“Сунтаар улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин отчуота 131 №-дээх “Российскай Федерацияҕа олохтоох бэйэни салайыныы уопсай принциптэрэ” диэн Федеральнай Сокуон 36-с ыстатыйатын 5.1 пуунугар уонна “Сунтаар улууһа (оройуона)” муниципальнай оройуон дьаһалтатын Устаабыгар олоҕуран туруоруллар.
2023 сыл Арассыыйаҕа Педогог уонна Аҕа сүбэһит, өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, улууспутугар Төрөөбүт төрүт тыл сылларынан биллэриллэн, араас хабааннаах дьаһаллар, тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Балаҕан ыйыгар олохпут инники сайдыытын быһаарар улахан суолталаах политическай тэрээһин СӨ Ил Дарханын уонна Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) дьокутааттарын быыбардара буолбуттара. Быыбарга уопсайа 9946 быыбардааччы бэйэтин гражданскай быраабын туһанан, ыйыллыбыт болдьоххо кандидаттар иһин куолас биэрдэ. Ити быыбардааччы уопсай ахсааныттан 63,29% тэҥнэһэр. Территориальнай быыбар хамыыһыйатын боротокуолунан, куоластааһын түмүгүнэн Николаев Айсен Сергеевичкэ – 8872 (89,20%) быыбардааччы куолаһын биэрдэ.
СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэнин) 7-с ыҥырыылаах норуот дьокутаттарын быыбарыгар 14 №–дээх биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка депутатынан Николаев Андрей Юрьевич – 3721 куолаһы ылан иккис болдьоххо Сунтаар улууһуттан Ил Түмэн депутатынан талылынна.
Республика таһымнаах быыбардары сэргэ Сунтаар улууһугар Оройуон Сэбиэтин депутааттарын таллыбыт. Дьокутаат корпуһун саҥа састаабыгар 17 дьокутаат киирдэ, бэрэссэдээтэлинэн иккис болдьоххо Попова Ульяна Дмитриевна талыллан, үлэлии сылдьаллар.
Улуус олохтоохторо быыбардарга буоларын курдук бүттүүн сомоҕолоһон, биир сорукка түмүллэн көхтөөхтүк кыттыбыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.
Сыл устата Сунтаарбыт улууһа олох-дьаһах, үлэ-хамнас бары салааларыгар көрдөрүүлээх, таһаарыылаах үлэтинэн, үлэһит, дьоҕурдаах, ситиһиилээх дьонунан, хорсун-хоодуот көмүскээччилэринэн үтүө аата элбэхтик уонна дорҕоонноохтук ааттанна. Дойду көмүскэлигэр хорсун быһыыны оҥорбут биир дойдулаахтарбыт Филипп Евсеевкэ уонна Дмитрий Егоровка Арассыыйа Дьоруойа аат иҥэрилиннэ. Кинилэр Сунтаардарын, Сахаларын сирин аатын үрдүккэ көтүттүлэр. Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов бастыҥ үлэ холобурун көрдөрөр. Кини быйыл 70 сааһын томтойо туолла. Пиэрмэр Станислав Семенов, ОДьКХ салаатын дэгиттэр, бастыҥ үлэһитэ Шмидт Егоров Ил Дархан Айсен Николаев олохтообут «Үлэ киһитэ» бириэмийэтин ыллылар. Бу бэлиэ түгэннэр бары Сунтаарбыт улууһун историятыгар киирдилэр.
Демографическай политика
Сунтаар улууһугар билиҥҥи туругунан статистика 22 352 киһи олорор. 2023 сылга оҕо төрөөһүнэ элбээбитэ бэлиэтэнэр — 235 оҕо күн сирин көрдө. Ити ааспыт сыллааҕар 44 оҕонон элбэх. Нэһилиэнньэ эбиллиитин туруга (естественный прирост) куһаҕана суох: саҥа төрөөбүт оҕо ахсаана олохтон барбыт дьоннооҕор 71-ринэн элбэх. 58 саҥа ыал үөскээтэ, ол гынан баран ити ааспыт сыллааҕар 30-нан аҕыйах. 62 ыал араҕыста, ити ааспыт сыл туһааннаах кэмигэр тэҥнээтэххэ 8 түбэлтэнэн аҕыйах.
Улууска 7745 биэнсийэлээх дьон баар. Биэнсийэ орто кээмэйэ 25292,46 солк. тэҥнэһэр.
Улууска ыйдааҕы орто хамнас кээмэйэ үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Бүгүҥҥү күҥҥэ 60480,1 солк тэҥнэһэр, хамнас алын кээмэйэ 40605 солк.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр социальнай өйөбүл
Дойдубут үһүс сылын уустук балаһыанньаҕа туруулаһан олорор. Бу аан дойдуну аймаабыт, олох бары эйгэтигэр, дойдулар икки ардыларыгар онто да суох кэбирэх сыһыаннары айгыраппыт, киһи-аймахха күннэтэ кутталы үөскэтэр тургутуу кэмигэр Арассыыйа судаарыстыбатын көмүскэлигэр Анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьон уонна кинилэр дьиэ кэргэннэрин кыһалҕата саамай сүрүн болҕомто киинигэр сылдьар. Ити туһунан Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин, бырабыыталыстыба мэлдьи тоһоҕолоон бэлиэтииллэр уонна ирдииллэр. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев үгэскэ кубулуйбут Ил Түмэн дьокутааттарыгар Анал этиитигэр бу боппуруос тыын суолталааҕын өссө төгүл тоһоҕолоон эппитэ.
Сунтаар улууһуттан анал байыаннай дьайыыга 73 мобилизованнай, 45 контрактник уонна 2 доброволец сылдьаллар. Улуус дьаһалтата дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан болҕомтону ууран үлэлиир. Маныаха бу үлэҕэ нэһилиэнньэ бүтүннүүтэ — оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, волонтердар кытталлар уонна тустаахтарга араас өрүттээх көмөнү оҥороллор – наадалаах тэриллэри, сылаас, табыгастаах таҥаһы хомуйаллар, тигэллэр, алгыстаах харысхаллары оҥороллор, оҕолор сурук суруйаллар, кырдьаҕастар харыстыыр сиэккэлэри өрөллөр, биир тылынан ким тугу сатыырынан, кыайарынан кыайыы туһугар үлэлииллэр. Улуус дьаһалтата ыытыллар үлэни барытын сүрүннүүр, тэрийэр.
Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан улуус баһылыга уонна солбуйааччылара, дьаһалта аппараатын эппиэттээх үлэһиттэрэ Уһук Илиҥҥэ байыаннай бэлэмнэнии ыытыллар сирдэригэр уонна быһаччы байыаннай дьайыы зонатыгар Луганскайга тиийэн биир дойдулаахтарын көрүстүлэр, санааларын бөҕөхсүттүлэр уонна наадалаах көмөнү, тэриллэри тириэртилэр. Улуус уопсастыбанньыктарын күүһүнэн 5 мөл 716 тыһ.солк., пуондаттан 6 мөл. 257 тыһ.солк. (уопсайа 11 мөл.974 тыһ.солк.) көмөнү тириэртилэр (ол иһигэр: 881 тыһ.799 солк. таҥас-сап, рюкзактар, кааскалар, утуйар таҥас кэмпилиэгэ, 636 тыһ.386 солк. туттуллар тэриллэр – генератор, фонариктар, аптечкалар, лазернай дальномер, аккумулятордар, икки квадроцикл, биирдиитэ 850 тыһ.солк., 8 мөл. 692 тыһ.солк. анал тэриллэр – квадрокоптер, каллиматор, тепловизордар, бронежилеттар, рация).
Итини тэҥэ, Экология министиэристибэтин кытары бииргэ икки УАЗ массыынаны байыаннай сыалга уларытан оҥордубут. Итинтэн да атын үгүс көмө оҥоһулунна.
Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин барытын учуокка ылан, улуус тэрилтэлэрэ бары хайысханан көмөнү, чэпчэтиини оҥороллор. Волонтердар штабтара, үлэлии сылдьыбыт тэрилтэлэрэ дьиэ кэргэттэригэр күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарыттан саҕалаан араас көмөнү оҥороллор.
Сокуон өттүнэн уонна социальнай хайысханан элбэх өйөбүллэри киллэрдибит. Дьиэ кэргэттэрэ сир учаастагын арендатыттан, баай-дуол нолуогуттан, оҕо уһуйааныгар төрөппүт усунуоһуттан босхолоноллор. Оскуолаҕа төлөбүрэ суох итии аһылыгынан, өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи оҕо лааҕырдарыгар босхо путевканан хааччыллаллар, улуус иһинээҕи общественнай транспорга босхо айанныыллар. Улуус култуурунай-сынньанар тэрээһиннэригэр босхо сылдьаллар. Аадырыстаах көмөнү оҥоруу тиһигэр дьиэ кэргэттэргэ көмөнү оҥоруу туһунан эбии балаһыанньа киирбитэ. Ол быһыытынан 38 ыал көмөнү ылла.
Көмө, өйөбүл тиһигэ ити курдук араас хайысханан салгыы оҥоһулла туруоҕа.
Национальнай бырайыактарга кыттыы
Улуус дьаһалтата Национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ көдьүүстээх үлэни тэрийэр.
“Үөрэҕирии”. “Модернизация школьных систем образования” федеральнай программанан үөрэх тэрилтэлэригэр хапытаалынай өрөмүөн тиһигинэн тутуллуоҕуттан өрөмүөннэнэ илик. Кутана оскуолатыгар уопсайа 91 мөл. 244тыһ. солк.улахан өрөмүөн ыытылынна. Бэдэрээтчит “Элита-строй” ХЭТ.
Уруккуларга эбии Куокуну, Күүкэй, Түбэй-Дьаархан, Хадан, Устье оскуолаларыгар естественнай-научнай хайысхалаах “Точка роста” үөрэх Кииннэрэ аһылыннылар. Итилэргэ өрөмүөн үлэтин ыытыыга уонна саҥа тэриллэри, оборудованиены ыларга 10 мөл. 623 тыһ.солк. үбүлээһин тыырылынна. Бу национальнай бырайыак үлэлиэҕиттэн маннык кииннэр улуус 21 оскуолатыгар баар буоллулар.
“Цифровая образовательная система” бырайыагынан быйыл 3 оскуола – Бүлүүчээн лиссиэй-интэринээтэ, Сунтаар 3-с №-дээх уонна Элгээйи оскуолалара цифровой үөрэх систиэмэлэригэр, сайтарга холбонор кыахтаах аныгы оборудованиены ыллылар. Үбүлээһин уопсай суумата 11 мөл.323 тыһ.солк.
“Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ”. Саха сирин Бырабыыталыстыбатын 2019 сыл кулун тутар 27 күнүнээҕи 50 №-дээх дьаһалынан “Переселение граждан из аварийного жилищного фонда на 2019-2025” бырагырааманан улууска уопсайа 34 тыһ. 524 кв.м иэннээх 199 хаарбах туруктаах дьиэттэн 1130 киһи көһөрүллүөхтээх. Бу сыл ахсынньы ыйынааҕы туругунан улууска уопсайа 13 тыһ.535 кв.м. иэннээх 9 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. 243 кыбартыыраҕа дьон көһөн олорор.
2023 сылга Сунтаарга Октябрьскай уул. 49-гар 5 этээстээх дьиэ иккис уочарата бүтэн, эбии 59 кыбартыыраҕа дьон үөрүүлээх быһыыга күлүүстэрин туттулар. Манна уопсайа 88 ыал хаарбах дьиэлэртэн көстүлэр. Тутааччы “Главстройкомплекс” тэрилтэ. Итини тэҥэ 70 лет Октября 1 Б дьиэтигэр 41 кыбартыыраҕа дьон көһөн олорор. Тутааччы “Дабаанстрой” тэрилтэ.
2023 сылга маннык тутуулар бара тураллар. Сорохторо хайы-сах бу сыл бүтүүтүгэр үлэҕэ киириэхтэрэ:
— Сунтаарга Сунтарский переулок 1 А 5 этээстээх дьиэ 3-с подъеһа. Манна 23 кыбартыыра баар, тутааччы “Дабаанстрой” тэрилтэ.
— Хадаҥҥа икки 4-түү кыбартыыралаах дьиэ, тутааччы “Главстройкомплекс” тэрилтэ.
— Күүкэйгэ 4 кыбартыыралаах дьиэ, тутааччы “Главстройкомплекс” тэрилтэ.
— Куокунуга эмиэ 4 кыбартыылаах дьиэ, тутааччы “Дабаанстрой” тэрилтэ.
— Устьеҕа 30 квартиралаах уопсай дьиэ, тутааччы “Сунтарцеолит”. Бу икки этээстээх дьиэ аан бастакытын пеноцеолит диэн олохтоох матырыйаалынан тутулла турара кэрэхсэнэр.
Хаарбах дьиэлэргэ олорооччулар кыбартыыра оннугар харчынан компенсацияны ылалларын туһунан Балаһыанньа баар. Маннык көрүҥүнэн 500 кв м иэннээх 12 кыбартыыра олохтоохторо туһаннылар.
Бырагыраамаҕа инникитин маннык тутуулар былааннаналлар:
— Сунтаарга Партизанскай уул. 86 кыбартыыралаах уопсай дьиэ, тутааччы “Главстройкомплекс” тэрилтэ. Болдьоҕо — 2025 сыл.
— Кириэстээххэ 12 квартиралаах дьиэ, тутааччы “Андраники” ХЭТ. Болдьоҕо – 2025 сыл бүтүүтэ.
— Кэмпэндээйигэ 32 квартиралаах дьиэ, тутааччы “ НИДстрой” тэрилтэ. Болдьоҕо 2025 сыл бүтүүтэ.
Итини тэҥэ 2024 сыл түһүмэҕэр докумуоннары, сайаапкалары оҥоруу үлэтэ барар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ, Сунтаар улууһугар хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматын туолуута 40,65 % тэҥнэһэр.
“Култуура”. Туһааннаах Национальнай бырайыак “Култуура эйгэтэ” салаатынан култуура тэрилтэрин тутуута уонна өрөмүөнэ ыытыллар:
— Кэмпэндээйигэ 150 миэстэлээх култуура киинин “Винстрой” ХЭТ тутан, үлэҕэ киллэрэн эрэр. Бырайыак суумата уопсайа 153 мөл. 424 тыһ. солк.
— Кириэстээххэ Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов туруорсуутунан “Саргы түһүлгэтэ” социальнай-култуурунай киин тутуллар. Көрүллүбүт үбүлээһинэ 193 мөл. солк. Тутааччы “Андраники” тэрилтэ, үлэҕэ киирэр болдьоҕо 2024 сыл бүтүүтэ.
Бырайыак иитинэн тутуулары тэҥэ култуура тэрилтэлэрэ техническэй хааччыллыыга үбүлээһини ыллылар. Ол курдук, С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан Сунтаардааҕы музейнай комплекс өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 3 мөл.118 тыһ. солк., Дьаарханнааҕы “Одун” култуура киинэ 981 тыһ. 98 солк. субсидиялары ыллылар.
Аан дойду ырыынагар кимиилээхтик киирбит саха киинэлэрин нэһилиэнньэҕэ киэҥник көрдөрөргө анаан нэһилиэктэргэ киинэ көрөр саалалары тэрийии үлэтэ барар. Маннык хайысханан Ю.Гурьев аатынан Сиэйэ уонна Элгээйи култуура дьиэлэригэр дьүөрэлии 1 мөл. 30 тыһ. солк. уонна 1 мөл. 42 тыһ. солк. үбүлээһин көрүллэн, туһааннаах оборудованиелар кэлэн таҥылыннылар.
“Доруобуйа харыстабыла”. “Модернизация первичного звена здравоохранения Республики Саха (Якутия) на 2021-2025 годы” бырагырааманан Хадаҥҥа модульнай хабааннаах фельдшерскай пуун 2023 сыл алтынньы 24 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. Атырдьах ыйын 17 күнүгэр Элгээйигэ врачебнай амбулатория сыбаайатын туруоруу бэлиэ түгэнигэр Сахабыт сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыыны ылбыта. Бу бырагыраама чэрчитинэн доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин аныгы оборудованиенан хааччыйыы тиһигин быспакка барар. Оҕо консультациятыгар харах көрөр аппарата, реанимация отделениетыгар тыҥа искусственнай вентиляциятын аппараттара, күүстээх кислороднай концентратордар, цифровой рентген аппараттар, онтон да атын оборудование. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан куртах, оһоҕос, тыҥа көрөр аныгы видеоэндоскопическай аппарааты лизининэн ылыллыбыта, поликлиникаҕа “Диамант” диэн Арассыыйаҕа оҥоһуллубут цифровой маммограф кэлэн турда. Итилэр бары нэһилиэнньэ доруобуйата чөл буоларыгар, тупсарыгар туһуланаллар.
“Экология”. “Ыраас уу” бырагыраама тиһигинэн Сунтаарга ууну ыраастыыр ситим тутулла турар. Тутуу бастакы түһүмэҕэр Бүлүү өрүстэн ууну ылар водозабор, улахан кыамталаах ууну ыраастыыр станция, уу ситимэ киирэллэр. Бырайыак уопсай суумата 244 мөл. солк, итинтэн 115 мөл. федеральнай, 126 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ, 2 мөл.солк олохтоох бүддьүөттэн кыттыгас үбүлээһин. Баараҕай, улахан суолталаах тутууну “ИнвестДорСтрой” ХЭТ ыытар.
Тыа хаһаайыстыбата
Сунтаар улууһа Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын биир улахан улууһунан биллэр. Бүлүү бөлөх улуустарга Сунтаар улууһа сүөһүтүн ахсаанынан, үүтү, эти оҥоруу кээмэйинэн инники сылдьар. Оттон 2022 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ынах сүөһү ахсаанынан 3-с, 4-с миэстэҕэ сылдьабыт. 2016-2023 сылларга улууска уопсайа 1580 төбө сүөһү киирэр 28 хотон тутулунна.
2023 сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан улууска сүөһү ахсаана — 13 480, ол иһиттэн ыанар ынаҕа — 5 507, сылгы — 13 620, ол иһигэр 6 332 биэ, сибиинньэ — 120, көтөр –1 816.
Сайын Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ыанньыксыттар күрэстэригэр “Кириэстээх” кэпэрэтиип ыанньыксыта Елизавета Никифорова маҥнайгы миэстэни ылан Москва куоракка баран өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскээн кэлбитэ.
Тыа хаһаайыстыбатыгар туһааннаах сирин иэнэ 117 тыһ. 389 га, итинтэн 1 661 га – кормовой, 675 га – туорахтаах култуура, 30 га аһаҕас груҥҥа оҕуруот аһа, 64 869 га – оттонор ходуһа. Үчүгэй сайын сатыылаан, үүнүү куһаҕана суох, тастан көмөтө суох бэйэни хааччынар кыахтанныбыт. 32 657 тонна от бэлэмнэннэ, 3 699 тонна сиилэс угулунна, 692,3 тонна туорахтаах култуура хомулунна, ол иһигэр ньэчимиэн — 172 тонна; эбиэс – 389,5 тонна; сэлиэһинэй – 131 тонна. Үүнүү гаттан 10,7 центнер. Хортуоппуй валовой хомуура 1 401,1 тонна былаан турбутуттан кураан сайын буолан 864 тонна хомулунна.
Улуус агропромышленнай комплексыгар ынах сүөһүнү иитэр 6, сылгыны иитэр 9 тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар, сири таҥастыыр 2 хаһаайыстыба, биир кредитнэй потребительскай кэпэрэтиип, 5 астыыр-үөллүүр тэрилтэ үлэлииллэр. Итини тэҥэ 127 тыа хаһаайыстыбатын урбаанньыта (пиэрмэр) бааллар, мантан 84-дэ ынах сүөһүнү иитэллэр, 32-тэ — сылгынан, 8 – үүнээйинэн дьарыктаналлар. 6 агро-хайысхалаах оскуола, 1 402 кэтэх хаһаайыстыба бааллар.
Ааспыт түөрт аҥар сылы ылан көрдөххө, тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар сайдыы тэтимэ түргэтээтэ, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта сөптөөхтүк үлэлээһин түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн Сунтаар улууһун ирээтигэр тиксэр үбүлээһин кээмэйэ улаатта. Тыа хаһаайыстыбатыгар олус көдьүүстээх, үчүгэй үбүлээһиннээх программалар үлэлииллэр.
“Развитие сельского хозяйства и регулирование рынков сельскохозяйственной продукции, сырья и продовольствия на 2020-2024 годы” диэн СӨ Судаарыстыбаннай бырагырааманан үүт туттарааччыларга 326 мөл. 950 тыһ. солк. субсидия төлөннө.
Сүөһү ахсаанын сарбыйыыны бохсорго кэтэх хаһаайыстыбалаахтарга ыанар ынах хас биирдиитин төбөтүгэр 37-лии тыһ.солк. төлөнөрүн тыа сирин дьоно биһирээтилэр. Ити курдук 2 224 ыанар ынахха уопсайа 82 мөл. 288 тыһ.солк субсидия төлөннө. Биэ төбөтүгэр 5-тии тыһ. солк. эбии төлөбүр эмиэ оҥоһуллар. Манна 49 сылгынан дьарыктанар табаары оҥорооччулар 23 мөл.54 тыһ.солк. субсидияны ыллылар.
Бу бырагырааманан атын салааларга эмиэ субсидиялар көрүллэллэр. Үүнээйинэн дьарыктанар 11 хаһаайыстыба эмиэ маннык өйөбүлү ылан туһаннылар.
“Развитие кормопроизводства”программанан 2023 сылга 8 хаһаайыстыбаҕа, пиэрмэрдэргэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, оборудованиетын уонна 6 хаһаайыстыбаҕа уонна пиэрмэрдэргэ кормовой култуура, бурдук сиэмэтин атыылаһыы ороскуоттарын сорох өттүн толуналларыгар судаарыстыбаннай уонна олохтоох бүддьүөттэн субсидия бэрилиннэ. Субсидия уопсай кээмэйэ 27 мөл. солк. Уопсайа 24 тиэхиньикэ (ол иһигэр 4 МТЗ-82 тыраахтыр) уонна сир оҥорор араас тэриллэр ылыныллыбыттара.
СХПК «Тойбохой» РосАгроЛизинг нөҥүө Федеральнай бырагыраамаҕа киирэн 98% өйөбүллээх Россельмаш тэрилтэттэн саҥа бурдук хомуйар комбайн ылла.
Сунтаар улууһугар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи «Буола күнэ-2023» диэн күрэскэ маҥнайгы миэстэ Сунтаар (Күндэйэ) хамаандата ылары ситистэ, иккис миэстэҕэ Горнай улууһа, үһүс миэстэҕэ Чурапчы улууһа таҕыстылар.
Регионнааҕы “Агростартап” бырайыагынан 8 мөл. солк. суумалаах граны Күндэйэттэн Андреева Клавдия Алексеевна, Күндэйэҕэ эдэр пиэрмэ Максимов Егор Павлович 2022 сыллаахха ылбыт “Агростартап” гранын олоххо киллэрэн быйыл 50 төбөҕө саҥа хотон тутан киллэрдэ.
Бордоҥ нэһилиэгэр пиэрмэр Алексеев Николай Алквиадович уонна Кутана нэһилиэгэр пиэрмэр Комин Михаил Пантелеймонович үлэлээбэккэ турбут хотоннору сөргүтэн Бордоҥҥо 45, Кутанаҕа 81 ыанар сүөһүлэри киллэрдилэр.
Улуус улахан тэрээһиннээх хаһаайыстыбалара — кэпэрэтииптэр үлэлэрин көдьүүһүн үрдэтиигэ, ороскуоттарын сорох өттүн толуналларыгар судаарыстыба өттүттэн сөптөөх өйөбүл, көмө эмиэ оҥоһуллар. Ол курдук “Сырдык аартык” кооператив 3 мөл.151 тыһ.солк., “Үрдэл” кэпэрэтиип 199 тыһ.78 солк. субсидиянан туһаннылар. “Ал-Су” кэпэрэтиип 12 мөл. 903 тыһ. солк. суумалаах эбии үбүлээһини 2022 сылга ылан, үүтү астыыр оборудование быйыл ылан туруоруу үлэтэ бара турар.
Бүлүүчээҥҥэ пиэрмэр Максимов Андрей Алексеевич түргэнник сайдар салааны сайыннарыы бырагырааманан 6 мөл. 500 тыһ. солк. суумалаах граҥҥа тиксэн, улууска тыа хаһаайыстыбатын саҥа салаатын – көтөр пиэрмэтин тутан үлэҕэ киллэрдэ. Фермер көтөр араас көрүҥүн – кууруссаны, хааһы, куһу, перепелканы иитэн, улууска тарҕатар былааннаах. Кэнэҕэһин “Максфарм” Бүлүү сүнньүгэр хааһы иитиигэ тирэх хаһаайыстыба быһыытынан сайдыаҕа.
Сунтаар улууһун аграрийдарын иннигэр бэйэ оҥорон таһаарар, экологическай өттүнэн ыраас, иҥэмтиэлээх, сибиэһэй тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатынан бэйэни эрэ буолбакка, промышленнай улуустарга киэҥник тахсан, кинилэри хааччыйыы, тастан кэлэр бородууксуйа кээмэйин аҕыйатыы соруктара, сүөһү иитиитин салаатын бизнеска кубулутан, кини үптээх-харчылаах, ымсыылаах буоларын ситиһии сүрүн Стратегия быһыытынан көрүллэр.
Тутуу уонна хапытаалынай өрөмүөн
“Моя Якутия в 21 веке” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама Сиэйэҕэ элбэх функциялаах култуура уонна спорт Киинин тутуута түмүктэнэн эрэр.Бу нэһилиэккэ Киин хочуолунай үлэҕэ киирэн, социальнай эбийиэктэр холбоннулар.
Бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэктэргэ тутулла турар эбийиэктэр:
— Сунтаарга 450 миэстэлээх полититехническай лиссиэй тутуута, бэдэрээтчит «Главстройкомплекс». Болдьоҕо 2024 сыл.
— Сунтаарга Абаҕа түөлбэтигэр Култуура-спорт комплекса, бэдэрээтчит “Сахаеврострой”. Болдьоҕо 2024 сыл.
— Бордоҥҥо 160 миэстэлээх “Айыллаан” социальнай-култуурунай киин
— Маар Күөлгэ 60 миэстэлээх оскуола спортивнай корпуһа. Бэдэрээтчит “Вид” тэрилтэ. Тутуу бүтэр болдьоҕо 2024 сыл, матырыйаала барыта кэллэ.
— Хадаҥҥа култуура-успуорт комплекса. Тутааччы “Егоров А.А.” тэрилтэ. Болдьоҕо 2024 сыл.
ППМИ бырагырааматынан уонна улуус сайдыытын социальнай-экономическай пуондатын кыттыгас үбүлээһиннэринэн Сунтаарга “Кыталык” уһуйааҥҥа оҕо оонньуур былаһаакката оҥоһулунна, Наахараҕа оскуола өрөмүөннэннэ.
Итини тэҥэ үөрэх тэрилтэлэригэр — Бүлүүчээн лиссиэй-интэринээтин аварийнай спортивнай сааланы көтүрүү, Сунтаар начаалынай оскуолатын аттыгар парковканы оҥоруу, Сунтаардааҕы гимназия, “Солнышко” уһуйаан ис өттүлэригэр, Илимниир оскуола-саадыгар, Сиэйэ, Сунтаар 3 №-дээх оскуолатыгар ититэр, тупсарыы ситимнэригэр араас хабааннаах хапытаалынай өрөмүөннэр бардылар.
Суол-иис хаһаайыстыбата
Ааспыт өттүгэр үп-харчы кырыымчыгынан муниципальнай суоллары көрүү-истиини, өрөмүөннээһини үксүгэр ким хайдах дьаһанарынан ыытар буоллаҕына, кэнники сылларга улуус иһинээҕи муниципальнай суоллары көрүүгэ-истиигэ улахан болҕомто ууруллар. Маныаха Саха сиригэр “Развитие транспортного комплекса Республики Саха (Якутия)” судаарыстыбаннай программа чэрчитинэн Суол-иис пуондатыттан кэлэр субсидия улахан эбиилик буолла. Улуус бүддьүөтүттэн анаан үп көрөн, суол оҥоһуутунан дьарыктанар урбаанньыттары кытта уһун кэмҥэ дуогабардаһан үлэлиибит. Муниципальнай суоллар, муосталар туруктара ордук Кириэстээх-Бүлүүчээн, Сунтаар-Бордоҥ, Бордоҥ-Тэҥкэ өттүгэр мөлтөхтөрүнэн, үбүлээһини ити өттүгэр үгүөрүтүк уган үлэлэри ыыттыбыт. Сорохторугар – Кириэстээх-Бүлүүчээн суолугар Агдаары, Сунтаар-Бордоҥ суолугар Кырамда муосталарыгар, Сунтаар-Бордоҥ суол кэрчигэр, Элгээйигэ киирэр суолга бырайыактыыр-сметнай докумуоннара оҥоһулла сылдьаллар. Улуус киинин – Сунтаар иһигэр элбэх уулуссаларга өрөмүөн барда, 70 лет Октября уулуссаасфальт бүрүөһүннэннэ. Муниципальнай суоллар өрөмүөннэригэр уонна итилэри көрүүгэ-истиигэ ”Айан-Суол” тэрилтэни, урбаанньыттар Гаврил Даниловы, Тимур Ордаховы кытта сыллата хантыраактары түһэрсэн үлэлиибит. 2023 сылга хантыраак уопсай суумата 17 мөл.131 тыһ.солк.
Эдэр ыаллары дьиэнэн хааччыйыы
“Обеспечение качественным жильем и повышение качества жилищно-коммунальных услуг на 2020-2024 годы” диэн өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааматын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 29 мөл.841 тыһ. солк. үс өрүттээх (федеральнай, өрөспүүбүлүкэ, олохтоох) кыттыгас суумалаах субсидия кэлбитинэн үлэ барда. Маннык социальнай төлөбүрү ылан, 2023 сылга улууска 15 дьиэ кэргэн (70 киһи) олорор усулуобуйатын тупсарда. Итилэртэн 11-дэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэр. Сертификаттары үөрүүлээх быһыыга муус устарга туттарбыппыт.
Архитектор үлэтэ
Ахсынньы ый түмүгүнэн уопсайа 27 дьиэни туттарга көҥүл бэрилиннэ, олортон 17 саҥа тутуллан киирбит дьиэҕэ көҥүл оҥоһулунна.
“1000 дворов” бырайыагынан 2023 сылга Элгээйигэ мини-паарка үлэҕэ киирдэ, кэлэр сылга Сунтаарга “Сквер экологов” 1-кы уочарата үлэҕэ киириэҕэ.
Бырамыысыланнас
“Кэмпэндээйи” туус хампаанньата 1840 т техническэй тууһу хостоото. Аһылыкка туттуллар туус линиятын ылан, 64 т тууһу бэлэмнээн, суулаан-хаалан атыыга таһаарда. Бородууксуйа өрөспүүбүлүкэ эргиэнин ситимнэригэр хамаҕатык атыыланар.
Өрөспүүбүлүкэ, улуус оскуолаларыгар, уһуйааннарыгар уонна “Абырал” санаторийга 15 туус хосторун оҥордулар.
“Сунтарцеолит” ХЭТ 2023 сыл 11 ыйыгар 48300 т таас чоҕу хостоото, итинтэн 33000 т туһаҕа таҕыста. Сүрүн туһанааччы – ОДьКХ Сунтаардааҕы филиала, итини тэҥэ чоҕу Өлүөхүмэ, Мирнэй уонна Ленскэй тэрилтэлэрэ ылаллар. 35000 т цеолит хостонно, сүрүн туһанааччынан АЛРОСА хампаанньа буолар.
Тэрилтэ быйыл массыыналары гаһынан хааччыйар станцияны аһан үлэлэтэ турар. Санатан эттэххэ, “Сунтарцеолит” бу хайысханан Бүлүү сүнньүгэр бастакынан инньэ 2000 сыллартан кыра-кыралаан дьарыктанан саҕалаан, нэһилиэнньэҕэ туһалыы турбута. Станция үлэлиэҕиттэн сэтинньи 10 күнүнээҕи туругунан 315 тыһ. литр гаһы туһаҕа таһаарда.
Бу сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр Күүкэй нэһилиэгэр сир анныттан тахсар ууну туһа5а таһааран скважина уонна ууну ыраастыыр станция үлэҕэ киирдэ. Бу ууну ыраастыыр станция тутуутун төлөбүрэ «Развитие систем водоснабжения Вюлийской группы улусов на 2019-2024 годы» бьырагыраама чэрчитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин тус сыаллаах пуондатыттан үбүлэнэн 3 мөл. 452 тыһ. солк. суумаҕа үлэ барда.
Устьеҕа тутуу матырыйаалын оҥорор сыах кыамтата улаатан, хааччыйар эйгэтэ кэҥээн иһэр. Ыаллыы улуустар дуогабарынан ылар буоллулар. Саҥа тутуу матырыйаалынан Устье бөһүөлэгэр элбэх квартиралаах дьиэ тутуллан бүтэн эрэр, эксперимент быһыытынан Устье-Кэмпэндээйи суолун кэрчигэр куттулар.
Хаачыстыбалаах хомунаалынай өҥөнү оҥорууга сөптөөх усулуобуйаны тэрийии
ОДьКХ Сунтаардааҕы филиала нэһилиэктэргэ 29 хочуолунайы, 10 ууну ыраастыыр станциялары (итинтэн 6-та модульнай) үлэлэтэр. Итилэр 22 нэһилиэккэ тэрилтэлэри уонна чааһынай секторы сылааһынан, ыраас уунан хааччыйаллар.
Өрөмүөн бырагырааматынан нэһилиэктэргэ хочуоллары өрөмүөннүүр, носуостары, турбалары, эргэрбит ситимнэри уларытар, бүрүйэр, итини тэҥэ эргэ эбийиэктэрии көтүрүү үлэлэрэ былааннаахтык бардылар. Саҥа үлэҕэ киириэхтээх эбийиэктэр ититэр, уунан хааччыйар ситимнэрин холбоотулар. Ол курдук Аллыҥаҕа – 3, Куокунуга – 5, Бүлүүчээҥҥэ — 7, Элгээйигэ -1 чааһынай ыаллар киин ититиигэ холбоннулар. Түбэйгэ – 19 ыал холбоноругар улуус үбүттэн 3 мөл.925 тыһ.солк. үп көрүллэн матырыйаала ылыллан эһиилги сылга холбонуохтара. Итиннэ холбуу ыраас уу ситимэ тардыллан, дьон олоҕун хаачыстыбата тубуста. Холобурга, Бүлүүчээн нэһилиэгэр учаастак үлэһиттэрин күүһүнэн 3,6 км ситим өрөмүөннэнэн, холбуу уу турбата тардыллан, 34 чааһынай олорор дьиэлэргэ, 8 социальнай эбийиэккэ ыраас уу ситимэ киирэн, дьон абыранна. Ону таһынан Кириэстээх нэһилиэгэр 10 ыал, Кутанаҕа 2 ыал, Аллаҥаҕа 2 анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр ыраас уу ситимэ киирдэ. Кинилэри киинтэн ититиигэ холбуурга 1 мөл.143 тыһ.солк. суумалаах үлэ барда. Маннык үлэлэр кэлэр өртүгэр даҕаны салҕаныахтара. Бу хайысха5а улахан болҕомто ууруллар.
Кытаанах хомунаалынай тобохтору дьаһайыы
Бу хайысхаҕа үлэни тэрийии региональнай операторга сатаммакка хас да сыл улахан кыһалҕа буола сылдьыбыта. От ыйыттан бэйэбит тэрилтэбит “Жилкомсервис” региональнай оператор статуһун ылан, үлэтин саҕалаата. Улуус иһинэн “2022-2027 сс. кытаанах хомунаалынай тобохтору хомуйуу” диэн муниципальнай программа ылыллыбыта. Онно Сунтаар нэһилиэгэр хомунаалынай тобохтору мунньар былаһааккаҕа туруохтаах 100 устуука анал контейнердары ыларга 1 мөл 900 тыһ.солк, көҥүлэ суох сиргэ оҥоһуллубут сыбаалкалары ыраастааһыҥҥа 1 мөл.солк. көрүллүбүтэ.
Сибээс, информационнай технология сайдыылара
Бүтүн Арассыыйа таһымыгар 100-500 киһи олорор нэһилиэнньэлээх пууннары (сирдэри) түргэн Интэринэт холбуур куонкуруска Сунтаар улууһуттан урут сибээһэ суох олорбут 4 кыра нэһилиэк – Наахара, Туойдаах, Тэҥкэ, Толоон кыттыбыттара. Улууис дьоно түмсүүлээхтик турунан куоластаан, кыайыылаах тахсан, 2023 сыл алтынньы ыйыгар нэһилиэктэр бары 4G стандартаах сотовай сибээс өҥөтүнэн туһанар кыахтаннылар.
Урбаан уонна ырыынак эйгэтэ
Сунтаар улууһугар 613 аччыгый уонна орто урбаан субьектара бааллар. Урбаанньыттар сүрүннээн тыа хаһаайыстыбатынан, эргиэнинэн, таһаҕаһы уонна дьону тиэйиинэн о.д.а. дьарыктаналлар. Кэрэ буолуу өҥөлөрүн (косметология, тыҥырах, баттах) саҥаттан саҥа көрүҥнэрэ эбиллэ тураллар.
Бу сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан атыы-эргиэн эйгэтигэр табаар эргиирэ 2 мөл.786 тыһ.солк. тэҥнэстэ, ити ааспыт сыл бу кэмигэр тэҥнээтэххэ 1,7 % күччээбит. Оттон общественнай аһылык эргиирэ ааспыт сыллааҕар төттөрүтүн 13 % үрдээбит.
Урбаанньыттар общественнай көхтөрө биллэ үрдээбитин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук араас граннарга кытталлар, форумнарга, семинардарга билиилэрин-көрүүлэрин үрдэтинэллэр, улуус ыытар тэрээһиннэригэр, акцияларга спонсордыыллар. Нэһилиэктэргэ, улуус киинигэр саҥа эргиэн кииннэрэ, маҕаһыыннар арылыннылар, нэһилиэнньэҕэ өҥөнү оҥоруу арааһа элбээн, тупсан иһэр. Биир сонун көстүүнэн эдэр ыал бэйэлэрэ оҕолорго аналлаах контактнай зоопарканы арыйдылар. Зоопарка харамайдара элбии, эбиллэ тураллар.
Урбаан биир кимиилээхтик сайдар көрүҥүнэн туристическай биисинэс буолар. Устьеҕа Виктор Ващенко “Тещин язык” спортивнай-туристическай комплексаны, Тэҥкэҕэ Индеевтэр “Абааһы Балаҕана” турбазаны, Кириэстээххэ Изабелла Платонова агротуризм базатын, Наахараҕа Васильевтар “Бөрө үүтээнэ” сынньанар дьиэни, Максим Оконешников “КЕМПИНГ-ТУР” тэрилтэни үлэлэтэллэр. Итилэр бары улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэллэр, хас биирдиилэрэ ураты, дьикти турдары тэрийэллэр, бииртэн биир тупсаҕай эбийиэктэри туттан, сынньанааччылары сөхтөрөллөр. Дьон үлэлиир баҕата уҕараабат. Быйыл Бүлүүчээҥҥэ эдэр ыал “Кытылга” сынньанар дьиэни, Тойбохойго Корниловтар дьиэ кэргэннэрэ “ХОРС-КЕМПИНГ” диэн ипподромнаах, сынньанар эбийиэктэрдээх комплексаны үлэлэтэллэр. Пятигорскайтан сүүрүк аты аҕалан, олохтоох аттары баайан, ат спордун сөргүтэр былааннаахтар.
Улуус сайдыытын Пуондатын үлэтэ
“Благополучие и процветание Сунтарского улуса на 2023-2027 гг.” программа чэрчитинэн улуус социальнай-экономическай сайдыытын Пуондата 2023 сылга сүрүннээн маннык хабааннаах үлэлэри ыытта:
— “Капитал-проект” тэрилтэҕэ 120 миэстэлээх Бүлүүчээн техническэй лиссиэйин, 35 миэстэлээх интэринээт тутуутун бырайыактыыр-сметнай докумуонун оҥотторон бүтэрдэ – 7 мөл .350тыһ. солк.
— Сунтаарга балыыһа комплексатын 2-с уочаратын ПСД-та улуус пуондатыннан 15 мөл. солк. көрүллэн оҥоһулла турар. Олунньу ыйга түмүктэнэн экспертизаҕа бэриллиэхтээх.
— Элгээйитээҕи Б.Н.Андреев аатынан регионнааҕы экологическай киин (Айылҕа музейа), Албан Аат болуоссатыгар киирэр Кутурҕан Томторун сирин бүрүөһүнүн гранит билиитэлэргэ уларытыы, Сунтаарга МФЦ саҥа тутуллуохтаах дьиэтин, Сунтаарга Ийэҕэ аналлаах, Үлэ дьоруойдарын искибиэрдэрин, “Тустуу саалатын” тутуу сметнай-бырайыактыыр, экспертизаны ыыттарар, сирдэрин-уоттарын сыһыарар-араарар докумуоннарын оҥорторууга үлэни ыыталлар.
— Кэмпэндээйигэ “Тумара” питомнигар баар бизоннар ахсааннарын элбэтэр сыаллаах Горнай улууһун “Тыымпынай” питомнигыттан 10 төбө бизону эбии атыылаһан, билигин кинилэр ахсааннара 20 буолла. Сайын от ыйын бүтүүтүттэн бизоннары иккис сылын Намана диэки көҥүлгэ ыытыы тэриллэр. Сэтинньигэ төттөрү аҕалаллар. Бизоннары иитэргэ-харайарга оту, комбикорманы, эбиэһи, ону тэҥэ транспорт уматыгын, саппаас чаастарын, тиэйэр-таһар ороскуоту барытын Пуонда толуйар.
— ППМИ (Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программа) бырайыактарыгар кыттыгас үбүлээһин.
— Сунтаар кыраныыссатыгар баар айан аартыгын (стела) ситэриигэ138 тыһ.солк. ”ВИМ-СТРОЙ” тэрилтэҕэ уонна 81 тыһ.солк. урбаанньыт Ю.И. Михайловка, Дьокуускай к. “Владимир Павлов искибиэрин, Үс Хатыҥҥа сунтаардар ыһыахтыыр түһүлгэлэрин тупсаран, ситэрэн оҥорууга төлөннө.
— Социальнай хайысхалаах тэрээһиннэр үбүлэннилэр: адаптивнай успуорт сүүмэрдиир хамаандатын чилиэннэрин — 80 киһи пуормата, Спартакиада кэмигэр аһылыктарын ороскуота төлөннө, Тойбохойдооҕу оҕо киинигэр уонна 6 агрооскуолаҕа 10 емкость бэрилиннэ, олохторугар уустук балаһыанньаҕа түбэспит, суһал операцияҕа барар дьоҥҥо о.д.а 5 мөл суумалаах материальнай көмө оҥоһулунна. Улуус имиджин көтөҕүүгэ туһуламмыт тэрээһиннэргэ үбүлээһин оҥоһулунна.
Доруобай киһи – чэгиэн уопсастыба
Сунтаардааҕы киин балыыһа нэһилиэнньэ доруобуйатын араҥаччылааһыҥҥа элбэх хайысхалаах, суолталаах үлэни тэрийэр. Улууска 10 врачебнай амбулатория, 15 фельдшерскай-акушерскай пууннар бааллар. Уопсай үлэһит ахсаана 554 үлэһит баар биллэр, мантан: 77 быраас, 249 орто медицинскэй персонал, 59 кыра медицинскэй персонал үлэһиттэрэ.Киин балыыһа структуратыгар киирэллэр: сытан эмтэнэр араас отделениелар 137 куойкалара, 36 күнүскү эмтээһин куойката, түргэн медицинскэй көмө отделениета, клиническай диагноз оҥорор лаборатория, ренген сулууспата уонна 9 медицинэ хаһаайыстыбата.
Бу сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан киин балыыһа штатын уопсай ахсаана -557,25 штатнай единица, онтон бырааһа 99,5 единица, орто медицинскэй персонал — 257,75 единица буолар.
2023 сылга улууска 13 быраас тиийбэт. Ол төрүөтэ:
— улууспут киин куораттан ырааҕа;
— атын сиргэ көһүүннэн сибээстээн – үгүстүк Дьокуускай куоракка көһүү;
— бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыы;
— «Земский доктор» социальнай өйөбүл дуогабарынан үлэлээбит исписэлиистэр дуогабардарын болдьоҕо бүппүтүн кэннэ көһүүлэрэ.
Оройуоннааҕы доруобуйа харыстабылын үлэтигэр-хамнаһыгар медицинскэй кадрдар тиийбэттэрэ нэһилиэктэргэ уонна учаастактарга медицинскэй көмөнү оҥорорго улахан дьайыыны онорор, ордук кыра нэһилиэктэргэ. Хордоҕой, Уһун Күөл, Кутана амбулаториялара билигин бырааһа суохтар.
Ордук дефициттаах идэлэр ахсааннарыгар маннык быраастар киирэллэр: акушер- гинеколог; реаниматолог, анестезиолог, хирург, онколог.
Сунтаар улууһун дьаһалтата Нерюнгритааҕы медицинскэй колледжы кытта сөбүлэҥ түһэрсэн, технологическай колледж базатыгар филиалы арыйдылар. Маннык саҥа бырайыак олоххо киирэн, улууска доруобуйа харыстабылын эйгэтин сайдыытыгар, үлэтигэр төһүү буолуоҕа.
Бу сыл ахсынньы 5 күнүгэр Бүлүү бөлөх улуустара кыттыылаах Ил Түмэн доруобуйаҕа харыстабылын кэмитиэтин сүбэ мунньаҕар этиилэрбитин киллэрбиппит. Манна доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр икки сытыытык турар боппуруостары дьүүллэһии буолбута. Ол курдук саҥа исписэлиистэри улууска олохсутан хаалларар услуобуйаны тэрийии, уһук сытар нэһилиэнньэлээх пууннары эминэн хааччыйыы тула кэпсэтии буолбута. Целевой бырагырааманан идэни баһылаабыт исписэлиистэр дуогабардарын ситэ толорууларын ситиһии, кинилэр үлэлиир хааччахтарын уһатыы, оскуолаҕа медицинскэй кылаастары арыйыы, исписэлиис престиһын үрдэтии, эминэн хааччыллыыны ситиһии курдук, нэһилиэнньэ доруобуйатын туругар олус наадалаах этиилэр киирбиттэрэ. Хас биирдии боппуруос боротокуолга киирэн салгыы үлэ барыаҕа.
Үөрэҕирии
2023 сыл Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылынан биллэриллибитэ бу эйгэ үлэһиттэрин айымньылаах үлэҕэ, үгүс ситиһиилэргэ кынаттаата, сыралаах, түбүктээх үлэлэрэ үрдүктүк сыаналанна. Алексеева Туйаара Александровна – Бүтүн Россиятааҕы бастыҥ учуутал бириэмийэтин, Алексеева Римма Григорьевна — Михаил Алексеев аатынан Саха сирин Судаарыстыбаннай бириэмийэтин, Новикова Галина Васильевна Ил Дархан куоҥкуруһун кыайыылааҕын үрдүк аатын ыллылар.
Ситиһиилээх, үрдүк квалификациялаах педагогтар үөрэнээччилэрэ, иитиллээччилэрэ эмиэ ситиһиилэрэ үгүс.
2023 сылга оскуоланы 265 выпускник бүтэрдэ. Сунтаардааҕы политехническай лицей үөрэнээччитэ Феврония Саввинова нуучча тылын экзаменыгар 100 баалы ылан улахан ситиһиилэннэ. Политехническай лиссиэй, Маар Күөл, Хадан, Күүкэй, Бүлүүчээн лиссиэй-интэринээтин үөрэнээччилэрэ ордук чиҥ билиилээхтэрин экзаменнар көрдөрдүлэр. Оскуоланы бүтэрбиттэртэн 116 оҕо орто-анал, 81 оҕо үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирдилэр.
Улуус оскуолаларыгар педагогическай каадырдар син биир тиийбэттэр. Холобур, аҥардас Дьаархан оскуолатыгар уонча предметник-учуутал наада диэн биллэрии баар. Оскуолаларга быйыл урукку сыллардааҕар аҕыйах — 21 үөрэҕи бүтэрбит эдэр учуутал кэллэ. Улуус дьаһалтата 2023-2024 үөрэх сылыгар саҥа үлэлии кэлэр учууталларга көмө, өйөбүл быһыытынан дьиэлэрин арендатын төлүүргэ бүддьүөттэн үбүлээһини көрдө.
Оскуолаларга патриотическай тыыҥҥа иитиигэ улахан болҕомто ууруллар. Бу аҥардас кылаас чаастара, спортивнай-байыаннай күрэхтэһиилэр эрэ буолбакка, күннээҕи көстүүлэргэ кытта дьүөрэлэһэр. Ол биир көстүүтэ — быйылгы үөрэх сылыгар үөрэнээччилэр бүттүүн сахалыы моһуоннаах, аныгы тупсаҕай көстүүлээх, түөһүгэр гербэлээх оскуола таҥастаннылар. Сунтаардааҕы гимназия “Сонор” поисковай этэрээтэ балаҕан ыйыгар Ильмень күөл Старай Русса эргин чинчийэр-көрдүүр үлэлэргэ сырыттылар. Кинилэр булбут экспонаттарын оскуола түмэлигэр туттардылар.
Иитии-үөрэх процеһыгар саҥаны, бастыҥы киллэрэр, чиҥ билиини тириэрдэр, аныгы технологиялары кэлимник киллэрэр туһугар үөрэх тэрилтэлэрэ элбэх куонкурустарга кытталлар, граннары ылаллар. Холобурга эттэххэ, Сунтаардааҕы “Ньургуһун” уһуйаан иитээччилэрэ 1 мөл.солк. суумалаах грант ылан үс тылынан дьарыктыыр квадрокоптерыгар тиийэ хааччыллыбыт медиа-студияны тэрийдилэр. Кырачааннар мантан инньэ бэйэлэри мультиктары устар, роликтары оҥорор сатабылы баһылыахтара. “Кыталык” уһуйаан физруга Павел Павлов эр дьон педагогтар өрөспүүбүлүкэтээҕи куоҥкурустарыгар үс бастыҥнар ахсааннарыгар киирдэ. Бордоҥ агрооскуолатын үөрэнээччилэрин хамаандата “Өбүгэ оонньуулара” республикатааҕы этно-бэстибээлгэ 13 хамаанданы сабырыйан, муҥутуур кыайыылааҕынан буолла. Өй-санаа күөн күрэстэригэр, спортивнай күрэхтэһиилэргэ, ырыаҕа-үҥкүүгэ оҕолорбут ситиһиилэрэ үгүс.
Култуура
Сунтаар улууһугар култуура тэрилтэлэригэр барыта 312 дьон үлэлиир, онтон эбии үөрэхтээһиҥҥэ 47 киһи.
Бу сыл ахсынньы ыйынааҕы күнүнэн култуура тэрилтэлэрэ 2 048 маассабай тэрээһиннэри ыыттылар. Итилэргэ 166 542 киһи сырытта, кытынна. Улуус култууратын тэрилтэрэ сыллата үрдүк тэрээһиннээх, киэҥ дьайыылаах үлэлэри ыыталлар. “Дойдубар, дьоммор ситиһии көтөллөнөн”, “Олоҥхо дойдутун оһуордаах түһүлгэтэ”, “Сааскы дорҕоон” рок-муусука, тыыннаах дорҕоон, “Алыптаах мааска” театральнай, “9 оһуордаах түһүлгэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклорнай фестиваллар курдук үгэскэ кубулуйбут бырайыактарын далааһына киэҥ, суолтата дириҥ. Үйэтитиигэ, улуус култууратын пуондатын тэрийиигэ, култуура үлэһиттэрин таһымнарын үрдэтиигэ үгүс үлэ ыытыллар.
Сонун бырайыактары дьон сэргээтэ: кырдьаҕастар лааҕырдара, эр киһи, дьахтар сахалыы таҥаһын тигии, көрдөрүү, коллекционердар, булт тэриллэрин, ас-үөл, бэйэ оҥоһуктарын быыстапкалара, араас тиэмэлэргэ сынньалаҥ күннэр, Амыдайдар концертара о.д.а.
Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолата Элгээйи оҕо ускуустубатын кытта былырыыҥҥыттан биир тэрилтэ буолан муусука, ускуустуба кэрэ эйгэтигэр оҕолору уһуйар улэтэ утумнаахтык бара турар
Оскуолаҕа 4 хайысханан (хореография, музыка, фольклор, уруһуй) үөрэтэбит, 14 специальноһынан дьарыктыыбыт (хор, фортепиано, хореография, баян, гитара, синтезатор, тромбон, дизайн, прикладное искусство, уруһуй, фольклор, вокальнай-инструментальнай ансамбль, компьютернай графика, ударнай инструменнар). Барыта 483 оҕо дьарыктана сылдьар, олортон 148 оҕо предпрофессиональнай, 335 оҕо уопсай сайыннарыы эбии үөрэхтээһинин программатынан үөрэнэллэр.
С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл «Якутия мастеровая» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа; «Эр киһи килбиэннээх кура» өрөспүүбүлүкэтээҕи ювелирдар күрэстэригэр; «Дэгиттэр быһах» өрөспүүбүлүкэтээҕи тимир уустарын күрэстэригэр ситиһиилээхтик кытыннылар, тэрийдилэр. «Сарыал» түмсүү тикпит атын симэҕэ Дьокуускай куоракка Туймаада ыһыаҕар ыытыллыбыт «Күн Дьөһөгөй» ат симэҕин көрүү-күрэһигэр кыайыылааҕынан буолла.
Сунтаар кииннэммит бибилэтиэкэтин ситимэ нэһилиэнньэҕэ электроннай уонна быраап өҥөлөрүгэр көмө арааһын оҥороллор. 2024 сыл бэлиэ күннэрин «Календарь знаменательных дат Сунтарского района на 2024», бибилэтиэкэ үлэтин сырдатар «Библиотечная жизнь на страницах печати» электроннай дайджест оҥоһуллунна. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылын чэрчитинэн Сунтаар улууһун үлэ дьоруойдара Михайлов Владимир Африканович, Бессонов Георгий Евдокимович, Андреев Дмитрий Гаврильевич, Семенов Григорий Трофимович, Гуляев Прокопий Васильевич олохторун, үлэлэрин сырдатарга аналлаах сүбэлиир испииһэктэри бэлэмнэннилэр.
Физическэй култуура, успуорт
Сыллата Сунтаар улууһугар физкультуранан уонна успуордунан нэһилиэнньэ 58,9% бырыһыана дьарыктанар. Сунтаар спортсменнара сыл устата 33 республика күрэхтэһиилэригэр, 27 чемпионаттарга, 4 Дальнай Восток чемпионаттарыгар, 12 Россия күрэхтэһиилэригэр, 7 Россия чемпионаттарыгар, 4 международнай күрэхтэһиилэргэ кытыннылар.
Чэпчэки атлетикаҕа, көҥүл тустууга, хапсаҕайга, боксаҕа, оҕунан ытыыга, буулдьанан ытыыга, мас тардыһыытыгар спортсменнарбыт Сахабыт сирин аатыртылар. Юлиан Сидоров мас тардыһыытыгар Аан дойду чемпиона ситиһиилэммитэ. Сүүрүк Наталья Леонтьева, тустуук Лев Павлов, охчут Мария Тараярова, мас тардыһыытыгар Эльдар Ушатов ордук элбэх, ааттаах-суоллаах күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттарын, тренердэртэн Тимофей Большаков, Афанасий Жараев, Николай Данилов, Семен Михайлов,кэргэннии Николаевтар таһаарыылаах үлэлэрин бэлиэтиир тоҕоостоох.
Россияҕа, Саха сиригэр Физкультура уонна спорт сайдыбыта 100 сылыгар аналлаах тэрээһин үлэтэ улууспутугар элбэх тэрээһин ыытылынна. Бу чэрчитинэн, кэлэр сыл маннайгы ыйыгар, Сунтаар нэһилиэгэр улууспут спордун сырдатар сыалтан музей арыллара күүтүллэр.
Ыччат
Билиҥҥи кэмҥэ ыччат тэрилтэлэрин, түмсүүлэрин үлэлэрин сүрүн хайысхата түмсүүлээх, чөл туруктаах, патриотическай өйдөөх-санаалаах буолууга туһуланар. Ол да быһыытынан ыытыллар үлэлэр онуоха хабааттаахтар. “Боотурдар оонньуулара”, араас акциялар, форумнар, интеллектуальнай күрэхтэрдалааһыннара кэҥээн, кыттааччыларын ахсаана элбээн иһэр. Кэмпэндээйигэ “ТУРСУН” аан бастакы республикатааҕы ыччат туристическай слетугар улуустартан, куораттартан 20 хамаанда кытынна. Манна 1-кы миэстэни Мирнэй хамаандата ылан, 200 тыһ. солк. сертификатынан наҕараадаламмыта, 2-с, 3-с миэстэлэргэ дьүөрэлии Тойбохой, Кутана хамаандалара тиксибиттэрэ. Быйыл байыаннай-патриотическай иитиигэ хайысхалаах “Тургутук” диэн саҥа күрэх Илимнииргэ тэрилиннэ.
Ыччаттар волонтерство хамсааһынын сүрүннүүллэр. Улуустааҕы штабка бары нэһилиэктэртэн 78 волонтер баар. Кинилэр сүрүннээн ыксаллаах түгэннэргэ, кыаммат-кырдьаҕас араҥаҕа уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр көмөнү оҥорууга кытталлар. Бу сылга барыта 754 сайаапка киирбититтэн 100% барыта туолла. Волонтердар штабтара үлэлэрин түмүгүнэн быйыл республикаҕа бастыҥынан ааттанна.
Нэһилиэнньэ олоҕун таһымын тупсарыы
Бу сыл сэтинньи 1 күнүнээҕи туругунан улууска 5989 дьиэ кэргэн олорор, итинтэн 3631 — элбэх оҕолоох, 6 — приемнай, 863 — соҕотох төрөппүттээх.
Уустук балаһыанньалаах, кыаммат уонна элбэх иитимньилээх дьиэ кэргэттэргэ араас хабааннаах өйөбүл, көмө оҥоһуллар. 50 ыал 1 мөл. 244 тыһ. солк. аадырыстаах көмөнү ыллылар. 216 ыал кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ, бэйэ дьыалатын тэринэргэ, уустук балаһыанньаттан тахсарга социальнай хантараак түһэристилэр.
“Үйэ оҕолоро” тус сыаллаах хапытаал 403 оҕоҕо анаммытыттан 20 мөл. 22 тыһ. солк төлөннө. Оттон өрөспүүбүлүкэтээҕи “Ийэ хапытаала” көрүллүөҕүттэн улуус үрдүнэн уопсайа 1520 сэртипикээт бэрилиннэ. Бу сылга 71 устуука. Итинтэн 51 төлөбүр толуйуллубут, суумата 6 мөл.46 тыһ.солк. Дьиэ кэргэттэр хапытаал үбүн сүрүннээн олорор усулуобуйаны тупсарыыга, итиэннэ тиэхиньикэ ылыыга туһаналлар.
Улууска 5 уонна 5-тэн элбэх сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолоох 138 ыал баар. 2023 сылга төлөбүрүнэн 9 ыал туһаммыт. Төлөбүр уопсай кээмэйэ 34 мөл.833 тыһ солк. Босхо сир учаастагын оннугар аадырыстаах көмөнү 114 ыалга 22 мөл.тыһ.солк. төлөннө. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын 112 дьиэ кэргэттэригэр 22 мөл. 400. тыһ солк биир кэмнээх материальнай көмө оҥоһулунна.
Улууска социальнай хайысхалаах 3 муниципальнай бырагыраама үлэлиир. “Социальная поддержка и семейная политика на 2020-2026 гг.”, “Профилактика правонарушений, “Безбарьерная среда жизнедеятельности инвалидов и других маломобильных групп населения”.
Бу сылга, “Социальная поддержка и семейная политика на 2020-2026 гг.” сүрүн бырагыраамаҕа 4 мөл.815 тыһ.солк. көрүллүбүтэ. Ол быһыытынан дьиэ кэргэн статуһун үрдэтиигэ, туруктаах буолуутугар туһуламмыт араас тэрээһиннэр ыытылыннылар. 1994 сылтан улууска 50 уонна онтон элбэх сыл олорбут дьиэ кэргэттэри “Кыһыл көмүс Кинигэҕэ” киллэрии үгэскэ кубулуйда. Ити кэмтэн Кинигэҕэ 333 ыал сурулунна. Сылларынан көрдөххө уһуннук олорор ыал ахсаана элбээн иһэр. Быйыл 16 көмүс, биирдии изумруднай уонна бриллиантовай ыаллар сурулуннулар.
Доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо туһуламмыт дьаһаллар
Сунтаар улууһугар доруобуйаларынан хааччахтаах 1892 киһи олорор, мантан 1680 — улахан киһи, 212 оҕо. Көстөрүн курдук ахсаан улаатыы өттүгэр барар.
Саха сирин бүддьүөтүттэн 38 инбэлиит, ол иһигэр 6 оҕо доруобуйаларын реабилитациятыгар 870 тыһ.солк. суумалаах техническэй тэриллэринэн хааччыллыбыттар. Бу сыл ахсынньы ый 1 күнүн түмүгүнэн республика реабилитационнай кииннэригэр барар доруобуйаларынан хааччахтаахдьоҥҥо, оҕолорго уонна кинилэри арыаллааччыларга 3 мөл.172 тыһ.солк. айаннарын ороскуота толуйуллубут.
Аадырыстаах материальнай көмө
“О порядке оказания материальной помощи” балаһыанньаҕа олоҕуран, 2023 сыл 10 ыйыгар улуус баһылыгар материальнай көмөҕө наадыйан 81 киһи сайабылыанньа киллэрбит. Мантан 75 сайабылыанньа толоруллубут, ирдэбилгэ эппиэттээбэтинэн 6-та аккаастаммыт. Туһааннаах кэмҥэ 75 киһи улуус баһылыгыттан 1 мөл.582 тыһ.солк. көмөнү ылбыттар.
Кэммиэрчэскэйэ суох социальнай хайысхалаах тэрилтэлэр
Сунтаар улууһугар 208 уопсастыбаннай тэрилтэлэр, түмсүүлэр, 63 территорияларынан уопсастыбаннай тэриллиилэр бааллар. Федеральнай уонна Саха сирин Юстиция управлениетынан регистрацияламмыт тэриллиилэр бэйэлэрин бырайыактарынан куоҥкурустарга кыттан, Саха сирин бүддьүөтүттэн үбүлээһини ылар кыахтаналлар. 2023 сылга улуус дьаһалтата кинилэри кытта сөптөөх үлэни тэрийэн, 1 мөл.148 тыһ.солк. суумалаах субсидияны ылан, нэһилиэктэрдээҕи ТОС-тарга (түөлбэлэргэ ) маннык хабааннаахтык түҥэттэ.
1 категория — 400 нэһилиэнньэлээх муниципальнай тэриллиилэр/поселениелар:
1-кы миэстэ (21 б) – Күүкэй нэһилиэгэ, 200,0 тыһ солк
2-с миэстэ (19 б) – Хоро нэһилиэгэ, 159,40 тыһ солк
2 категория — 400-800 нэһилиэнньэлээх муниципальнай тэриллиилэр/поселениелар:
1-кы миэстэ (23 б) – Дьаархан нэһилиэгэ, 200,0 тыһ солк
2-с миэстэ (21 б) — Бүлүүчээн нэһилиэгэ, 159,40 тыһ солк
2-с миэстэ (21 б) – Куокуну нэһилиэгэ,159,40 тыһ солк
3-с миэстэ (20 б) – Аллыҥа нэһилиэгэ, 125,25 тыһ солк
3 категория – 800-тэн элбэх нэһилиэнньэлээх муниципальнай тэриллиилэр/поселениелар:
1-кы миэстэ (23 б) – Сунтаар нэһилиэгэ, 200, 0 тыһ солк
2-с миэстэ (21 б) – Күндэйэ нэһилиэгэ, 159,40 тыһ солк
2-с миэстэ (21 б) – Кириэстээх нэһилиэгэ, 159,40 тыһ солк
3-с миэстэ (19 б) – Элгээйи нэһилиэгэ, 125,25 тыһ солк
Улуус граннара
Социальнай суолталаах бырайыактары олоххо киллэриигэ улуус иһинэн грантовай конкурстар ыытыллаллар.
“Норуот бүддьүөтэ” куоҥкурус сүрүн ис хоһоонунан доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо социальнай хайысхалаах өҥөнү оҥоруу буолар. 2023 сылга 44 сайаапка киирбититтэн куоҥкурус түмүгүнэн 20 кыттааччыга субсидия көрүлүннэ. Кыайыылаахтарга уопсайа 2 мөл.тыһ.солк. тыырылынна. Маныаха балаһыанньа быһыытынан регистрациялаах тэрилтэлэргэ (НКО) үбүлээһин 500 тыһ.солк, регистрацията суох уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ 1 мөл. 500 тыһ. солк. буолар.
Бүддьүөт уонна нолуок
Сунтаар улууһун 2023 сыллааҕы бүддьүөтэ 2022 сыл ахсынньы 19 күнүнээҕи Улуус (оройуон) Сэбиэтин ХХХХII уочараттаах сессиятыгар бигэргэммитэ. Бүддьүөт дохуоттаах чааһа 4 млрд.643 мөл.437тыһ.солк, ороскуоттаах чааһа эмиэ итиччэнэн киирэн, дефицита суох бүддьүөт ылыллыбыта. Сыл устата 4 төгүл уларытыылар киллэриллэн, муниципальнай оройуон чуолкайдаммыт үбүн бүддьүөтэ дохуоттаах чааһа 5 млрд. 565 мөл. 480 тыһ.солк. уонна ороскуоттаах чааһа 5 млрд. 602 мөл. 439 тыһ.солк. бигэргэнэн, бүддьүөт дефицита 36 мөл. 958 тыһ.солк. буолла.
Муниципальнай оройуон бэйэтин былааннаммыт дохуота ити гынан 516 мөл.196 тыһ.солк., федеральнай уонна Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөттэриттэн киирэр үп 5 млрд.32 мөл.401 тыһ.солк.
Улууска 2023 сыл устата 4 млрд.528 мөл. 696 тыһ.солк. үбүлээһиннээх 18 муниципальнай программа үлэлээтэ. 26 муниципальнай тэриллиилэргэ уонна поселениеларга олохтоох бүддьүөттэн 27 мөл.926 тыһ.солк. ирээттэммитэ. Үбүлээһин көдьүүстээхтик уонна тус сыаллаахтык туһаныллыытын муниципальнай үп-харчы, хонтуруоллуур уорганнар бэрэбиэркэлэрин түмүгэр баар сыыһалар-халтылар ыйыллан, туоратыллаллар, көннөрүллэллэр.
Олохтоох көҕүлээһини өйүүр судаарыстыбаннай бырагыраама (ППМИ) үлэтэ
Нэһилиэктэр бу бырагыраама көдьүүстээхтик үлэлии үөрэннилэр, маныаха нэһилиэнньэ кини суолтатын өйдөөн, көхтөөх кыттыыны ылар. Бары түмсэн, былааннаан кинилэргэ туох ордук наадатын, ханнык кыһалҕалары урутаан быыһаарары бэйэлэрэ былааннаан, ааҕан-суоттаан куонкуруска киллэрэллэр. 2023 сылга 26 нэһилиэктэн 30 бырайыак киирбититтэн, 23 бырайыак талыллан өрөспүүбүлүкэ Үбүн миниистиэристибэтиттэн 46 мөл.солк. субсидияны ылбыттара. Итиннэ олохтоох бүддьүөттэн уонна нэһилиэнньэ, спонсордар кыттыгас үбүлээһиннэрэ эбиллэн, 63 мөл. 594 тыһ. солк. туһаннылар. Сүрүннээн бу үбүнэн уулуссалары сырдатыы, сайыҥҥы уу ситимин тардыы, спортивнай уонна оҕо оонньуур былаһааккаларын тутуу, суол өрөмүөнүн курдук олус суолталаах үлэлэри ыыттылар.
Муниципальнай закупка тиһигэ
Контрактнай сулууспа муниципальнай сакаастары былаанныыр, куонкуруска таһаарар, хантараактар түһэрсиллиилэрин, туолууларын тэрийэр.
2023 сылга түһэрсиллибит кыра, улахан дуогабардар уопсай суумалара 73 мөл.572 тыһ.солк. Ыытыллыбыт закупкалар сүнньүлэринэн Федеральнай антимонопольнай сулууспа управлениетыгар 9 үҥсүү киирбититтэн 4 үҥсүү олоҕо суоҕунан көрүллүбэтэ.
Дьарыктаах буолуу. Үлэ сыһыаннара
Бу сыл ахсынньы ыйын күнүнээҕи Саха сиригэр Дьарыктаах буолуу Киинин Сунтаардааҕы салаатыгар 290 үлэҕэ наадыйааччы сырытта, 618 үлэ миэстэтэ тахсыбытыттан 189 киһи үлэ булла. Үлэ ырыынагын толорууга промышленнай уонна олохтоох тэрилтэлэр, үөрэх кыһалара кыттыылаах дьаарбаҥкалар ыытыллаллар. Күн бүгүн үлэтэ суох киһи ахсаана – 102. Отчуоттуур кэмҥэ 255 киһи үлэтэтэ суоҕунан босуобуйа ылла. Итиннэ 6 мөл. 450 тыһ.солк. ороскуоттанна. Сайыҥҥы кэмҥэ саастарын ситэ илик оҕолору быстах үлэнэн хааччыйыыга, сарбыллыыга, атын да биричиинэлэринэн үлэтэ суох хаалбыт дьону саҥа идэҕэ үөрэтиигэ, саҥа сирдэргэкөһөн үлэлииллэригэр анаан үбүлээһин көрүллэрэ социальнай өттүнэн улахан өйүөктээх. Ол курдук 54 киһи 20 араас идэлэргэ үөрэннилэр. Промышленноска олохтоох каадырдары үлэлэтии тиһигинэн Сунтаар улууһуттан 40-тан тахса киһи бастайааннай уонна вахтовай ньыманан үлэлии сылдьаллар. Дьарыктаах буолуу тэрилтэтэ анал байыаннай дьайыыттан төннөн кэлбит, доруобуйаларыгар хааччахтаах, көҥүллэрэ быста сылдьыбытдьону үлэнэн хааччыйыыга болҕомтону ууран, квотаны көрөн үлэни тэрийэр.
Каадырдары бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу
Бу хайысхаҕа 2023 сылга туһааннаах бырагыраама чэрчитинэн дьаһалта үлэһиттэрэ муниципальнай сулууспа идэлэригэр үөрэнэллэригэр, специалистар квалификацияларын үрдэтинэллэригэр 747,50 тыһ.солк. көрүллүбүтэ. Ол быһыытынан 9 ый түмүгүнэн 9 киһи үөрэннэ, таһымын үрдэттэ.
Муниципальнай бас билии уонна сир сыһыаннарын боппуруостара
Бу сыл устатыгар 259 сир учаастактара докумуоннаннылар, гражданнарга 44 учаастак арендаҕа, 123 учаастак бас билиигэ, тыа хаһаайыстыбатын сирдэриттэн 92 учаастак арендаҕа бэрилиннилэр. Ахсынньы ый 1 күнүнээҕи туругунан 1104 дьиэ кэргэн учаастак ыларга уочаракка тураллар.
“Уһук Илиҥҥи гектар” бырагырааматынан саҥа сирдэри туһаҕа таһаарарга 42 сайаапка киирдэ, итинтэн 36-та дуогабарынан бигэргэннэ. 2023 сылга Тойбохойго Корниловтар дьиэ кэргэннэрэ 4443 кв м иэннээх сири ылан “Крюков” диэн сиргэ ипподромнаах туристическай базаны тэрийдэ, Бүлүүчээҥҥэ эдэр ыал “Сулус” диэн сиргэ сынньанар дьиэни тутан үлэлэтэ тураллар. Күндэйэҕэ фермер А.Дьяконов 9737 кв м сири ылан 59 төбөҕө анаан хотон тутунна.
2023 сылга улуус бүддьүөтүгэр муниципальнай баай-дуол арендатыттан 1 мөл.343 тыһ.солк., сир учаастагын арендатын төлөбүрүттэн 5 мөл.99 тыһ. солк., сир учаастагын атыытыттан 1 мөл. 429 тыһ.солк. киирдэ.
Муниципальнай бас билиигэ 27 история уонна култуура пааматынньыктара киирдилэр.
Гражданнар көҥүллэрин уонна бырааптарын көмүскээһин
Бу сыл ахсынньы ыйын түмүгүнэн Сунтаар улууһугар буруйу оҥоруу көрдөрүүтэ 2,3 % күччээбитэ бэлиэтэнэр. Ол да буоллар киһи доруобуйатын, олоҕун эмсэҕэлэтии, ыар буруйдарыы оҥоруу, уопсастыбаннай миэстэлэргэ буруйу оҥоруу ахсаана элбээбит. Суолга-иискэтахсыбыт 3 саахал итирик туруктаах суоппар уруулга олоруутуттан тахсан, 3 киһи эчэйиини ыллылар. Өлүү түбэлтэтэ суох.
Административнай хамыыһыйа үлэтэ
Бу сыл ахсынньы ый күнүнээҕи туругунан административнай буруйу оҥорууга туһааннаах 117 дьыала көрүллүбүт. Итинтэн 80 уураах миэрэтинэн 88 тыһ. солк. ыстыраап төлөбүрэ ууруллубут. 33 сэрэтии оҥоһуллубут, 3 көтүрүллүбүт. Административнай хамыыһыйа чилиэннэрэ ис дьыала органнарын, дьаһалталар үлэһиттэрин кытта 12 былааннаах рейдэлэргэ тахсан, бэрэбиэркэни оҥордулар.
Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор буруйу оҥоруулара
Сунтаар улууһугар 18-гар диэри саастаах 6893 оҕо баар. Итинтэн ийэтэ, аҕата суох тулаайах хаалбыт 65 оҕо опекаҕа , 10 оҕо иитэ ылбыт дьиэ кэргэҥҥэ, 23 оҕо Тойбохойдооҕу Оҕо киинигэр харалтаҕа сылдьаллар. Бу оҕолор дьылҕаларын, олорор усулуобуйаларын, доруобуйаларын туругун, атын да боппуруостары Опека уонна попечительство салаата болҕомтотугар тутан, хонтуруоллуур, көмөлөһөр, сэмэлиир, сүбэлиир. Специалистар былааннаах бэрэбиэркэҕэ сылга иккитэ сылдьаллар, оҕо бырааба күөмчүлэнэр түгэнигэр хаһан баҕар тиийэн билсэр бырааптаахтар. Ийэтэ, аҕата суох хаалбыт оҕолор лааҕырдарга сынньаналларыгар, үөрэнэ, эмтэнэ баралларыгар улуус бүддьүөтүгэр анаан үп көрүллэр.
2023 сылга төрөппүт эбээһинэһин толорууга эппиэтинэһэ суох сыһыаннаах 7 дьиэ кэргэн (итиннэ 9 оҕо иитиллэр) көҥүллэрэ күөмчүлэннэ, 5 төрөппүт (итиннэ 12 оҕо иитиллэрэ) бырааба быһылынна.
Тулаайахтары дьиэнэн хааччыйыы
Бу сыл ахсынньы 1 күнүнээҕи туругунан уопсайа 64 тулаайах хаалбыт оҕолор дьиэнэн хааччыллыыга уочаракка тураллар, бу сылга 10 сайабылыанньа киирдэ. 10 оҕоттон 2 оҕо толору хааччыллыылаах дьиэннэн хааччылыннылар. 8 оҕо дьиэ сэртипикээтигэр сайабылыанньа киллэрдилэр. Бу уочаратурукку кэми кытта тэҥнээтэххэхас да төгүл аҕыйаата. Ил Дархан сорудаҕынан, тулаайах оҕолору дьиэннэн хааччыйыы боппуруоһугар сэртипикээтинэн бэриллэр буолла. Бэриллибит сэртипикээт көмөтүнэн, оҕолор бэйэлэрэ сөптөөх дьиэни булан атыылаһыахтарын сөп. Быйыл биһиги улууска 4 оҕо олорор дьиэ сэртипикээтин туһанан толору хааччыллыылаах тупсаҕай дьиэ ылан олороллор.
Гражданскай оборона уонна ыксаллаах быһыы-майгы
Бу хайысхаҕа анал хамыыһыйа 20 мунньаҕы тэрийдэ. Дьиэҕэ-уокка, ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуу, халаан уута кэлэригэр бэлэмнэнии, атын даҕаны техногеннай быһылааннарга сэрэхтээх буолууну хамыыһыйа сүрүннүүр.
Баһаартан сэрэхтээх буолуу
Хаһан баҕарар баһаар олоххо-дьаһахха, дьон олоҕор кутталлаах уонна улахан хоромньулаах. Ол иһин алдьархайы эрдэттэн сэрэтиигэ, бохсууга үлэ барар. Умайыы төрүөтэ араас, ол эрээри үксүгэр бу дьон сэрэҕэ суох туттуутуттан, электрическэй хаһаайыстыба, тэриллэр, оһох туругуттан сэдиптээх. Сунтаар улууһун дьаһалтата маныаха социальнай хабааннаах кыһалҕаны көрөн, анаан үбүлээһини көрөн, нэһилиэнньэ кырдьаҕас, кыаммат араҥатыгар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ баһаарынай сигнализацияны босхо туруорууга акциялары тэрийбитэ хас да сыл буолла. 2023 сылга улуус бүддьүөтүттэн 488 тыһ.солк. көрөн, автоматическай баһаары сэрэтэр тэриллэри атыыласпыта. Итинник тэриллэри 760 ыалга босхо туруоруллуоҕа. Маннык дьаһаныы түмүгэр умайыы түбэлтэлэрэ тахсыбатах түгэннэрэ элбэхтэр. Сэрэтэр профилактическай үлэ, кылаас чаастара, араас куонкурустар оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга былааннаахтык бараллар, бу үлэ идэҕэ туһаайыыга эмиэ туһуланар.
2023 сыл баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона
Быйыл ааспыт сылларга тэҥнээтэххэ ойуур баһаарын сезона этэҥҥэ ааста. Уопсайа 11 умайыы бэлиэтэннэ. Куйаас күн-дьыл туран уонна тыаллаах буолан, Бүлүүчээн нэһилиэгин территориятыгар турбут баһаар кэлин улаатан, тэнийэн, 627 галаах сиринэн тайаабыта. Ол иһигэр 611,5 га ойуур, 15,5 га налыы сир. Сайыҥҥы баһаардар ойуур фондатыгар уопсайа 387 тыһ. 507 солк. сууммалаах хоромньуну таһаардылар. Баһаардары умуорууга “Якутлесресурс” тэрилтэттэн 40 үлэһит, 56 мобилизованнайдар уонна анал бэлэмнээх, техникалаах баһаарынай этэрээт байыастара, аччыгый авиация үлэлээтилэр. Сезон кэмигэр баһаар туруутун кэтээн көрөр самолет Сунтаарга базаланан үлэлээбитэ, анал бэлэмнээх парашютист-десантниктар этэрээттэрин тэрийбиппит көдьүүһэ улахан. Ойуур баһаардарын содулларын туоратыыга сонун тэрээһининэн Устье-Күндэйэ икки ардыгар умайбыт сиргэ ойуур үлэһиттэрэ 3000 бэс үнүгэстэрин олортулар.
Дьон ыйытыгынан, көрдөһүүтүнэн үлэни тэрийии
Бу сыл ахсынньы ый күнүнээҕи туругунан муниципальнай оройуон баһылыгын аатыгар гражданнартан 219 көрдөһүү, ыйытык киирдэ. Ол иһигэр: суругунан — 175, электроннай көрүҥүнэн – 8, тылынан – 36 сайабылыанньа.
Саамай элбэх көрдөһүү Сунтаар олохтоохторуттан киирбит – 123. Нэһилиэктэртэн ураты суруктар Новосибирскайтан, Дьокуускайтан, Мирнэйтэн киирбиттэр. Көрүҥнэринэн араардахха 174 сайабылыанньа, 7 – этии, 2 – үҥсүү. Сүрүннээн саастаах дьон, пенсионердар, элбэх оҕолоох уонна доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолордоох ыаллар суруйбуттар. Киирбит ыйытыктар, көрдөһүүлэр 100 бырыһыан хонтуруолга ылыллыбыттара. Ис хоһооннорунан үгүс өттө социальнай хайысхалаахтар.
Түмүк
2023 сылга үлэ-хамнас бары салааларгар ааспыт сылларга сиппэтэхпитин ситэрэн, торумнаабыппытын толорон Сунтаарбыт улууһун социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сөптөөхтүк дьаһанан үлэни-хамнаһы ыыттыбыт. Ол барыта кэлэр сылларга бигэ тирэх буолан, ситэриллэн, чопчуланан, инники сайдыы эркээйитэ буолуоҕа. Улуус дьаһалтатын иннигэр турар соруктартан сүрүн хайысхатынан буолар дьон, нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтии, олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы. Ол да иһин 2024 сыл дойдуга ДЬИЭ КЭРГЭН, САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИГЭР СААС, СУНТААР УЛУУҺУГАР АҔАМ СААСТААХ ДЬОН сыллара биллэриллэннэр, бу хайысхаларга ураты болҕомто ууруллан араас хабааннаах үлэлэр ыытыллыахтара.
Үүнэр 2024 сыл дьоммор-сэргэбэр туруктаах, байылыат олохтоох, үлэлээх-хамнастаах, чөл, чэгиэн айылгылаах, айарга-тутарга, олоҕу тупсарарга көхтөөх, түмсүүлээх буоларгытыгар баҕарабын.
Бары бииргэ – иннибит диэки!
Анатолий ГРИГОРЬЕВ, «Сунтаар улууһа (оройуона)» МО дьаһалтатын баһылыга.