Сунтаар улууһун аҕа баһылыгын А.В.Григорьев эҕэрдэтэ

Муус устар 27 күнэ — Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнэ.

Ытык-мааны Сунтаар улууһун олохтоохторо! Эһигини барыгытын «Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин ааттарыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

История кэпсииринэн, 1827 сыллаахха бэйэни салайыныыга хас да түһүмэх холонуу кэнниттэн Степной Дума тэриллибитэ биллэр. Саха омук бэрт былыргыттан тутулуга суох буолар иһин турууласпыт омук буолар.
1922 сыллаахха бу күн саха омук чулуу уолаттара Алексей Кулаковскай, Василий Никифоров, Гавриил Ксенофонтов, Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Исидор Барахов бүтүн союзтааҕы киин ситэриилээх кэмитиэт Президиумун иннигэр туруорсан автономнай өрөспүүбүлүкэ буоларбытын ситиспиттэрэ.
Онтон 1992 с. муус устар 4 күнүгэр Үрдүкү Сэбиэт ХII ыҥырыылаах мунньаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията ылыллан, муус устар ый 27 күнүгэр сокуоннай күүһүгэр киирэн үлэлээн барбыта. Бэрэсидьиэн ыйааҕынан муус устар 27 күнэ Саха өрөспүбүлүкэтин күнүнэн биллэриллибитэ. 1999 сыллаахха аан бастаан Өрөспүүбүлүкэ күнэ бэлиэтэммитэ.

Ытыктабыллаах улууспут дьоно-сэргэтэ!
Олоҥхо дойдута – Сунтаарбыт улууһун уйгута-быйаҥа хас биирдиибититтэн тутулуктаах. Саха омугун кута-сүрэ бөҕө, бигэ тирэхтээх буоларыгар түмсэн ыараханнартан чаҕыйбакка сайдар суолу тутуһуох!

Анатолий Григорьев, «Сунтаар улууһа (оройуона)»
муниципальнай оройуон баһылыга.

Ульяна Попова,Сунтаар улууһун дьокутааттарын
Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ

Читайте дальше