«Сунтаар сонуннара» хаһыат саҥа, уларытыллыбыт тас көстүүтүн (дизайнын) туох дии саныыгын?

Аҕыйах кэмтэн бэттэх хаһыаппыт уларытыллан, саҥалыы көстүүлээх дизайнынан тахса турар. Ол курдук үгэс буолбут таҥыллыытыттан тэйэн, хаартыскалара лаппа улаатан, суругун-бичигин кээмэйэ уларыйан биэрдилэр. Күндү ааҕааччыларбыт бу уларыйыыны хайдах ылыммыттарын билээри чыпчылҕан-ыйытык оҥордубут.

Ульяна, Данил Петровтар, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн:

– Биһиги улууспут хаһыатын бу иккис сылбытын бэйэбит суруттарабыт. Ол иннинэ дьоммутун кытта олорор буолан, төрөппүттэрбит суруттараллара. Билигин, этэргэ дылы, араас ситимҥэ сонун толору, хайата кырдьыга, сымыйата биллибэт. «Сунтаар сонуннара» кэлиҥҥи сылларга ис хоһооно байбыт диэххэ наада, билигин бу өссө тас көрүҥҥэ уларыйбыта харахха быраҕыллар. Ааҕааччыны тас көстүүтүнэн тардар, хаартыска улаханын уонна аттыгар илии баттааһыннааҕын сэргээтибит, этэргэ дылы, альбом көрө олорор курдук. Ыстатыйа аата тута харахха быраҕыллар уонна ити «цитата» курдук тиэкис иһигэр бэлиэтэммит этиилэр үчүгэйдэр.

Валерий Никифоров, суоппар:

– «Сунтаар сонуннара» «кырасаабысса» буолбут. Мин быйылгыттан аадырыска суруттарабын, ол иннинэ атыылаһар этим. Киһи сэргээн ааҕар ис хоһооннооҕо үчүгэй, ити барыта үлэттэн турар буоллаҕа. Бу кэлиҥҥи нүөмэри көрөн баран өссө сөхтүм ээ, «Саха сирэ» били кырата ду дии санаатым. Заголовоктар тута көстөллөр, тиэкис киэҥник сылдьар, били уруккубут страница саҕаланыаҕыттан «впритык» буолара ди, билигин ааҕарга чэпчэки курдук тус санаабар. Дьоһуннаах хаһыат, онон кытаатыҥ, баар-суох олохтоох хаһыаппыт кэми кытта тэҥҥэ сайдан, тупсан иһэрэ ааҕааччыга астык!

Анна Александровна, урбаанньыт:

– Саҥа дизайн үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Мин дьиэ кэргэним оройуон хаһыатын «Ильич уоттарын» саҕаттан сурутар. Онон өйдүүбүн ити бастакы страницаларын. Билигин хаһыаппыт, уопсайынан, сырдык, элбэх киһи болҕомтотун тардар суруйуулардаах. Урут, кистээбэккэ эттэххэ, некрологу маҥнай көрүллэрэ. Билигин тута «туох интэриэһинэй баарый?» диэн арыйабыт. Дизайна наһаа үчүгэй буолбут. Оҕолор QR-кодтаахтары манаһааччылар. Ити логотиптар — «национальнай бырайыак» , «үлэ сыла», о.д.а баара үчүгэй. Хаартыска улахана олус үчүгэй, ыстатыйалар аһара уһун буолбатахтар, көстүүлэрэ тупсан, ааҕарга да чэпчэки.

Алена Ксенофонтова, иитээччи:

– «Сунтаар сонуннара» хаһыаппын олус сэргээн ааҕабын. Улууспутугар туох буола турарын, ханна кимнээх кыттыбыттара, кыайбыттара-хоппуттара барыта суруллан, ааҕарга астык. Билигин өссө ис хоһооно уларыйан, дизайна тупсан иһэр. Саҥаттан саҥа, интэриэһинэй, олоххо наадалаах ыстатыйалар тахсаллара кэрэхсэбиллээх. Улууспут хаһыата инникитин сайдан иһэригэр баҕарабын. Үрдүк чыпчааллары дабайан, Сахабыт сирин биир бастыҥ хаһыата буоллун, элбэх ситиһиилэри, ааҕааччыларгыт элбии турдуннар.

 

Татьяна Местникова, Кэмпэндээйитээҕи бибилэтиэкэ үлэһитэ:

– Улууспут туох баар сонунун, ситиһиитин, үөрүүтүн-хомолтотун кэпсиир-ипсиир хаһыаппыт 85 сыл устата ааттыын-дьүһүннүүн элбэхтик уларыйбыта. Үйэ сайдыытын кытары тэҥҥэ хаамсан, бу ыйтан дьүһүнэ эмиэ уларыйда. Бастакы сирэйигэр үгэс быһыытынан баар хаһыат аатыттан, күнүттэн-дьылыттан, нүөмэриттэн атын сайт, социальнай ситимнэр, электроннай почта аадырыстара эбии киирбиттэрэ бэрт буолбут. Аныгы үйэҕэ «Сунтаар сонуннарын» төлөпүөн нөҥүө ситиминэн ааҕарбыт, көрөрбүт үгүс буолла. Сорох бэчээттэммит ыстатыйалары QR куйаар куодунан арыйан көрүөххэ сөп эбит. Эрэдээксийэ үлэһиттэрэ билигин урукку курдук «бөрүөнэн» эрэ буолбакка, устар камераларын тута сылдьар суруналыыстар буолбуттара кэрэхсибиллээх, кумааҕыга ааҕары таһынан суруллубуту хараҕынан көрөрбүт, кулгааҕынан истэрбит өссө үчүгэй эбит. Улууспут баар-суох хаһыатын эрэдээксийэтигэр, үйэлэргэ устуоруйа кэрэһитэ буолан хаалар үлэлэригэр өссө үрдүк ситиһиилэри, араас саҥа технологиялары толору баһылыылларыгар, онно сөптөөх тэрилинэн толору хааччыллыылаах буолалларыгар баҕа санаабын тиэрдэбин.

Альбина Иванова, Сунтаардааҕы үөрэх түмэлин сэбиэдиссэйэ:

– Мин хаһыат урукку дизайныттан шрибин уонна хаһыат аатын өҥүн ордоробун. Оттон саҥа дизайҥҥа улуус дьаралыга хаһыат аатын иннигэр турбута ордук үчүгэйдик көстөр.

Читайте дальше