Бүгүҥҥүттэн саҕалаан үөрэҕирии түмэлигэр быыстала суох оскуола үөрэнээччилэрэ экскурсияҕа кэлитэлииллэр. Ол курдук, бүгүн түмэл харайааччыта Альбина Иванова оҕолорго анаан үөрэҕирии эйгэтэ сэрии сылларыгар диэн бэлэмнээбит быыстапкатын бэрт интэриэһинэйдик, өйдөнөрдүк кэпсиирин түбэһэ иһиттибит. Уоттаах сэрии ыар охсуутун фронтовик учууталлар, үөрэнээччилэр дьылҕаларынан арыйда. Манна кини кэпсииригэр сэдэх историческай суолталаах экспонаттары туһанна. 1942 сыллаах бирикээс кинигэтин көрдөрдө. Уонна хас биирдии кэпсээнин хаартысканан ситэрэн-хоторон истэ.
Албина Иванова үөрэҕирии түмэлин харайааччыта: “Кыайыы күнүгэр аналлаах быыстапкабытыгар сэриигэ сылдьыбыт, эргиллибэтэх учууталлар, сэрии сылларыгар үөрэммит үөрэнээччилэр дьылҕаларын, оскуолалар ол саҕанааҕы учууталлар туһунан кэнчээри ыччакка кэпсиир, билиһиннэрэр биһиги ытык иэспит”диэн оҕолорго эттэ. Экскурсияҕа кэлбит 6 “в” кылаас үөрэнээччилэрэ “Бу экскурсияҕа биһиги учууталларбыт
эһэлэрэ дьоруойдуу сэриилэспиттэрин туһунан биллибит”диэн санааларын үллэһиннилэр. Антон Федоров Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуола 6 кылааһын үөрэнээччитэ “Аҕа дойду улуу сэриитин туһунан киинэлэртэн, кинигэлэртэн билэбин. Киинэҕэ эбии-сабыы баар буолуон сөп. Ол иһин ордук кинигэҕэ итэҕэйэбин. Бу экскурсияҕа Афанасий Егорович Макаров диэн биллэр учуутал Курскай дугаҕа сэриилэспитин туһунан биллим. Кини манна ыараханнык бааһырбыт. Өлбүтүн туһунан чугас дьоно хара сурук туппуттарын туһунан сөҕө иһиттим. Табаарыстарбар бу түмэлгэ сылдьыҥ элбэҕи билиэххит диэн кэпсиэҕим”.
Түмэлгэ экскурсия ыам ыйын 6,7,8 күннэригэр ыытыллыаҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА