Сунтаардааҕы киин балыыһа Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн нэһилиэк олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан доруобуйа дьаарбаҥкатын ыытта. Онколог, терапевт, эндокринолог, гериатр, отоларинголог уо.д.а. исписэлиистэр кытыннылар. Дьаарбаҥка — доруобуйаны харыстыыры, чөл олоҕу тутуһары өйдөтөр, сэҥээрдэр уонна онно чэгиэн буоларга тардыһыннарар сыаллаах ыытыллынна. Итини таһынан, ЭКГ-га түстүлэр, саахар , холестерин , ВИЧ-инфекцияҕа, вируснай гепатиттарга анаалыстарын туттардылар. Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ исписэлииһэ Мария Томская “Үһүс көлүөнэ оскуола” чэрчитинэн “Госуслуги”, “К врачу” куйаар ситимин сыһыарыылар нөҥүө бырааска хайдах суруттарыахха сөбүн үөрэттэ. Быраастар сүбэлэрин-амаларын 100-чэ кэриҥэ киһи ылла. 50-тан тахса хаан чинчийиигэ ыытылынна. 30-тан тахса ЭКГ оҥоһулунна, 25 киһи гирииби утары быһыыны ылла.
Дьаарбаҥка кыттыылаахтара: “ Маннык дьаарбаҥкалар сотору-сотору ыытыллаллара буоллар” диэн баҕа санааларын эттилэр.
Ксенья ИВАНОВА,
ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэт сиэстэрэтэ