Күһүҥҥү кэмҥэ киһи иммунитета мөлтүүр . ОРВИ, гириип курдук ыарыылар ордук элбииллэр, дьаҥ өрө турар. Гириип сыстыганнаах буолан ким баҕарар ыалдьыан сөп. Гирииби көбүтээччиннэн вирус буолар, вирус инфекцияны биэрэ сылдьар дьонтон атын киһи бэлэһин тамаҕар киирэр. Дьон үксэ гириибинэн аҕыйах күн ыалдьар. Ол гынан баран, сорохтор улаханнык ыалдьаллар, дьаҥы ыараханнык аһардыахтарын сөп. Гириип кэмигэр киһи уруккуттан баар ыарыылара сытыырхайан, көбүөхтэрин сөп. Онон харыстанар сыалтан гирииби утары быһыыны ылыы тоҕоостоох. Бу быһыы олус суолталаах — гириип, ОРВИ дьаҥын утары үчүгэй сэрэтии көрүҥүнэн буолар.
Дойду үрдүнэн гирииби утары вакцинация балаҕан ыйыттан саҕаламмыта. Быйыл биһиги улууспутугар «Совигрипп» , «Ультрикс квадри» диэн ааттаах вакциналар кэллилэр. Кинилэр «А» гириип икки көрүҥүттэн уонна «Б» гирииптэн көмүскүүр сыаллаахтар.
Гирииби утары федеральнай вакцинаннан босхо: 6 ыйдарыттан — 17-гэр диэри саастаах оҕолор бары ылаллар, медицина, үөрэҕирии салаатын үлэһиттэрэ, социальнай тэрилтэ олохтоохторо уонна үлэһиттэрэ, олох-дьаһах тэрилтэтин, транспорт улэһиттэрэ, устудьуоннар, байыаннай сулууспаҕа ыҥырыллыбыттар, 60-тан үөһэ саастаах, ону тэҥэ хроническай ыарылаах дьон бары булгуччу ылыахтаахтар. Ыарахан дьахталлар быһыыны ылаллар. Кинилэргэ оҕо дозата оҥоһуллар.
Гирииби утары быһыыны сыл аайы оҥоһуллар. Бу быһыыны ылыах иннинэ хайаан да быраас температураны кэмнээн, киһи туругун сыаналаан баран бу киһи ылыан сөп диэн көҥул биэрдэҕинэ оҥоһуллар. Сымыыт үрүҥэр аллергиялаах дьоҥҥо бу быһыы көҥүллэммэт.
Гириип содула ойоҕостотуу буолар. Өлүүгэ да тириэрдиэн сөп. Онтон быһыыны ылбыт киһи гириибкэ хаптарбат, чэпчэкитик ыалдьар, улахан содула суох аһардар. Төһөннөн элбэх киһи бу быһыыннан хабыллар да, оччоннон ханнык эмэ биричиинэннэн ылбатах дьону харыстыыбыт. Онон хас биирдии киһи гирииби утары быһыыны ыларгытыгар сүбэлиибит!
Быһыыны поликлиникаҕа эбэтэр учаастактааҕы балыыһаҕа үлэ кэмигэр кэлэн ылыаххытын сөп. Итини сэргэ үөрэх кыһаларынан уонна тэрилтэлэринэн быһыы туруорар биригээдэлэр эмиэ сылдьаллар.
Онтон 60 -тан үөһээ аҕам саастаах (маломобильнай) дьоҥҥо 841135-21933 нүөмэргэ эрийэн быраастар дьиэҕитигэр тиийэн быһыы биэриэхтэрин сөп.
Гириип, ОРВИ турар кэмигэр эмчиттэр маннык сүбэлэри санаталлар:
-Ыалдьыбыт оҕолоргутун уһуйааҥҥа, оскуолаҕа, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ ыытымаҥ.
-Бэйэҕит билэргитинэн эмтээбэккэ, бырааскытын ыҥырыҥ.
-Быраас анаабыт эмтэрин эрэ иһэрдиҥ, төһө кыалларынан ууну элбэхтик иһэрдэ сатааҥ.
-Дьон тоҕуоруһар сиригэр сылдьары аҕыйатыҥ.
-Биирдэ туттуллар медицинскэй маасканы кэтэ сылдьыҥ.
-Ытырдаргытыгар уонна сөтөллөргүтүгэр биирдэ туттуллар салпыакканы туттуҥ.
-Илиигитин мыылалаах уонна инфекцияны утарсар сириэстибэнэн суунуҥ, уулуссаттан уонна уопсастыбаннай тырааныспартан кэллэххитинэ, мурун көҥдөйүн ыраастанаргытын үгэскэ кубулутуҥ.
Күндү Сунтаар улууһун олохтоохторо, ыалдьымаҥ, доруобай буолуҥ!
Сунтаардааҕы киин балыыһа ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр кэбиниэтэ