Сунтаар ууһун оҥоһуга Казахстан түмэлигэр

Олоҥхо дьиэлэрин ситимэ Казахстан норуотун култууратын кытта билсэ, 30 сыл дойдутун салайбыт бэрэсидьиэн Нурсултан Назарбаев, икки улахан акыннара (норуот талааннаахтара) Джамбул уонна Умбенталы аатынан түмэллэригэр сырыттыбыт. Судаарыстыба өйөөһүнүнэн акыннарыгар анаан ааттарын үйэтитэн болҕомто ууран улахан үс таас түмэл тутуллубут уонна үлэлииллэригэр көрүү-харайыы толору тэриллибит.

Джамбул түмэлигэр 1980 сыллаахха Саха сирин суруйааччыларын сойууһа бэлэхтээбит чороонун көрөммүт үөрдүбүт. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун маастара оҥорбут чороонун өйдөбүнньүк бэлэх туттардыбыт. Ону тэҥэ, Умбеталы түмэлигэр Сунтаар улууһун СӨ норуотун маастардарын ураты дьоҕурдаах дьиэ кэргэн  удьуор уус Иннокентий, Саргылаана Ивановтар уран тарбахтарынан уһаммыт чорооннорун  бэлэх ууннубут.

Джамбул оройуонун олохтоохторо саха делегациятын үөрэ-көтө айхаллыы, ураты казахскай домра кэрэ муусукатынан доҕуһуоллаан, төрүт үгэстэринэн эҕэрдэлээн көрүстүлэр. Ситим талааннаах исписэлиистэрэ саха култууратын, алгыһы, олоҥхону, норуот ырыаларын, тойугу, төрүт дорҕооннорбутун көрдөрдүбүт. Олус сэргии, хайҕыы иһиттилэр, култуурабыт элбэх араас көрүҥүн истэн уонна дьүһүммүтүн майгыннаһар өрүттэрин көрөн  үөрэн астыммыттарын биллэрдилэр. Худуоһунньук Умбенталы сиэнэ ситим салайааччыларыгар бэйэтин уруһуйдарын бэлэх ууннан сүргэбитин көтөхтө.

Туяра АЛЕКСЕЕВА,

С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК фольклорга исписэлииһэ

Читайте дальше