Тыа сирин ыччата бырамыысыланнаска сыстан үлэлиирэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Ону сорохтор ол туох үчүгэйдээх буолуой, төрөөбүт дойдуларыгар олохсуйан ынах, сылгы ииттэн, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарарга үлэлэһэллэрэ буоллар диэн этэллэрин үгүстүк истэбин. Ол эрээри, биһиги ыччаппыт сөбүлүүр идэтин талан, бырамыысыланнаска сыстан, сөптөөх үлэнэн хааччыллан үрдүк хамнастаах үлэҕэ киирэллэрэ тоҕо сатаммат буолуой диэччилэри кытары мин сөбүлэһэбин.
Арассыыйа алмааһы хостооһуҥҥа лиидэрэ АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлиир Сунтаар ыччата элбэх. Ол курдук, бүгүн биһиги хаһыаппытыгар АЛРОСАҕа хампаанньаҕа үлэлии сылдьар уолаттарбытын кылгастык билиһиннэрэбит.
Мииринэй-Ньурба хайаны байытар кэмбинээт «Интернациональнай» руднигын технологическай закладкалыыр комплексыгар учаастак начальнигын солбуйааччынан үлэлиир Николай Семенов:
– Аан маҥнай хампаанньаҕа «бункеровщик-машинист питателя» быһыытынан үлэлээн саҕалаабытым. Быйыл сэтинньиттэн саҕалаан учаастак начальнигын солбуйааччытынан үлэлиибин.
Кылгастык үлэм туһунан кэпсээтэххэ, маннык биһиги учаастакпытыгар икки үлэ былаһаакката баар. Онтон биирдэстэригэр консервацияҕа турар «Мир» рудникка – «Интернациональнай» уонна «Айхал» рудниктарга туттуллар Кэмпэндээйитээҕи цеолит састааптаах «малоклинкерное вяжущее» матырыйаалы бэлэмнииллэр.
Иккис былаһааккабытыгар – «Интернациональнай» рудникка үлэбит сүрүн соругунан шахтабытыгар хостоммут кимберлитовай руда оннугар тахсыбыт аһаҕас сирдэри толорор закладочнай булкааһы тириэрдии буолар.
Бэйэм ХИФУ МПТИ (ф) электрификацияҕа уонна автоматизацияҕа кафедратын «Хайа инженерэ» идэтин 2021 с. бүтэрэн, үрдүк үөрэхтээхпин.
Кэргэннээхпин, икки оҕолоохпун.
Спартак Омуков Мииринэйдээҕи политехническай институту хайа инженерэ идэлээх бүтэрбитэ. Хампаанньаҕа үлэлээбитэ быйыл үһүс сыла:
– Мин Сунтаардааҕы 1 №-дээх оскуоланы бүтэрээт, МПТИ-гэ докумуоммун биэрбитим. Билигин санаатахпына, үөрэххэ киирии докумуонун биир эрэ үөрэх кыһатыгар биэрбиппин эбит. Арай баалым хапсыбакка, киирбэккэ хаалбыт буолуум диэн билигин санаан ылабын. Хата, тута бастакы потокка киирбит оҕолор испииһэктэригэр баарым. Дьиҥэр нефтегаз салаатыгар баҕалаах этим эрээри, горнайга үөрэммиппин билигин кэмсиммэппин. Дьупулуоммун тутаат да Арассыыйа аармыйатыгар сулууспалыы барбытым. Биир сыл муораҕа сулууспалаан старшай матрос сыбаанньалаах кэлбитим. Аармыйаттан кэлээт да, АЛРОСАҕа резюмебын ыыппытым. Устудьуоннуу сылдьан Удачнайга, Мииринэйгэ бэйэтигэр быраактыкабын барбытым. Онон хампааанньа ылар ини диэн эрэх-турах санаалааҕым. Ол да курдук буолбута. Икки ыйынан эйигин үлэҕэ ылабыт диэн биллэрбиттэригэр Мииринэйдээбитим. Этэҥҥэ үлэҕэ киирэн бэркэ табыллан үлэлии сылдьабын. Төһө да бэйэм идэбинэн буолбатаҕын иһин бэрт үлэлээхпин. Николайдыын биир учаастакка үлэлиибит. Үлэлиир кэмин устата квалификациябын үрдэтэн тоҕоос көһүннэ да үөрэнэбин.
Тэрилтэбитигэр сунтаардар элбэхпит. Хас да сыл үлэлээн уопут бөҕөлөөх уолаттар бааллар.
Хампаанньаҕа үлэлиир, олорор усулуобуйа олохтонор. Холобур, сезон аайы спецтаҥаспытын биэрэр, ыал дьоҥҥо кыбартыыра булуналларыгар эмиэ көмө баар. Уоппускабытыгар сынньана барарбытыгар бырайыас көрүллэр буолан, сылын аайы атын куораттарынан күүлэйдээн кэлэбит. Карьера да өттүгэр үүнэн тахсарга усулуобуйа баар. Квалификациятын үрдэтиэн баҕалаах үлэһит АЛРОСА Корпоративнай университетыгар эбии үөрэниэн сөп. Эдэр үлэһиттэргэ настаабынньыктааһын бырагыраамата үлэлиир.
Кылаабынайа бэйэҕин үлэһит быһыытынан үчүгэйдик көрдөрүөххүн наада, ону сэргэ доруобуйаҥ чаһы буолуохтаах.
Кэмпэндээйиттэн сылдьар Филипп Иванов:
– 2014 с. Мииринэйдээҕи политехническай институту бүтэрбитим. Ниэп-гаас дьыалатын отделениетыгар үөрэммитим. АЛРОСА хампаанньаҕа 2023 с. үлэлиибин. Хампаанньа саппааһы былааннааһын уонна салайыы киинигэр кылаабынай исписэлииһинэн үлэлии сылдьабын. Үлэм сүнньэ – ГОКтары саппаас чаастарынан хааччыйыы, төһө саппаас чаас туттуллубутун анаалыстааһын уонна инникитин төһө туттуллуоҕун суоттааһын.
Хампаанньа эдэр олохтоох каадырдары үлэнэн хааччыйыыга, кинилэр үлэлиир, олорор усулуобуйаларын тэрийэргэ болҕомтотун уурар.
Түгэнинэн туһанан, улууһум оскуолаларын бүтэрээччилэри биһиги үөрэммит Мииринэйдээҕи политехническай институппутугар кэлэн үөрэнэргитигэр ыҥырабын. Манна үөрэнэн, идэ ылан, бырамыысыланнаска сыстан үлэлииргитигэр баҕарабын.
Дьэ бу курдук, биһиги уолаттарбыт алмааһы хостуур улахан тэрилтэҕэ олохтоохтук киирэн үлэлээн эрэллэр. Кэпсэтиибит түмүгэр уолаттар «биһиги сөптөөх идэни таларбытыгар, олохпутугар бастакы улахан хардыыны оҥорорбутугар сүбэ-соргу, көмө-тирэх буолбут төрөппүттэрбитигэр, оскуолаҕа үөрэппит учууталларбытыгар махтанабыт» диэн эттилэр.
Яина ВЛАСЬЕВА