Сунтаардааҕы «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ 60 сылын бэлиэтээтэ

Сааскы сайаҕас үтүө-мааны күн Сунтаарбытыгар биир бэлиэ түгэн тосхойдо. Ол курдук, муус устар 5 күнүгэр «Ньургуһун» оҕо сайдар киинэ 60 сааһын бэлиэтиир дьоро күнэ буолла.

Бу кэнчээри ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарар оҕо саас биһигэ 1964 с. муус устар ыйга Розалия Генерова салайааччылаах аһыллыбыта. Оччотооҕуга 25 миэстэлээх уһуйаан билигин 240 кырачаан оҕону тутар улууспутугар биир улахан уһуйаанынан биллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ СӨ үөрэҕириитин туйгуна Татьяна Саввинова салайааччылаах 80-ча үлэһит, ол иһигэр 31 педагог айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Саҥа сайдыы кэрдииһин тутуһан саха, нуучча, английскай тылы үөрэтэр ураты суоллаах-иистээх уһуйаан.

 

Кэм-кэрдии ааһан, олох сайдыытын тэтимин тутуһан, саҥа саҕахтары арыйан, сонун суолу тобулан күн бүгүн биир бастыҥ үлэлээх оҕо тэрилтэтинэн биллэр. Ол туоһута оҕолор, иитээччилэр үрдүк таһымнаах күрэстэр кыттыылаахтара уонна кыайыылаахтара, грант хаһаайына буолаллар.
Сырдык, ыраас улахан таас дьиэҕэ көрүөхтэн кэрэтик киэргэнэн үлэһиттэр ыалдьыттары үөрэ көрүстүлэр. Ураты, сонун оҥоһулаах фотозоназа кэлбит дьон хаартыскаҕа хатанна. Ол кэминээҕи выпускниктар, үлэһиттэр историяны кэрэһэлиир хаартыскалара, уруккуну санатар оонньуур түмэлэ ааспыт кэмҥэ эргиттэ.

Бэлиэ күн уһуйаан иитиллээччилэрин уонна үлэһиттэрин улуус аҕа баһылыга Анатолий Григорьев эҕэрдэлээтэ уонна үлэлэригэр ситиһиилээх, өр кэмҥэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар үлэһиттэргэ наҕараадалары туттарда. Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар тус кылаатын иһин СӨ Ил Түмэнин бэрэссэдэтэлин махтал суругун үрдүк категориялаах иитээччи Лариса Попова уонна Надежда Алексеева туттулар. Өр сыллаах, бэриниилээх үлэлэрин иһин СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин Махтал суругун уһуйаан бэтэрээннэрэ Дария Ксенофонтова уонна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, Сунтаар нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык 1986-2019 с.с. үлэлээбит Светлана Руфова ыллылар. Сунтаар улууһун үөрэҕириитин сайдыытыгар өр сыллаах, үтүө суобастаахтык үлэтин иһин «Сунтаар улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ» үрдүк аат Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ, тыыл бэтэрээнэ СӨ үөрэхтээһинин бочуоттаах бэтэрээнэ, сэбиэдиссэйинэн 1971-1986 с.с. үлэлээбит Татьяна Евсеева тутан үөрүүтэ үксээтэ. Маны тэҥэ, Сунтаар нэһилиэгин баһылыгы солбуйааччы Федор Федоров, Сунтаар улууһун үөрэҕирии салаатын салайааччытын солбуйааччы Борис Васильев, С. Н. Донской — II аатынан үөрэҕи сайыннарар уонна идэ таһымын үрдэтэр институт дириэктэри солбуйааччы Ольга Михалева, Сунтаар улууһун үөрэҕирии үлэһиттэрин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Нина Павлова, «Арассыыйа ийэлэрэ» уопсастыбаннай хамсааһын Сунтаардааҕы салайааччыта Дария Григорьева, Сунтаар улууһун ыччат бэлиитикэтин отделын салайааччыта Трофим Иванов, Сунтаар улууһун успуорт түмэлин үлэһитэ Мария Васильева үтүө баҕа санааларын этэн наҕараадалары туттардылар.
Бу бэлиэ күн араас кэмнэргэ өр сыл үлэлээн ааспыт бэтэрээннэр, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, ыкса сибээстээхтик үлэлиир тэрилтэлэр  күндү ыалдьыт буоллулар. Дьоро күнү кырачаан оҕолор истиҥ ырыаларынан, тэтимнээх үҥкүүлэринэн киэргэттилэр. Ох курдук оҥостон, сибэкки курдук симэнэн уһуйаан кэлэктиибэ гимн ырыаларын толорууларынан үбүлүөй долгутуулаах чааһа түмүктэннэ.

Ол кэннэ үөрүүлээх тэрээһин итии чэйдээх, минньигэс астаах сандалытыгар олорон, ааспыт кэми санаан-ахтан олус истиҥ киэһэ буолла. Биир ураты түгэнинэн, оҕо сылдьан, уһуйаан аан маҥнай аһыллыбытыгар 1964 с. сылдьыбыт Николай Потапов бэриниилээхтик уһуйааҥҥа билигин үлэлии-хамсыы сылдьара кэлбит дьону сөхтөрдө.

Үөрэх эйгэтин үлэтигэр төрөппүт махтала туохтааҕар да күндү. Уһуйаан төрөппүттэрэ олус истиҥник санааларын сайа этэн махтал маанытын, сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Ону тэҥэ,  төрөппүттэр, үлэһиттэр, нэһилиэкпит биллэр-көстөр маҕаһыыннара сыаналаах бириистэри туруорбуттар. Кэлбит ыалдьыттар үксэ өттүк харалаах, илии тутуурдаах астынан тарҕастылар. Бырааһынньыктааҕы күн ыалдьыттарга соһуччу бэлэх, саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Китджа ылбаҕай ырыатынан эҕэрдэтэ буолла.

Бу курдук үбүлүөй үрдүк таһымнаахтык тэриллэн, кэлбит ыалдьыттарга биир умнуллубат түгэни бэлэхтээтэ. Кэнчээри ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ сирдиир, баай киэҥ историялаах уһуйаан өссө да үүнэ-сайда, сырдыкка-кэрэҕэ сирдии турарыгар баҕарабыт.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше