Сунтаар улууһун күнүн көрсө «Сунтаар-Олоҥхо дойдута» көмүс серия төрдүс таһаарыытын 7 кинигэтин сүрэхтэниитэ буолан ааста. Санатан этэр буоллахха, көмүс серия таһаарыылара 2017 с. бэчээккэ тахсар. Көмүс серияҕа Сунтаар улууһун историятыгар ураты суолу-ииһи хаалларбыт дьон, ону таһынан култууратын, духуобунаһын түмэр суруйуулар киирэллэр. Бу сыллар тухары уопсайа 28 кинигэ күн сирин көрдө. Хара маҥнайгыттан көмүс серия таһаарыыларыгар бас эрэдээктэринэн журналистика эйгэтигэр Николай Кондаков бириэмийэтин лауреата, телевидение, радио туйгуна Ольга Захарова үлэлэһэр. Бу сырыыга «Геройдар үрдүккэ көтөллөр» ( ред. О.В. Захарова), «Культурное наследие народного певца С.А. Зверева-Кыыл Уола: проблемы изучения, поиски»(фольклористика, культурология, литературоведение). ( ааптар Л.С. Ефимова-филологическай билим доктора, С.В. Никифорова), «Эйиэхэ аныыбын кэс тылбын» (ааптар З.И. Саввинов), «Ийэ тыл кэрэһитэ Маппый Дьөгүөрэп» ( хомуйан оҥордулар В.М Егорова, Б.М.Егоров), «Сындыыс сулус кэриэтэ күлүм гынан ааспыта… эдэригэр суох буолбут поэт Николай Түгүннүүрэп олоҕо, айымньылара» (хомуйан оҥордо Н.К. Кузьмина), «Уран тыл умсулҕаннаах тойуксута. Норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Алексей Петрович Амвросьев –Тойуктаах Өлөксөй» (хомуйан оҥордулар Е.Г. Сивцева, А.А. Васильева), «Сунтаар улууһун баянистара» (хомуйан оҥордо С.А.Семенов- Сэгэй) диэн ааттаах кинигэлэр таҕыстылар. Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев: «Аата да этэрин курдук, көмүс курдук күндү, сэдэх уонна сыаната биллибэт кинигэлэрбит ырааҕынан-чугаһынан тарҕаннылар, үрдүк сыанабылы ыллылар» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр эттэ. Кинигэлэргэ урут ханна да бэчээттэммэтэх айымньылар, архыып докумуоннара киирдилэр. Онтон эһиил көмүс серия таһаарыыта С.А.ЗверевКыыл Уола 125 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах буолуоҕа.
Мира АФАНАСЬЕВА