«Сунтаар сонуннара» хаһыат бирииһигэр сүүрүү күрэҕэ

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүгэр, сылын ахсын ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут «Сунтаар сонуннара» улууспут хаһыатын бирииһигэр  сүүрүү күрэҕэ ыытылынна.

«Алмаас» стадиоҥҥа күрэх кыттааччылара, көрөөччүлэр мустан, улууспут баһылыга Анатолий Григорьев, баһылыгы имиджевай социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев сортсменнары, кэлбит ыалдьыттары эҕэрдэлээтилэр. Анатолий Васильевич үтүө баҕа санаатын этэн туран, 29-с төгүлүн ыытыллар эстафета сыллата элбэх кыттааччыны түмэрин бэлиэтээн эттэ. Ону тэҥэ, хаһыат үлэһиттэригэр айымньылаах үлэни баҕарда.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһын култуура үлэһиттэрэ ылбаҕай ырыанан, кэрэ үҥкүүнэн киэргэттилэр. Кыттааччы хамаандалары сүүрүү тириэньэрэ Михаил Слюсарь салайан киллэрдэ уонна күрэҕи иилээн-саҕалаан ыытта. Барыта эстафетаҕа 3 хамаанда, 40 оҕо илин-кэлин түсүһэн быһыйдарын быһаарыстылар.

Ол курдук, кросска кыргыттарга 400 миэтэрэҕэ  2013-2015 с.с. төрүөх оҕолорго Очосова Вика 1 миэстэни ылла. Кини кэнниттэн Света Николаева кэлэн 2-с, Илона Тертюхова 3-с миэстэҕэ тигистилэр. Уолаттарга Дэвид Васильев кыайыылаах буолла. Юшев Самир 2 миэстэ, Айхал Спиридонов 3 бочуоттаах миэстэҕэ тигистилэр.

2011-2012 с.с 600 м. кыргыттарга Лада Попова эрэллээхтик бастаата. Иккис миэстэ Алгыстаана Бадыл, 3 миэстэ Лилия Гуринова  тигистэ. Уолаттарга 800 м. Максим Иванов бастаата, аҕыйах сөкүүндэнэн хаалан, Вася Антонов иккис буолары ситистэ, үһүс миэстэни Марк Егоров ылла.

2009-2010 с.с. 800 м. Камилла Ефремова кыайыылаах үрдүк аатын ылла, иккис миэстэ Лилия Тарасова, үһүс миэстэ Зарина Николаева. Уолаттарга 1000 м. Федя Анисимов кими даҕаны иннигэр киллэрбэккэ бастаата. Иккис миэстэ Максим Герасимов, үһүс миэстэ Артур Васильев буоллулар.

2007-2008 с.с. 1500 м. Александр Уаров бастакы буолары ситистэ. Иккис миэстэҕэ Артем Саввинов, үһүс миэстэ — Виктор Чыбыков. Кыргыттарга 1000 м. София Ефимова буолла.

Эстафетаҕа уопсайа 3 хамаанда, ол иһигэр оскуола үөрэнээччилэрин хамаандата кытынна. Түмүккэ «Юность» оскуола оҕолорун хамаандата бастаата. Иккис миэстэҕэ «Сунтаар» холбоһуктаах хамаандата, үһүс миэстэ Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуола үлэһиттэрин хамаандата буолла.  Эрэллээх кыттааччыбыт күрэх туһунан санаатын маннык үллэстэр: «Сылын аайы хамаанда тэринэн кыттабыт. Быйыл астынныбыт, бэрт тыҥааһыннаах киирсии буолла». Күрэхтэһиини улуус баһылыгын социальнай имиджевай политика солбуйааччы Гаврил Еремеев комментарийдаан күрэҕи өссе сытыырхатта, хаһыат сурутарга элбэх дьону көҕүлээтэ.

Кыайбыт хамаанда көһө сылдьар кубогынан уонна кыттааччылар бочуотунай грамотанан, хас биирдии быһый мэтээлинэн наҕараадаланнылар. Уонна «Сунтаар сонуннара» хаһыакка 2024 сыл иккис аҥаарыгар босхо сурутуу купуонун кыайбыт хамаанда ылла. Оҕолор купоммутун эһээлэрбитигэр, эбээлэрбитигэр бэлэх оҥоруохпут диэн үөрүүлэрэ үгүс.

Маны сэргэ, күрэхтэһии кэмигэр «Аҕам саастаахтарга хаһыатта суруттар», «СВО кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр хаһыатта бэлэхтээ» аахсыйа ыытылынна. Кэлбит дьон аахсыйаҕа кыттыһаннар хаһыакка суруттардылар, күрэҕи астына көрдүлэр. Бары кыттыбыт оҕолорго, хамаандаларга махтанабыт инникитин да ситиһиилэри баҕарабыт.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата

Читайте дальше