«Сунтарцеолит» үбүлүөйдээх сыла

Арассыыйа үрдүнэн 5 цеолит минералы хостуур сир баар эбит буоллаҕына, олортон биирдэстэрэ биһиги улууспутугар хостонор. Бу дьикти, айылҕаҕа сэдэхтик көстөр сир баайын Сунтаар улууһугар XXI үйэ минерала цеолит Кэмпэндээйи Хоҥоруу диэн сиригэр 1979 сыллаахха саха учуонайа, геолого-минералогическай чинчийии доктара Ким Колодезников арыйбыта.

Билигин цеолит олоххо-дьаһахха туһатынан, киэҥник туттуллар. Оттон 1989 сылтан «Сунтарцеолит» СӨ хааччахтаммыт эппиэтинэстээх уопсастыба тэриллэн үлэлээбитэ номнуо 35 сыла буолла. Бу сыллар тухары дойду үрдүнэн производствоҕа экономическай кириисистэри тулуйан, дьаныардаахтык дьаһанан, 3 салайааччы Михаил Акимов, Евгений Иванов уонна билиҥҥи салайааччы Петр Попов салайан кэллэ.
Күн бэҕэһээ, бу күнү бэлиэтиир, үбүлүөйдээх дьоро тэрээһин Кэмпэндээйитээҕи чох хостуур карьерыгар буолан ааста. Үөрүүлээх күҥҥэ 35 сыл тухары промышленнай тэрилтэ сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрсибит, үлэлээн ааспыт хоһуун дьон ааттарын үйэтитэр уонна кэм кэрдии суолунан таас чох баай историятын сэгэтэр өйдөбүнньүк сэргэни туруордулар. Маны тэҥэ, үлэһиттэр олорор икки мэндиэмэннээх саҥа дьиэ арыллыыта буолла. Үөрүүлээх түгэни сахалыы сиэринэн алгысчыт Михаил Евсеев — Курааһай аал уот оттон алгыс тылы анаата. Тэрээһиҥҥэ ыаллыы сытар Ньурба улууһуттан уонна Тааттаттан чоҕу хостуур тэрилтэ салайааччылара ыҥырыылаах ыалдьыт буолан үөрүүнү тэҥҥэ үллэһиннилэр. Чэпчэкитэ суох идэлээх, хорсун-ходуот бастыҥ үлэһиттэргэ үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уонна тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэ тылы, махтал суруктары, наҕараадалары туттардылар.
Салайааччы Петр Попов “Олохтоох каадырдары-промышленноска” диэн этиитин билиҥҥи кэмҥэ саамай тоҕоостооҕун бэлиэтии көрүөххэ сөп. Ол курдук «Сунтарцеолит» тэрилтэ 100-чэ олохтоох уолаттары, күтүөттэри биир санааҕа, сүбэҕэ ылан, күн бүгүн таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы олорор. Тэрилтэ тиэйэр-таһар, суол-иис, тутуу уо.д.а. барыта холбоон 7 араас үлэ көрүҥэр ылсан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ промышленность сайдарыгар төһүү күүс буолара саарбаҕа суох.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше