Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн национальнай бырайыактар олоххо киирэллэр. Олортон биирдэстэрэ – «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак.
Сунтаарбыт улууһугар суол-иис ситимигэр сайын аайы былааннаах үлэ ыытыллар. Туох, ханнык үлэ бара турарын “Сунтаравтодор” генеральнай дириэктэрэ Феликс Павлов билиһиннэрдэ.
– Быйыл сайыҥҥы сезоҥҥа ханнык учаастактарга үлэ бара турарый?
– Быйыл сүрүн аспаал үлэтэ Бүлүү федеральнай трассатыгар Бүлүү куоратыттан тахсааһыныгар бара турар. 10 км усталах аспаал бүрүөһүннээх суол. 2022 с. аукциоҥҥа кыайан, бэс ыйтан үлэбит саҕаламмыта. 2023 с. күһүнүгэр аспаал собуотун туруоран, быйыл сайын суол ураты үлэтин саҕалаабыппыт. Уопсайа араас идэлээх 80 киһи үлэлии-хамсыы сылдьар. Бу атырдьах ыйга үлэбит барыта ситэн, туттарыахтаахпыт. Иккис сылын ХИФУ үөрэх кыһатын кытта дуогабар түһэрсэн сайын аайы устудьуоннар кэлэн практикаланаллар. Быйыл уопсайа суол эйгэтигэр үөрэнэр 12 устудьуон үлэлии сылдьар.
– «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн Бүлүү федеральнай трасса Кириэстээх кэрчигэр баар суолугар аспаал кутуллуохтаах. Бу төһө килэмиэтирдээх суолга ааспаал кутуллуохтааҕый? Билиҥҥи туругунан манна туох үлэ барда?
– Кириэстээҕинэн ааһар федеральнай трассаҕа 3 км усталаах суол аспаалланыахтаах. Билигин бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Сотору кэминэн ресайклер диэн тиэхиньикэнэн цементобетон кутуллуохтаах. Ол кэннэ атырдьах ыйыгар аспаал кутуута буолуоҕа. Былаан быһыытынан балаҕан ыйыгар үлэ түмүктэнэн, туттарыллыахтаах.
– Феликс Эрикович, сайыҥҥы түбүктээх кэм быыһыгар тэрилтэ үлэтиттэн билиһиннэрэ түспүккэр махтанабын. Ылсыбыт үлэҕит табылыннын, былааҥҥыт туоллун!
Алена ИВАНОВА