Аныгы кэмҥэ араас кэрэ тутуулаах дьиэлэр сылтан – сыл аайы элбииллэр. Тутуу технологията тупсан, матырыйаал арааһа, дэлэйэ, киһи баҕарбыта эрэ барыта баар. Тыа да сиригэр толору хааччыллыылаах, киэҥ-куоҥ, ис-тас өттүн кэрэ көстүүлээх дьиэни туттуохха сөп. Бу маннык туттарга үгүөрү үп-харчы ирдэнэр. Ол эрэн сөпкө учуоттаан, эрдэттэн толкуйдаан, былааннаан дьаһаннахха барыта сатанар, кыаллар. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыттарбыт былырыын, саҥа аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээх дьиэни туттан киирбит – Айта уонна Игнат Федоровтар.
– Биһиги дьиэ кэргэн туһунан билиһиннэрдэххэ, мин аатым Федоров Игнат Александрович, кэргэним Гуринова Айта Гаврильевна биһиги икки кыыс оҕолоохпут. Улахан кыыспыт Милена Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ, кыра кыыспыт Яна, 2 саастаах, «Ньургуһун» оҕо сайдар киинин иитиллээччитэ.
Дьиэбитин 2020 сыллаахха туттан саҕалаабыппыт, икки этээстээх, 7х8 уонна 4х6 сыста турар гараастаах. Уһаайбабыт барыта ойуур, дулҕа этэ, ол иһин сирин тэҥнээн кумах, гравий куттаран оҥостубуппут. 2021 сылтан бэс ыйыттан үлэ саҕаламмыта, ол сайын холлоҕоһо турбута уонна ититиитэ эрэ киирбитэ, онтон кыһынын ис үлэтигэр сылдьыбыппыт. 2022 с. барытын бүтэрэн Саҥа дьыл иннинэ дьиэбитигэр киирбиппит.
Аҕам Федоров Александр Афанасьевич ИП буолан дьиэ тутуутугар үлэлээбитэ ыраатта, Сунтаарга биллэр уус диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Дьиэ тутуутугар аҕабын кытта бэйэбин өйдүөхпүттэн сылдьыһабын. Миигин тутууга 7-с кылаастан илдьэ сыдьар буолбута, 6-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына биригээдэни биир ый ас астаан аһатан турардаахпын.
Биһиги ипотека, кирэдьиит ылбаккабыт туттубуппут, матырыйаалларбын кыра-кыра эрдэ ылан хаһааммыт буолан үпкэ- харчыга улахан ыарахаттары көрсүбэтэхпит.
Тутуу чааһыгар бэйэбит элбэх дьиэни туппут буолан, мас оҥоһугун барытын бэйэбит оҥорбуппут, төрөппүттэрбит, табаарыстарбыт, аймахтарбыт көмөлөрүнэн тутуллубут дьиэ буолар. Сыыйа-баайа 2 сыл тухары матырыйаалларбытын үксүн барытын Дьокуускай куораттан, арай түннүктэрбитин Новосибирскайтан сакаастаан ылбыппыт. Маспытын дьыалабыайы атыылаһан бэйэбит оцилиндровкалаабыппыт. Дьиэ ис өттүгэр саамай көмөлөспүт аҕам буолар, наличниктан саҕалаан остуолга, олоппосторго тиийэ барытын аҕам оҥорон көмөлөспүтэ, дьиэ үлэтэ олус уһун буолбута, түүннэри-күнүстэри тохтоло суох үлэ барбыта. Харчы өттүнэн сыана олох атын этэ 2 сыллааҕыта, дьиэ тутуутуттан, уһаайбаттан саҕалаан, миэбэлгэ, тиэхиньикэҕэ тиийэ 2 мөлүйүөн барбыт диэн ааҕынабын. Бу урукку сыананан уонна бэйэбит оҥостубут буолан. Билигин матырыйаал сыаната барыта 1,5-2 төгүл үрдээн турар, саха сатаабата суох, билиҥҥи үйэҕэ барыта баар, буларга тоҕоостоох онон киһи бэйэтэ баҕарбыт дьиэтин туттар кыахтаах.
Саҥа дьиэ туттуон баҕарар дьоҥҥо сүбэлиэ этибит, туттар буоллахха билигин туттар ордук, сылтан сыл сыана олус үрдүүр. Саамай сүрүнэ, дьиэ ис былаанын оҥорорго барытын үчүгэйдик толкуйдуохха наада: хас биирдии муннугу, розеткатыгар тиийэ. Эбэтэр проектировщиктарга оҥотторуохха сөп. Билигин дьиэ туттуута тупсан иһэр, олус кыраһыабай дьиэлэр бааллар. ДВИ-нан баҕарбыт дьиэҕин туттуоххун сөп. Дьиэбит тутуутун видеоларын тик-токка устан угааччыбыт: stolyar_yakutia манна киирэн көрүөххүтүн сөп.
Дьэ бу курдук, тыа да сиригэр тупсаҕай оҥоһуулаах, санаа хоту дьиэ—уот туттан, тэринэн олоруохха сөп. Эдэр ыалга кэпсээҥҥит иһин махтанабын. Тустаах дьон ааҕан, бэйэлэригэр туһаныахтара диэн эрэнэбин. Дьиэ кэргэҥҥитигэр бары үтүөнү баҕарабын!
Алена ИВАНОВА