Сунтаарга — саҥа арт-эбийиэк

Үлэ, Эйэ, Маай бырааһынньыгынан Сунтаар ыччата төрөөбүт-үөскээбит түөлбэлэригэр арт-эбийиэк оҥорон олохтоохтору үөртүлэр. Ол курдук, Бартыһаан түөлбэтигэр Томуһукаан күөлүн туоруур муостаны дьэрэкээн өҥнөөх лентанан симээтилэр. Бу бырайыагы сүрүннээччи айар талааннаах, эдэр ийэ Айылтаана Егорова буолар. Кини айылҕаттан кэрэни көрөр дьоҕурдаах буолан, Сунтаар араас сирдэригэр ураты, хатыламмат кэрэ көстүүлээх арт-уруһуйдары, айымньылаах бырайыактары олоххо киллэрбит кэскиллээх ыччат.

“Мин Сунтаар устун сылдьаммын маннык кэрэ көстүүлээх сир баара буоллар диэн ыра санаа  оҥосторум, ойуулаан көрөрүм. Биир үтүө күн баҕа санаа эрэ курдук иитэ сылдьыбыт ырабын олоххо киллэрэргэ туруннум. Доҕотторбун кытта санаабын үллэстэн баран, муостаны симээбитинэн бардыбыт. Уопсайа 58 ыччат бу үлэҕэ кыттыыны ылла. Ааҕан көрбүппүт 40 тыһ.солк үп баранна” диэн Айылтаана Егорова санаатын үллэһиннэ. Бу салама буотах. Арт-эбийиэк диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Сотору кэминэн муостаны кырааскалыахпыт диэн ыччаттар үөрэ-көтө кэпсээтилэр. Санатан этэр буоллахха, Томуһукаан күөлүн кытыытыгар экологтар искибиэрдэрэ оҥоһулла турар. Искибиэр төһө да ситэ тутулла илик буоллар арт-эбийиэги элбэх дьон кэлэн көрөр. Елена Иванова Бартыһаан түөлбэ олохтооҕо дьүөгэтинээн итии чэйдээх кэлэн дьаарбайа сылдьарыгар түбэстибит: “Сунтаар ыччаттара маннык кэрэ көстүүлээх сири оҥорбуттарыттан олуһун үөрдүбүт. Тутатына дьүөгэбинээн кэлэн көрөргө сананныбыт. Ыччаттар үлэлэрэ өссө да уһуннук турарыгар баҕарабыт. Арт-эбийиэккэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха диэн ыҥырабыт”. Кырдьык даҕаны, баҕа санаа ыраахха көтөрүн бу холобурга көрдүбүт.

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше