Дьокуускайдааҕы гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун учуонайдарын бөлөҕө «География сакральных мест Якутии» диэн киэҥ далааһыннаах бырайыагы ылсан, чинчийэр үлэтин Сунтаар улууһуттан саҕалаабытын туһунан быһаас ыытыллыбыт олохтоох кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, уопсастыбанньыктар кыттыылаах Төгүрүк остуолга сыһыаран сырдатан турабыт. Институт Сунтаар улууһун дьаһалтатын кытта хас да хайысхаҕа үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсэн, кыттыгас үлэлэрин бу дьоһун бырайыактан саҕалаатылар. Ол курдук, бу күннэргэ чинчийэр үлэни иилиир-саҕалыыр история билимин кандидата Наталия Данилова Сунтаар улууһугар үлэлии сылдьар.
Учуонайдар уонна оҕолор
Ытык сирдэри чопчулуурга киэҥ хабааннаах, көхтөөх, сөптөөх чинчийэр үлэ ыытыллара ирдэнэр. Манна үөрэтэр-чинчийэр үлэҕэ уопуттаах, маннык хабааннаах үлэлэри ыыта үөрүйэх Н.М. Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин үлэһиттэрэ дириэктэр Ангелина Антонова, Галина Лидочен салалталарынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолатын түмэлин салайааччыта Саргылана Лидочен, Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин 5 педагога, нуучча тылын учуутала, эбии үөрэхтээһин педагога Августина Попова састааптаах чинчийэр бөлөх тэрилиннэ. Педагогическай састаап оҕо сайыҥҥы лааҕырын салайан ытык сирдэри чопчулуур үлэлэрин Бордоҥ нэһилиэгиттэн саҕалаатылар. Оҕолор учуонайдары кытта Илимниир-Бордоҥ-Тэҥкэ маршрутунан сырыыга олохтоох дьону кытта көрсөн, бэлиэ, ураты кэрэ сирдэргэ сырыттылар, бэлиэтээһиннэри оҥордулар.
Төгүрүк остуол
Атырдьах ыйын 7 күнүгэр Оҕо дьоҕурун сайыннарар кииҥҥэ бу үс күннээх чинчийэр үлэни ырытыһар, экспедиция үлэтэ ордук таһаарыылаах буоларыгар соруктары чопчулаһар, инники былааннары торумнуур улуус дьаһалтатыттан Тамара Иванова, Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Константин Уаров, үөрэҕирии түмэлин салайааччы Альбина Иванова, кыраайы үөрэтии энтузиастара Надежда Потапова, Петр Егоров, Варвара Иванова, ХИФУ устудьуоннара Сандаара Антонова, Дархан Афанасьев, учууталлар, төрөппүттэр, кыраайы үөрэтиигэ интэриэстээх дьон кыттыылаах Төгүрүк остуол буолла. Манна Наталия Ксенофонтовна сылдьыбыт нэһилиэктэригэр үлэ хайдах барбытын сырдатта, көхтөөхтүк кыттыбыт тустаах нэһилиэктэр баһылыктарыгар, дьаһалта үлэһиттэригэр махтанна, лааҕыр оҕолорун көхтөөх үлэлэрин хайҕаата. Оҕолор бу күннэргэ хомуйуллубут матырыйааллары тутатына оцифровкалааһыҥҥа үлэлэһэ сылдьаллар эбит. Бу көрсүһүүгэ, бырайыак салгыы ыытар үлэтин торумнааһыҥҥа, элбэх интэриэһинэй этии киирдэ. Экспедицияҕа үлэлэһээччилэр улууспут ытык сирдэрин чопчулуур үлэҕэ нэһилиэктэр дьаһалталара, олохтоох нэһилиэнньэ, кыраайы үөрэтии энтузиастара ким тугу билэринэн ыйан-кэрдэн бу дьоһун бырайыакка көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥыраллар.
“Сунтаар улууһун Ытык сирдэринэн айан” чинчийэр экспедиция атырдьах ыйын 15 күнүгэр диэри нэһилиэктэринэн үлэлиэ.
Болҕойуҥ, саҥа рубрика
“Сунтаар сонуннара” хаһыат “Сунтаар Ытык сирэ” диэн аатынан саҥа рубриканы арыйар. Манна олорор сиргит кэрэ-бэлиэ, историческай суолталаах, номоххо киирбит сирин-уотун туһунан сырдатыылары, үһүйээннэри суруйан бэчээккэ ыытыаххытын сөп. Оҕо дьон, ыччат төрөөбүт, олорор сирин Ытык, ураты харыстанар, ону сэргэ тыытыллыбат, тумнуллар сирдэрин удумаҕалатарыгар, билэригэр туһаайыллар сырдатар үлэни сэргиэххит, суруйууларгытын ыытыаххыт диэн күүтэбит.
Марфа ИВАНОВА