Балаҕан ыйын 10 күнүгэр, Сунтаардааҕы гуманитарнай гимназияҕа, «Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Точка роста» саҥа үөрэх киинэ үөрүүлээх аһыллыыта буолла.
Киин сүрүн хайысхатынан естественнай-научнай, цифровой уонна гуманитарнай. Аныгылыы ирдэбилгэ эппиэттиир кииҥҥэ «Биология», «Химия», «Физика» «Информатика», «Робототехника» биридимиэттэри оҕолор үөрэтиэхтэрэ. Киин аһыллыытыгар Сунтаар улууһун үөрэҕириитин управлениетыттан Борис Васильев, Владимир Уаров, Сунтаардааҕы гимназия дириэктэрэ Любовь Евсеева, учууталлар уонна үөрэнээччилэр кыттыыны ыллылар.
Оскуола оҕолоро саҥа, аныгы үөрэх киинэ аһыллыбытынан олус үөрбүттэрин, астыммыттарын биллэрдилэр. Мантан ыла оҕолорбут сатабыллара элбээн, билиилэрэ-көрүүлэрэ өссө кэҥиэ диэн эрэнэбит.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ