Сунтаарга быйыл 14 ыалга сэртипикээт туттарылынна

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эдэр ыалы өйүүр сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраамалары көҕүлүүр. Олор  олоххо киириилэрин,  туолууларын тус хонтуруолугар тутар.

Маннык бырагыраамалартан биирдэстэрэ эдэр ыал дьиэ туттарыгар, атыылаһарыгар диэн көрүллэр субсидия буолар.

Бу судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн, быйыл улууспутугар 14 ыал дьиэ тутталларыгар субсидияҕа тиксэн сертификат ыллылар. Маны  дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин биллэрбит Дьиэ кэргэн сылын улууска үөрүүлээхтик аһыы кэмигэр улууспут баһылыга Анатолий Григорьев туттарбыта.

Оттон былырыын 15 эдэр ыал субсидияҕа тиксэн, дьиэ туттарга көмө ылбыта. Бу судаарыстыба өйөбүлүн ылбыт ыалтан  элбэх оҕолоох Петровтар уонна Григорьевтар анал байыаннай дьайыыга сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэрэ буолаллар.

Манна даҕатан эттэххэ, Григорьевтар субсидияны туһанан дьиэлэрин туттубуттар, быйыл ситэрэн-хоторон саҥа дьиэлэригэр киирэр былааннаахтар. Байыас кэргэнэ, оҕолоро аҕаларын этэҥҥэ эргиллэн кэлэрин күннэтэ күүтэллэр. Оттон анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар аҕалаах Петровтар дьиэлэрин тутуутун быйылгыттан туттан саҕалыахпыт диэн этэллэр.

Оттон Василий Слепцов эмиэ бу өйөбүлүнэн туһанан дьиэтин туттан киирбит, өссө салгыы быйыл ситэрэн-хоторон биэриэм диир. “Судаарыстыбаттан эдэр ыалга маннык көмө баара наадалаах. Дойдубут бэрэсидьиэнэ, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана, улууспут баһылыга эдэр ыаллары олус өйүүллэр” диэн элбэх оҕолооох ыал аҕата санаатын этэр.

Дмитрий ЫМЫЧАНОВ

Читайте дальше