Бу сыл саҕаланыаҕыттан Сунтаар улууһугар 25 суол быһылаана таҕыста, ол иһигэр 8 саахалга 8 киһи араас эчэйиини ылла. Хомойуох иһин оҕолор эчэйиилэрэ тахса турарын бэлиэтиибит. Бу сылга 2 оҕо суол быһылааныгар эчэйдэ.
Балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри «Болҕойуҥ — оҕолор!» диэн анал иитэр-үөрэтэр үлэ бара турар. Үөрэх араас кыһаларыгар кылаас чаастара, куоҥкурустар уо.д.а араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. Ону таһынан ГАИ үлэһиттэрэ тимир көлөнөн оҕону сидиэнньэҕэ олордуу быраабылатын, суоппардар сатыы дьоҥҥо сэрэхтээх, болҕомтолоох буолалларын кэтээн көрүөхтэрэ.
Халлаан тымныйар, дьыл уларыйар кэмигэр суолга куттал тахсара улаатар. Ол курдук 5 сыллааҕы үөрэтии түмүгүнэн, Сунтаар улууһугар суол быһылаана үрдүөн сөп диэн сэрэтэбит. Сүрүн саахалынан суоппар массыынатын «скоростной режимын», о.э. түргэнин тутуспакка суолтан туораан төкүнүйүү түмүгэр уонна сатыы сылдьар дьону түҥнэри көтүүтүттэн буолар эбит. Ону таһынан итирдэр утахтары иһэн уруулга олорууттан араас быһылааннар тахсыахтарын сөп.
Онон сиэттэрэн, Сунтаар улууһун бары олохтоохторун уонна ыалдьыттарын суолга сэрэхтээх, бэйэ-бэйэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыҥ диэн ыҥырабыт.

Сунтаардааҕы ГАИ сулууспата

Читайте дальше