«Сунтаар сонуннара» хаһыат «Дархан» эрэстэрээҥҥэ бэртээхэй КВИЗ оонньууну тэрийэн бээтинсэ күнү олуһун сэргэхситтэ. Дойдубутугар икки эрэстэрээннээхпит, кэнники кэмҥэ бу сынньанар түһүлгэлэргэ ырыа, оонньуу киэһэлэрэ ыытыллар буолбуттара сонун көстүү.
Хаһыат КВИЗ оонньуутугар уопсайа биэс хамаанда «Баанчыктаах кыргыттар», «Паппарони», «Байанайдаах сандалы», «Смарт», «Люди Х», араас ыйытыктарга хоруйдаан, өркөн өйүн толкуйдатан үс түһүмэхтээх оонньууга холоннулар. Хата бу оонньуу көмөтүнэн эҥинэ элбэҕи биллибит, саамай умсугутуулааҕа хаһыат сурутааччыларын ыйытыга олус үчүгэйдэр этэ. Холобур, хатыыс хабаҕыттан тугу оҥороллоруй? (килиэй), эр киһи кэтэр этэрбэһигэр саахымат ойуу тугу суолталыыра? (уруу-аймах) о.д.а. Ону таһынан иккис түһүмэххэ холбукаҕа хаалана сыппыт тэриллэртэн сирдэтэн ыстатыйаны булуу түһүмэҕэ олус интэриэһинэйэ. Үһүскэ ыстатыйа аатын көрдөрөн таайтарыыга кыттааччылар артыыстаан көрдөрдүлэр.
Кыайыылааҕынан Сунтаардааҕы Ис дьыала отделын «Люди Х» буолла. Бирииһэ хамаандалартан хомуллубут киирии үп уопсайа 5000 солк. кинилэргэ тигистэ.
Тэрээһин кэмигэр «Сунтаар сонуннара» хаһыаты кэлбит дьоҥҥо билиһиннэрэн
чэпчэтиилээх сурутуу ыытылынна. Хата мин эһиилги сылбын суруттаран кэбистим. Махтал тэрийээччилэргэ! Бу киэһэттэн элбэҕи билэн, олус сэргэхсийэн тарҕастыбыт.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА