Киһи барыта ГАИ тимир кɵлɵтүн кɵрдɵ да долгуйбутунан барар, сорох ременьин кэтэ да олорон харбылыаһар түгэнэ кытта баар. Дьиҥинэ баара быраабыланы барытын тутуһан уу нураллык сылдьыахха сɵп буоллаҕа. Аны кэнники кэмҥэ улахан федеральнай суолларга түргэн сырыыттан суол саахаллара тахса тураллара дьиксиннэрэр. Бу сыл саҕаланыаҕыттан хас да саахал тахсыбытыттан сэттэ киһи суорума суолламмыт.
Сунтаарга бу күннэргэ Сϴ ГАИ анал батальона кэлэн үлэтин саҕалаата. Бу сырыыга кинилэр 360 кыраадыһы эргиччи кɵрɵр камералаах «ураган» диэн тэриллээхтэр. Тэрил кɵмɵтүнэн сибээһэ да суох сиргэ, боротокуола да суох буруйу кэһиини толоруохха сɵп эбит.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА