Бүгүн, Сунтаар улууһа 223 сылын бэлиэтиир өрөгөйдөөх күнүн бэлиэтиир тэрээһинэ нэһилиэктэр сэлэлии хаамыыларынан саҕаланна. Манна хас биирдии нэһилиэк ситиһиитин, киэн туттуутун көрдөрдө. «Олоҥхо дойдутун уран уустара» быыстапка турда, «Сыахай (Куукула) эйгэтэ» сыахай оҥорооччуларга күрэс, «Сунтаар ытык сирдэринэн айан» быыстапка, «Напиши имя мое» кыраайы үөрэтээччи Аркадий Яковлевка аналлаах быыстапка, бибилэтиэкэ «Ааһан иһэн аах» аахсыйаны тэрийдэ, «Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн» бэлэм ас уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын атыы-эргиэн дьаарбаҥката уо.д.а көрдөөх-нардаах күрэхтэр ыытылыннылар. Салгыы Сунтаар улууһун күнэ хайдах ааспытын хаартысканан көрүҥ.

«Сунтаар сонуннара»

Читайте дальше