Анал байыаннай дьайыы, СВО диэн тыллары истибэтэх киһи билигин суох буолуо. Ким оҕото, ким кэргэнэ, ким аймаҕа, ким доҕоро итиннэ сылдьар. Сорохторо тимир хоруопка тиэллэн кэлэн төһөлөөх харах уутун тохтулар, аһыыны-абаны күөдьүттүлэр.
Биһиги, сунтаардар, уолаттарбытыгар күүс-көмө, хахха буолар сиэккэлэри өрбүппүт ыйтан ордон эрэр. Бу кэм устатыгар сүүрбэ хаххалыыр сиэккэ өрүлүннэ. Бу өрөр сиэккэлэрбит матырыйаалын ылыыга Сунтаар хас биирдии олохтоооҕо туора турбата, билигин да көмөлөр тиһигин быспакка киирэ тураллар, киирэ да туруохтара. Биһиги — ийэлэр, эбэлэр — сааспытын сиппит дьон көмөлөһөрбүт өссө сонун буолбатах курдук саныыбыт. Оттон манна үлэлээн саҕалыахпытыттан 1 нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ Леана Петрова – 8-с кылаас, Алина Андреева 8-с кылаас, политехническай лиссиэй-интэринээт 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Кеша Алексеев сылдьалларыттан олус үөрэбит. Бу оҕолору төрөппүттэрэ үрдүк патриотическай тыыҥҥа ииппиттэригэр махталбытын биллэрэн туран, бу үүнэр үөрэх сылыгар үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Өрөр сиэккэлэрбит ханна туттуллалларыттан көрөн араас размердаахтар. Ол курдук, байыас тус бэйэтэ кэтэбилгэ, кимэн киириигэ бүрүнэригэр анаан 2-2,5 м, бойобуой тиэхиньикэҕэ анаан 2-6 миэтэрэ буолаллар. Байыастар хайдах оттоох-мастаах сиргэ сылдьалларыттан, дьыл кэмиттэн тутулуктанан өрөр сиэккэлэрбит өҥнөрө араастар. Хас да сиэккэни уоппускаҕа кэлбит байыастар тус бэйэлэринэн кэлэн ылан бардылар. Сиэккэ аайы алгыстаах харысхаллары, арчылыыр сыты таһаарар араас оттору, минньигэс кэмпиэттэри, барыанньалары, чараас таҥастары уган ыытабыт. Өссө дрон оҥоруутугар көмө наада диэн буолбутугар , ордук хото тэрилтэр, араас тиэхиньикэни аҕаллылар. Онон бу ыытар малларбытын буларбытыгар олохтоохтор улахан күүс-көмө буоллулар.
Биһиги Мииринэйдээҕи “Мы Вместе” диэн волонтерскай хамаанданы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибит. Кинилэр үлэһиттэрэ Саргылана Николаева араас баайыы-өрүү ньымаларыгар үөрэттэ. Наһаа элбэх сакаас киирэн матырыйаалын ыытан туран көмө көрдөөбүттэрин үөрүүнэн толордубут. Ол оннугар кинилэр биһиэхэ матырыйаалынан көмөлөстүлэр. АЛРОСА хампаанньа сөмөлүөттэрэ сиэккэлэрбитин босхо илдьэллэр. Кинилэр нөҥүө бэйэбит уолаттарбытыгар анал (именной ) баһыылкалары ыыттыбыт. Тиэрдэллэригэр толору эрэллээх күүтэбит.
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 29 күнүгэр, улууспут Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев уолаттарга көмө илдьэ бэйэтинэн барарыгар биэс сиэккэни, мал-сал биэрэн ыыттыбыт. Бу баһылык хаһыс да сырыыта. Бүгүн кэлэ сылдьан: «Олус туһалаах дьыаланан дьарыктана сылдьаҕыт, махталабын этэбин», — диэн махтанан, үрдүк сыанабылы биэрэн үөртэ, киһиэхэ кыра наада.
Бу курдук, сунтаардар бары сомоҕолоһон , бииргэ Улуу Кыайыы чугаһыырыгар сэмэй кылааппытын киллэрэ туруохха.
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма