус да күндү, кэрэ буолаллара. Бастакы кылааска нэдиэлэҕэ сиирбэр икки-хас лэппиэскэ, арыы оҕото ыһыктанан, күтүөм аах диэн ааттанар Михайловтарга олорон үөрэммитим. Дьиэбин, ийэбин олус ахтар быһыылааҕым. Өрөбүлгэ дьиэбэр Кучукааҥҥа сатыы тиийэрим. Атахпынан син үчүгэй буоламмын, ыраах сири түргэнник хааман дьиэбэр күн киириитэ тиийэрим. Ийэм кэһиитин быыкаа туос ыаҕайачааҥҥа арыы оҕото, сороҕор кус буута, үөлүллүбүт балык сыыһа ууран сиэтэр олус күндү, минньигэс буолара. Балтым Таня, бырааттарым Вася, Софрон кыракый этилэр. Ол да буоллар, Кучукаан үрэҕэр Куйбышев аатынан холкуоска сир ылан оттуур этибит. Биһиги, оҕолор, от мунньарбыт, бугул таһарбыт. Оччотооҕу үрэх уута дириҥ, дулҕата бөдөҥ буолара. Биһиги үрэххэ батыллан да хаалыах курдукпут. Оччотооҕуга сэрии ыар дьыллара буолан, улахан киһи үксэ кэриэтэ сэриигэ баран,  биһиги кыһаммакка, улахан дьон курдук үлэлии сатыырбыт, ийэбитигэр көмөлөһөрбүт. Күһүн холкуос биригэдьиирэ Данил Андреевич Егоров кэлэн, оттообут сирбитин кэмнээн, биэс гектарга үлэ күнүн ааҕара. Дьиэбититтэн чугас соҕус Күөрэлээх диэн сиргэ аны холкуос сүөһүтүн бостууктуур этибит. Мин сүөһү ааҕар, түптэлиир этим. Биир да сүөһүнү итэппэтэхпит иһин, күһүн тиийэн биһиэхэ кыра эт бириэмийэ биэрэллэрэ. Үлэ күнүгэр аанньалаах туох да дохуот кэлбэт этэ.

Бастакы кылааска ол Сүөдэрдээххэ олорон, бииргэ үөрэнэр Ирина кыыстарыгар уруогу этэн биэрбэтэҕим иһин, миигин кыыс аҕатыгар үҥсүбүтэ. Сүөдэр сүүрэн батыгыратан кэлэн миигин улахан линейканан куйахабын хайа охсон кэбиспитэ, хааным ыһылла түспүтэ… Онно аан маҥнай билбитим, аҕата суох куһаҕанын, дьиикэй, хабыр дьон кыра оҕону атаҕастыылларын. Бу ытаабыппын билигин даҕаны хам-хаадьаа санаан ааһабын. Бастакы кылааһы бүтэрэрбэр ударник диэн биир тэтэрээти, биир химическэй харандааһы бириэмийэ биэрбиттэрэ. Үөрүүлээҕэ дьикти этэ. Иккис кылааска ийэм миигин атын ыалга көһөрбүтэ, эмиэ кыра, тииһиммэт аһылыгынан олорон үөрэммитим. Үһүс кылааска миигин, кыһыл армеец оҕотун, кэмниэ-кэнэҕэс дьэ  оскуола интэринээтигэр ылбыттара. Бары кыаммат, тулаайах оҕолор этибит.  Оҕолор кыһын күнүс аһаан баран, тиэргэҥҥэ тахсан оонньуур, лапталыыр идэлээх этибит. Ол сылдьан миигин мээчигинэн бырахта диэн биир кыыс учууталга үҥсүбүт. Киэһэ аһылыкпытыгар сэлиэһинэй бурдук лэппиэскэтэ, буһуу арыы сии олордохпутуна учууталбыт А.Н. Петрова интэринээккэ киирэн кэллэ, били үҥсүүнэн мин аһылыкпын былдьаан ылла, буобарга биэрэн хататан кэбистэ. Бэйэбин оскуола үрдүнэн аатырбыт абааһылаах, чөчүөккэлээх кылааска киллэрэн хаайан кэбистэ, тахсан барда. Мин олус куттанным… Ыйдаҥа баҕайы сып-сырдык түүн этэ. Арыый кэҥээтим. Өр да өр хааллан турдум. Хата, дьолбор биир да абааһы кэлбэтэ, кылааска туох да тыаһаабата… Учууталым миигин таһааран интэринээппэр киллэрбитэ, оҕолор утуйбуттара ырааппыт. Буобарым былдьаммыт аспын хаһан да биэрбэтэҕэ… Арай куттанан сүрэҕим эҥин ыалдьан, устунан салҕа ыарыһах да буолуом баар эбит. Ол түүн, хата, абааһыны, таҥараны итэҕэйбэт буоларга үөрэммит быһыылаахпын.

Төрдүс кылааһы туох даҕаны моһуога суох бүтэрбитим. Улуу Кыайыы күнүгэр оскуолаҕа митинг тэриллибитэ. Дьон үөрэн-көтөн тыл этэллэрэ. Биһиги Куйбышев аатынан холкуос киһитэ С.П. Игнатьев тыл этэригэр “Табаарыс Гитлер” диэн эппитин олус сөхпүппүн өйдүүбүн.  Онтон көннөрүнэн “сидьиҥ өстөөх Гитлер хампарыйда” диир этэ.

Пионер, үчүгэй соҕус үөрэнээччи аатынан начальнай кылааһы бүтэрбитим. Күһүнүгэр Элгээйи сэттэ кылаастаах оскуолатыгар интернакка олорон үөрэнэ киирбитим. Кыһанар этим. Алтыс кылааска сырыттахпытына оскуолабыт умайан хаалбыта, биир дьахтар, икки оҕо умайан өлбүттэрэ. Биһиги интернакка  көһөн үөрэммиппит. Сэттис кылааска үөрэнэ сылдьан комсомолга киирбитим. Биһиги нуучча тылын үөрэтэр А.С. Руфованы, математик М.С. Григорьевы, саха тылын биэрэр Р.П. Максимованы, историк Я.И. Алексеевы сөбүлүүр этибит. Сааскы экзаменнарга тоҕо эрэ алгебраҕа Дима диэн уоллуун күһүҥҥү экзамеҥҥа хаалбыппыт. Сайыны быһа, холкуоска үлэлии-үлэлии, экзамеҥҥа бэлэмнэммитим. КүһүнМ.С. Григорьев учууталга алгебраны туйгун сыанаҕа туттаран баран, Сунтаар 10 кылаастаах оскуолатыгар салгыы үөрэнэ киирбитим. Табаарыһым Дима кыайан туттарбакка эмиэ хаалаахтаабыта. Кэлин ханна тиийбитин билбэппин.

Сунтаар орто оскуолатын интернатыгар олорбутум, тоҕо эрэ, миэстэ суох буолан эбитэ дуу, онус кылаас уолаттарын кытта биир хоско түбэспитим. Олус көрдөөх этэ. Оскуола үрдүнэн тахсар “Светлый путь” диэн эркин хаһыатын редакторынан миигин анаан кэбиспиттэрэ. Бастакы хоһооммун таһаардым быһыылааҕа. Онтон оройуоннааҕы “Сталин суола” хаһыакка “Быыбар частушкалара” диэн бастакы хоһоонум бэчээттэммитэ. Аан бастаан үс солкуобай гонорар ылбытым. Хоһооммун частушка матыыбынан интернакка олорор кыргыттар ыллыыр этилэр, ол истэрбэр үчүгэйэ бэрдэ. Онтон 1953 с. “Эдэр большевик” хаһыакка аан маҥнай “Махтал” диэн хоһоонум бэчээттэммитэ. Орто оскуола оччотооҕу түбүгэ элбэх этэ. Араас комсомольскай эҥин мунньахтар, миитиннэр буолаллара. Оскуолаҕа литературнай круһуок үлэлиирэ. Саха тылын биэрэр, кэлин Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала буолбут Николай Егорович Саввинов ол куруһуогу олус кэрэхсэбиллээхтик салайара. Улахан уолаттары кытта мин эмиэ, ахсыс кылаас үөрэнээччитэ, сылдьыһар этим. Дьиҥэ даҕаны, ол куруһуок оҕолорго элбэх кэрэни биэрбитэ. Онно Владимир Павлов, Николай Васильев, Петр, Егор Саввиновтар, Николай Шадринов, хоһооннорун ааҕаллара, куруһуокка Николай Егорович бэрт дьоһуннаахтык ырытара. Оскуолаҕа Ксения Ивановна Еремеева, Илья Ильич Яковлев, Виссарион Васильевич Сельяхов, Дмитрий Васильевич Кокорин, Вера Васильевна Парфенова, Иван Макарович Яковлев, Иннокентий Афанасьевич Колодезников курдук учууталлары оҕолор бары бэркэ сөбүлүүрбүт, убаастыырбыт. Илья Ильич өссө оройуон кулуубугар концертарга кыттан, кэрэтик ыллыыр этэ.

Тохсус кылааһы бүтэрэн баран, ыалдьан биир сыл тохтуурга тиийбитим. Сэрии сылларыгар аҥаардас турнепс буһаран сиирбит, аас-аччык олох, элбэх киһи хоргуйан өлүүтэ, эмп-томп, фельдшер эҥин суоҕа биһиги оҕо сааспытыгар улахан охсуулаах, сордоох этэ.  Ийэбэр Хороҕо тахсан баран, күһүнүгэр онус кылааска киирбитим. Онуска сылдьан саас эмиэ ыалдьан хаалбытым. Өрүс үрдүнээҕи интернаттан оҕолор Ксения Максимова, Вера Болурова, о.д.а. аһылыкпын таһан аһаталлара. Ситии-хотуу аттестатын ылар госэкзаменнары ороҥҥо сытан эрэ нэһиилэ, санаа муҥутуур күүһүнэн ааҕарым, экзамен күнүгэр оҕолорго өйөтөн тахсан, оскуолаҕа предметинэн туттаран киирэрим. Ол курдук сордонон, бары предмети туттаран, ситии-хотуу аттестатын ылбытым. Үөрэнэ барарга ханнык да кыах суоҕа. Оскуола дирекцията, ордук Николай Николаевич Антипин учуутал мин туспунан Дьокуускайтан кэлэ сылдьар Анжелика Иосифовна Зеелева бырааһы кытта кэпсэппиттэрэ. Мин интернакка сыппытым. Саатар, ол саас элбэх үчүгэйкээн уолаттар интернат ампаарыгар сытан өлөн хаалбыттара. Быраһаай тииккэ илдьэн көмөн иһэр быһыылаахтара. Мин ыксаабытым. Били, Дьокуускай бырааһыгар телеграмма ыыппытым. Сотору буолаат, Анжелика Иосифовна миигин сэллик балыыһатыгар ыҥырар телеграммата кэлбитэ.  Интернат завхоһа Семен Гаврилович Кривошапкин төрүт да ыарытыган бэйэтэ миигин бэркэ кыһаллан, түбүгүрэн суолга атаарбыта. Куул аҥаара суухара, хас да киилэ буһуу арыы, саахар биэрэн, борохуокка аһыыр ыһыктаабыта. Борохуокка өйөөн киллэрсэн баран, хараҕын уута тахсыбытын өйдөөн хаалбыппын. Күтүөм Г.Е. Федоров бэйэтэ кэтэр эргэ суппуунун, кыра харчы биэрэн атаарбыта. Элгээйигэ тиийэрбэр борохуот тохтуу түспүтүгэр ийэм дьону кытта тыынан киирсэн, борохуокка сыстан суорҕан, сүөгэй биэрбитин өйдүүбүн. Билиҥҥээҥҥэ тиийиэх буоламмын эбитэ дуу, ийэм Анна Егоровна хайдах эрэ холку курдук этэ. Төһө да дьүдьэйэн, мөлтөөн иһэрбин көрдөр да, биир-икки тылынан кэпсэттэр даҕаны, ытаабатаҕа, сүрэҕэ-быара бөҕөх быһыылааҕа. Олоххо күн ийэ барахсан амарах, кэрэ, сылаас сүрэҕэ хаһан да сыыстарбат буолар.

Дьэ ити курдук, 1953 сыл бэс ыйыгар ыар ыарыыттан – тыҥа сэллигиттэн, сис уҥуоҕун сэллигиттэн, эбиитигэр моой быччаххайыттан быыһанан, киһи буолаары, күҥҥэ, олоххо тардыһаары, Дьокуускайдааҕы сэллик республикатааҕы балыыһатыгар борохуотунан айаннаабытым. Ол үөрэммит оскуолам барахсан истиҥ кыһамньыта, өлөн эрээччигэ сылаас илиитин уунуута, этэргэ дылы,  салгыы тыын киллэриитэ этэ.  Ол саас мин уон тоҕус сааспар саҥа үктэммит сэрии тулаайаҕа уол этим, ийэм үөрэҕэ суоҕа, аҕам Москва анныгар сэриигэ 1942 сыл ахсынньыга өлбүт ыар кэмэ этэ.

Иван АЛЕКСЕЕВ, СР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ,

ССРС Суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ.

1991 сыл атырдьах ыйын 4 күнэ. Дьокуускай куорат.

Читайте дальше