Бүгүн, алтынньы 2 күнүгэр, сунтаардар быйыл Запорожье хайысхатынан  кимэн киириини сууһарыыга хорсун быһыыны көрдөрөн, Арассыыйа Дьоруойа үрдүк ааты ылбыт уолбутун Филипп Евсееви уруйдуу-айхаллыы көрүстүбүт. Филипп бу күннэргэ дьиэ кэргэнин, дьонун-сэргэтин көрсө, дойдутуттан күүс-уох ыла кэлэ сылдьар.

Ол курдук Филипп Александрович бүгүҥҥү сырыытын үөрэммит, идэ ылбыт Сунтаардааҕы технологическай колледжыгар устудьуоннары, үлэһиттэри кытта көрсүһүүттэн саҕалаата.  Манна буолбут истиҥ кэпсэтии, сэһэргэһии кэннэ Сунтаар нэһилиэгэр тутуллуохтаах Ыччат сынньалаҥ пааркатын,  бөҕөргөтүү үлэтэ барыахтаах Бүлүү эбэ кытылын миэстэтигэр баран көрдүлэр-иһиттилэр. Санатар буоллахха, Филипп Евсеев дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путины кытта көрсүһүү кэмигэр Сунтаар кытылын бөҕөргөтүүнү, ыччат пааркатын тутууну туруорсубута. Ол туруорсуутун бэрэсидьиэн тута болҕомтоҕо ылан, манна күүстээх үлэ барыахтаах.

Ол кэннэ Филипп Александровиһы дьиэ кэргэнин кытта Албан Аат болуоссатыгар кэлбит дьон өрөгөйдөөх быһыыга-майгыга ураатыы көрүстүлэр. Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсеев арыаллааччылары кытта анал байыаннай пуормалаах юнармия, оскуола оҕолоро сэлэлии турар холуонналарынан хааман киирэн, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарын кэриэстээн Үйэлээх уокка сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. Манна Филипп Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Курскайдааҕы кыргыһыыга хорсуннук сэриилэспит эһэтэ Ващенко Николай Михайлович  сырдык мөссүөнүгэр тохтоон ааста.

Сунтаартан, улуус бары нэһилиэктэриттэн Дьоруойу көрсө кэлбит дьон С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинин баараҕай саалатыгар лыык курдук муһуннулар.

Улуус баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэ тыл этэригэр Филипп төрөппүттэригэр, кэргэнигэр Светланаҕа, аймахтарыгар, доҕотторугар махтанан туран: “Филипп аата Саха сирин, Сунтаар улууһун историятыгар көмүс буукубаларынан сурулунна”, — диэтэ уонна Сунтаар улууһун аатыттан 5 мөл. солк. суумалаах сэртипикээти туттарда. Салгыы ытыс тыаһын доҕуһуолунан Филипп Евсеевкэ  Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо ааты иҥэрдилэр. Бу дьоро күн анал байыаннай дьайыыттан дойдутугар күүс-уох ыла, сынньалаҥар кэлбит биир дойдулаахпытыгар Анатолийга улуус баһылыгын эҕэрдэ суругун, бэлиэтин туттардылар.

Салгыы Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Филиппов Филипп Александровиһы нэһилиэк дьаһалтатын, нэһилиэк сэбиэтин дьокутааттарын уонна Филипп анал байыаннай дьайыыга барыан иннинэ үлэлии сылдьыбыт “Сунтаар” МАУ тэрилтэтин аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан Евсеевтэр дьиэ кэргэҥҥэ дьиэ тутталларыгар туоһу суругу туттарда.

Эҕэрдэлэр быыстарыгар Филипп Евсеев бу дьоруойдуу быһыыларын туһунан хорсун киһи, сэмэй буолар дииллэринии, кылгастык сырдатан кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. Арассыыйа Дьоруойун улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев эҕэрдэлээн тыл эттэ, кинилэр хорсун быһыылара кэлэр көлүөнэҕэ холобур буоларын бэлиэтээтэ. Салгыы Сунтаар улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара бу үөрүүлээх күнүнэн уоттаах-төлөннөөх тыл этэн туран, нэһилиэктэр кыттыһан Евсеевтэргэ сылгы үөрүн бэлэх ууналларын туһунан эттилэр. Элгээйи баһылыга Павел Григорьев Филипп кэргэнэ Светлана Элгээйитээҕи оҕо уһуйааныгар уһун кэмҥэ кыһамньылаахтык үлэлээбитин, дьиэ кэргэн оҕолоро Элгээйи оскуолатыгар үөрэммиттэрин бэлиэтээн туран, Евсеевтэр дьиэ кэргэҥҥэ Элгээйигэ тутуллар саҥа микрооройуоҥҥа сир учаастагын аныылларын, онно баар уулуссаҕа Филипп аатын иҥэрэллэрин иһитиннэрдэ. Үүнэн эрэр көлүөнэ аатыттан Арассыыйа Дьоруойун Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй үөрэнээччитэ Тамерлан Тихонов эҕэрдэлээн тыла эттэ.

Бу курдук иһирэх эҕэрдэлээх, алгыс тыллаах биир дойдулаахпытын Арассыыйа Дьоруойа Филипп Евсееви кытта олус истиҥ көрсүһүү Өрөгөй оһуокайынан түмүктэннэ.

Марфа ИВАНОВА.

Георгий АФАНАСЬЕВ уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ, Дмитрий ПЕТРОВ видеоҕа устуута.

Читайте дальше