Үүнэн эрэр көлүөнэни дойдуга бэриниилээх буолууларын бөҕөргөтөргө «Юнармия» хамсааһын суолтата улахан. Бүгүн Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн көрсө Сунтаар байыаннай патриотическай кулууптарын улахан слета буолла. Бу күн юнармия кэккэтигэр эбии оҕолор киирдилэр. Долгутуулаах түгэнинэн саҥа киирбит оҕолор андаҕар тыл этиилэрэ буолла.

Түмүккэ, юнармия кэккэтигэр киирбит оҕолорго түөскэ кэтэр бэлиэ туттардылар. Тэрээһиҥҥэ кэлбит ыалдьыттар оҕолорго юнармия аатын чиэстээхтик илдьэ сылдьалларыгар баҕа санааларын эттилэр. Санатан этэр буоллахха, дойду үрдүнэн юнармия хамсааһын дойду 85 субъегар үлэлиир. Манна 1 мөл. тахса оҕо сылдьар. Сунтаарга бүгүҥҥү күн туругунан 260 оҕо юнармия кэккэтигэр баар. Улахан слекка Элгээйиттэн, Сиэйэттэн, Уустуйаттан, Хороттон, Тойбохойтон уо.д.а оскуолалартан юнармия кэккэтигэр сылдьар оҕолор киирдилэр. Бу күн оҕолор бириэмэҕэ аармыйа күннээҕи олоҕор туттуллар автомат ыһыытыгар-таҥыытыгар, автоматы буулдьанан толорууга, эт-хаан өттүнэн бэлэмнээх буолууларын тургутууга сиртэн анньыныыга, тардыныыга   күрэхтэстилэр. Холобурга сылдьар Элгээйи оскуолатын  юнармия оҕолоро эт-хаан өттүнэн сайдыылаахтарын, бэлэмнээхтэрин, эргиччи үрдүк таһымнаахтарын кэлбит оҕолорго, ыалдьыттарга көрдөрдүлэр.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше