Үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ Арассыыйа бары үөрэх тэрилтэлэригэр «Антитеррор» үөрэтэр, эрчийэр тэрээһиннэрэ буолла. Бу тэрээһин атырдьах ыйын 29 күнүгэр Сунтаардааҕы 3-с №-дээх осуолаҕа ыытылынна. Учууталлар уонна оскуола атын үлэһиттэрэ террористическай быһылаан буолар түбэлтэтигэр хайдах дьаһанарга эрчиллиини аастылар. Эрчиллии эрдэттэн тэриллибит сценарийынан барда. Ол курдук, икки террорист 5 заложнигы ылбыт. Оскуола үлэһитэ түрүлүөн кнопкатын баттаан Росгвардия, полиция үлэһиттэрэ 5 мүнүүтэнэн кэлэн заложниктары быыһаатылар. Онтон суһал көмө, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ эмиэ түргэн туттууларын, бэлэмнээхтэрин көрдөрдүлэр.
Санатан эттэххэ, терроризмы утары уонна терракт сиэртибэлэрин сырдык дууһаларыгар анаан Арассыыйаҕа балаҕан ыйын 3 күнэ терроризмы утары биир санааланыы күнэ.
2004 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр Хотугу Осетия Беслан куоратыгар буолбут алдьархайы бүтүн Арассыыйа норуота хаһан даҕаны умнубат. Ити күн, Билии күнүгэр, сибэтиэй сиргэ – оскуолаҕа, оҕо өлүүлээх, устуоруйаҕа өтөрүнэн буолбатах кыыллыы быһыы-майгы тахсыбыта.
Алена ИВАНОВА