Улууспутугар суолга сэрэхтээх буолуу күнэ, тиһигин быспакка күннэтэ ыытылла турар. Ол курдук, араас өрүттээх үлэ нэһилиэнньэлээх пууннарга нэһилиэк дьаһалтатыттан саҕалаан уһуйаан оҕолоругар тиийэ ыытыллар.
Бу күннэргэ суол сулууспатын үлэһиттэрэ, паром сырыытын баттаһа өрүс уҥуор сытар Түбэй Дьаархан, Сиэйэ уонна Түбэй нэһилиэктэригэр сылдьан саҕалаатылар. Бу туһунан, Сунтаардааҕы ГИБДД сулууспатын салайааччыта, полиция хапытаана Сахайан Александров иһитиннэрэр.
«Бу тэрээһин сүрүн сыала-соруга, дьоҥҥо-сэргэҕэ суол быһылаана сэрэхтээҕин, ону таһынан ГАИ үлэтин сүрүн соругун дьоҥҥо тириэрдии буолар. Бары билэрбит курдук ГАИ үлэһиттэрэ түүннэри-күнүстэри суолга быһылаан тахсыбатын туһугар туруулаһабыт. Бу маннык тэрээһин нэһилиэнньэни ГАИ үлэтин тула түмэр уонна ыкса ситимниир. Ол курдук, олохтоох дьаһалтаттан саҕалаан уһуйааҥҥа тиийэ араас көрсүһүүлэри тэрийэн ыыттыбыт. Нэһилиэк баһылыктара уулусса уоттарын, суол бэлиэлэрин, суолу-ииһи көрүү-харайыы боппуруостарыгар үгүһү, саҥаны билэн, тустаах дьаһаллары ылыныахтара диэн эрэнэбит. Маны сэргэ нэһилиэккэ элбэх, эргэ тиэхиньикэ баарын көрөн, учуоттан устарга сайабылыанньа ыллыбыт. Миэстэтигэр кэлэн маннык судаарыстыбаннай өҥөнү оҥорорбутун, олохтоох дьон олус сэргээтэ. Оҕолору кытта көрсүһэрбит, кинилэргэ суол быраабылатын кэпсиирбит эмиэ булгуччулаах. Уһуйааннарга сылдьан, араас оонньуу көмөтүнэн иитиллээччилэргэ суол быраабылатын туһунан билиилэрин-көрүүлэрин хаҥаттыбыт, ГАИ үлэтин сырдаттыбыт. Маны таһынан күн иккис аҥаарыгар, нэһилиэк көхтөөх дьонун кытта көрсөн, бэрт сэргэх кэпсэтиилэр ыытылыннылар. Дьон үксүн бу көрсүһүүгэ суол-иис хаачыстыбатыгар, уокка-күөскэ болҕомто уурда. Итини сэргэ ходуһалартан бэдэрээлинэй суолга тахсар сирдэргэ кутуу суол суоҕун ыйан, онно куттал үөскүүрүн ыйдылар. Бу маннык көрсүһүүлэр биһиги үлэбитигэр олус надалаахтар. Хас биирдии дьон этиитэ биһиэхэ саҥа үлэни, саҥа соруктары туруоран улэлиирбитигэр олус үчүгэй. Бу тэрээһин ахсынньы 1 күнүгэр диэри барар. Мантан кэлин атын нэһилиэк дьоно, өссө да көхтөөх кыттыыны ылыахтара диэн эрэнэбит. Суол сабыллыар диэри Сунтаар нэһилиэгиттэн уҥуор сытар нэһилиэктэргэ сылдьыахтаахпыт. Убаастабыллаах суоппардар, суол бары кыттыылаахтара! Дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар сэрэхтээх буоларгытыгар ыҥырабыт. Билигин ардахтаан, хаардаан суол туруга халтыраан буолан турар кэмигэр, скоростной режимы тутуһан, көлүөһэлэргитин бириэмэтигэр уларытан, суол быраабылатын тутуһан айаннааҥ».
«Суол — олох хорук тымыра» диэн мээнэҕэ этиллибэт, күн-дьыл уларыйар кэмигэр дьон олоҕор куттал суоһаабатын туһугар, бэйэ-бэйэни харыстаһан уонна суол сулууспатын үлэһиттэрин үлэтин сыаналаан суолга-иискэ сэрэхтээх буолуоххайыҥ.
Елизавета ТИТОВА.