Сунтаардар – сийиэскэ

Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи бастакы учредительнэй уонна кэнники буолбут сийиэстэригэр

1922 с. ахсынньы 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи бастакы учредительнэй си­йиэстэрэ үлэтин саҕалаабыта. Талыллыбыт 102 дэлэгээттэн: 55 – коммунист, 47 – баар­тыйата суох этэ; сахата – 58, нууччата – 34 уонна атын омуга – 10; үрдүк үөрэхтээҕэ – 3, орто үөрэхтээх – 47, кыра үөрэхтээх – 51, үөрэҕэ суох – 1, оробуочайа – 11, сулууспалааҕа – 42, сир оҥоһуутунан дьарыктанааччыта – 14, атын дьарыктаахтара – 35.

Сийиэс киэһэ 6 чаас 20 мүнүүтэҕэ оркестр уонна хор Интернационалы сахалыы толоруутунан саҕаламмыт. Бэрэссэдээтэллээччи Совнарком салайааччыта И.Барахов эҕэрдэтин кэнниттэн М.Аммосов уонна К. Байкалов тыл эппиттэр. Сийиэс Президиумугар: М. Аммосов, И. Барахов, П. Ойуунускай, К. Байкалов, С. Донской-I, В.Слепцов, П.Сивцев талыллыбыттар. Секретариакка — Прядезников, Михайлов, Цугель, Михалев, Лепчиков, мандаатнай хамыыһыйаҕа — Гоголев, Халдеев, М. Константинов, редакционнай хамыыһыйаҕа — Брусникин, Стефанюк, Софронов талыллыбыттар.

Сийиэс бастакы мунньаҕар өрөспүүбүлүкэни салайар уорганнар үлэлиир рег­ламеннара быһаарыллыбыт. Саха АССР былааһын үрдүкү уорганынан сылга биирдэ ыҥырыллар Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи сийиэстэрэ буолбута. Сийиэстэр икки ардыларыгар үлэни Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтэ(ЯЦИК) сүрүннүүрэ, кэмитиэти 25 чилиэн­нээн уонна 7 хандьыдааттаан сийиэс талара. Ити чилиэннэртэн ситэриилээх кэмитиэт Президиума талыллара.

Саха АССР үөскээһинин юридическэй өттүнэн бигэргэниитин түмүктээбит улахан суолталаах түгэҥҥэ биһиги биир дойдулаахтарбыт эмиэ дэлэгээтинэн талыллан кыттыыны ылбыттара: Прокопий Михайлович Алексеев, Семен Георгиевич Иванов, Петр Иванович Михалев, Михаил Николаевич Тимофеев-Терешкин, Иннокентий Софронович Семенов уонна Николай Гаврильевич Степанов.

Үйэ анараа өттүгэр Саха сирин автономиятын бигэргэппит историческай суолталаах түгэн кыттыылаахтара туох дьон этилэрэй, хантан хааннаахтарай, кимтэн кииннээхтэрэй? Өскөтүн П. И. Михалев, М. Н. Тимофеев-Терешкин, И. С. Семенов олорбут олохторо, саҥа былаас олохтонуутугар киллэрбит кылааттара сүрүннээн үөрэтиллибит, сырдатыллыбыт эбит буоллаҕына, Семен Георгиевич Иванов уустук дьылҕата, суорума суолламмыт кылгас олоҕо аата-суола реабилитацияламмытын эрэ кэннэ киэҥ эйгэҕэ биллибитэ.

Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи I учредительнай, II, V, VI сийиэстэрин дэлэгээтэ, III, V уонна VI сийиэстэргэ талыллыбыт Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтин чилиэнэ Прокопий Михайлович Алексеев олорбут олоҕо, үлэтэ-хамнаһа Сунтаар историятыгар суруллубатах, бэлиэтэммэтэх (арай Н.И. Иванов-Куола Учуутал суруйуутугар биир сиргэ ахтыллыбыттаах). Баҕар, Прокопий Михайлович дойдутуттан эрдэ, ааспыт үйэ 20-с сылларыгар тэйбитин кытта сибээстээҕэ дуу эбэтэр ГПУ боломуочунайын үлэтэ мээнэ сырдатыллыа суохтааҕа эбитэ дуу?

Прокопий Алексеев 1896 с. Сунтаар улууһун Мочууһун нэһилиэгэр “Сайылык” диэн сиргэ төрөөбүт. Кини 1941 с.ыам ыйын 25 күнүнээҕи автобиографиятыгар маннык суруйбут:

«Аҕам 1926 с. өлбүтэ, ииппит ийэм билигин колхуоска үлэлиир. Төрөппүттэрим сууттамматахтара, быыбардыыр бырааптара быһылла сылдьыбатаҕа. Убайым уонна эдьиийдэрим бары колхуостаахтар.

10 сааспар нэһилиэк быһаарыытынан кыаммат ыал оҕото буолан таҥара дьиэтин оскуолатыгар толору мөссүйүөҥҥэ олорон 4 сыл үөрэнэн бүтэрбитим. Онтон Бүлүү куоракка түөрт кылаастаах куорат училищетын 1916 с.үөрэнэн бүтэрэн дойдубар төннөн Кутанаҕа сибээс почтовай телеграфнай отделениетыгар үлэбин саҕалаабытым. Ити сыл ахсынньы ортотугар Дьокуускайга тиийэн эксээмэн туттаран 1917 с. кулун тутар 1 күнүттэн 1920 с. ыам ыйын 1 күнүгэр диэри Дьокуускайдааҕы телеграфка телеграфистаабытым.

1920 с. бэс ыйыгар партияҕа киирбитим. Тута Сунтаар улууһугар волревком бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлээбитим. Оччолорго улуус киинэ Кутанаҕа этэ. 1921 с.олунньутуттан Бүлүүтээҕи почтовай телеграфнай ыстаансыйаҕа политкомнаабытым.

Гражданскай сэрии кэмигэр 1918 уонна 1919 сс. кыһыл дружинаҕа сылдьыбытым. 1922 с ЧОН этэрээтин байыаһа буолан үрүҥнэри утары Тулагытааҕы кыргыһыыга кыттыбытым. Икки төгүл хаайылла сылдьыбытым. Биирдэ 1918 с. областной совет милииссийэтэ хаайбыта, иккиһэ-колчаковщина саҕана.

Партия линиятынан үс төгүл миэрэлэммитим. Бастакыта — Бүлүү окрисполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан партийнай линияны токурутуу иһин, иккиһэ – Иркутскайга үлэлии сылдьан Бурят Монголияҕа сир түҥэтигэр барбатаҕым иһин, үсүһэ – 1937 с. сэтинньи 28 күнүгэр «Холбос» үлэһиттэрин дьыалатыгар. Сууттамматаҕым».

1921 сылтан Прокопий Алексеев Бүлүү куоракка уокурук салалтатын почтовай телеграфнай ыстаансыйатын политхамыһаарынан, 1922 с. уокурук милииссийэтин начаалынньыгынан, онтон 1924 с. диэри уокурук ГПУ-тун боломуочунайынан, 1924-1925 сс. уокурук ситэриилээх кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн өрө күүрүүлээхтик үлэлиир.

1925 с. атырдьах ыйыттан 29 саастаах П.М.Алексеев Дьокуускайга Саха АССР НАРКОМЗЕМын коллегиятын чилиэнинэн талыллар, 1926-1927 сс.. НАРКОМФИН биир салаатын салайааччытынан ананар. Онтон 1927 с.. кулун тутарыттан 1929 с. кулун тутарыгар диэри Бүлүү уокуругун исполкомун бэрэссэдээтэлинэн ананан үлэлиир.

Үрдүкү салалта Прокопий Михайловиһы Дьокуускайга төннөрөн эргиэн НАРКОМАТын салайааччытынан-наркомунан аныыр, инньэ гынан Мочууһун нэһилиэгин тулаайах аҥардаах уола бырабыытылыстыба чилиэнэ буолар. Ол гынан баран бу үлэтигэр, үрдүк дуоһунаһыгар кинини өр олордубатахтара, 1929 с. атырдьах ыйыгар үлэтиттэн ууратыллар.

Архыыпка хараллан сытар дьыалатыгар бүтэһигин 1942 с. Дьокуускайга «Взаимопомощь» диэн артыалга бэрэссэдээтэллии сылдьарын, кэргэннээҕин уонна үс оҕолооҕун бэлиэтээбит. П.М. Алексеев кэнники дьылҕата биллибэт, салгыы үөрэтиини эрэйэр.

Оттон Георгий Кардашевскай хаартыскаҕа «Сунтаардар» диэн бэлиэтээбит алта киһититтэн бүтэһиктэрэ Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи бастакы учредительнай сийиэстэрин дэлэгээтэ Николай Гаврильевич Степанов аата-суола улууспут историятыгар ханан даҕаны бэлиэтэммэтэх, онон эмиэ көрдөөһүнү, чинчийиини эрэйэр.

Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи сийиэстэрэ барыта тоҕуста ыҥырыллан үлэлээбитэ. Биһиги биир дойдулаахтарбытыттан Александр Дмитриевич Попов Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи III,V,VII,VIII сийиэстэрин дэлэгээтэ, Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтин-ЯЦИК (I, II, III, V сийиэстэргэ) чилиэнэ, Григорий Трофимович Семенов — Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи VIII, IX сийиэстэрин дэлэгээтэ, Саха сирин Киин ситэриилээх кэмитиэтин (VII, VIII сийиэстэргэ) чилиэнэ, Прокопий Васильевич Гуляев -Советтар бүттүүн Саха сиринээҕи IX сийиэстэрин дэлэгээтэ буолан Өрөспүүбүлүкэни салайсыбыттара.

Тохсус сийиэс 1936 с. балаҕан ыйын 26-30 күннэригэр саҕаланан баран үлэтин 1937 с. кулун тутар 3-9 күннэригэр САССР саҥа Конституциятын ылыныытынан түмүктээбитэ. Ол Конституцияҕа олоҕуран судаарыстыбаннай былаас үрдүкү органа-Саха АССР Верховнай Совета талыллыбыта.

Альбина ИВАНОВА

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

Читайте дальше