Сунтаар оһуокайа Москваҕа дуорайда

Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын этнокултуурунай нэһилиэстибэтин үйэтитэр норуоттар икки ардыларынааҕы форумугар Сунтаар оһуокайа дуорайда.

Сэтинньи 27 — 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка
«Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ тэрийэн ыыппыт «Арассыыйа норуоттарын үйэлээх баайын матырыйаалынайа суох этнокултуурунай нэһилиэстибэтибэлэрин үйэтитиигэ ыытыллар үлэлэлэр» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы форум үс сиринэн РФ култууратын министиэристибэтигэр, «Вега» гостиница мунньахтыыр саалатыгар уонна Коломна куорат култууратын дыбарыаһыгар ыытылынна.

Санатар буоллахха, Саха хомуһа уонна оһуокайа Арассыыйа норуотун киһи-аймах матырыйаалынайа суох үйэлээх баайынан билиммитэ шедевр буолбута. Арктикатааҕы култуура уонна искусства судаарыстыбаннай институтун искусствоведение кафедратын профессора, искусствоведение доктара Оксана Добжанская Саха хомуһун, оһуокайын, ыһыаҕын туһунан дакылаат оҥордо, быраактыка өттүн Сунтаар улууһун биллэр-көстөр оһуокайдьыттара Түбэйтэн Евсеев-Кураһаай Мэхээлэ, Элгээйиттэн «Дьүһүйүү» норуодунай ансаамбыл (сал. Евдокия Захарова), саха тылын учуутала Людмила Павлова, Кутанаттан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин уһуйааччыта Мария Афанасьева, Сунтаартан С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан фольклор исписэлииһэ Александра Яковлева оһуокайдаан көрдөрөрдүлэр. Ону тэҥэ бу форумҥа Арассыыйа норуотун киһи — аймах үйэлээх баайыгар киирбит Алтай, Дагестан, Крым, Карелия өрөспүүбүлүкэлэрэ, Сахалин уокуруга, Ростов, Липецк уобаластар бэйэлэрин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин көрдөрдүлэр, дакылаат аахтылар. Саха сириттэн Дьокуускай куораттан өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтиттэн дириэктэр Сергей Семенов, фольклор исписэлииһэ Александра Васильева, эдэр хомусчуттар — Намтан Геннадий Игнатьев, Мэҥэ Хаҥаластан Мария Иванова кыттыыны ыллылар. Форум сүрүн суолтата Арассыйаҕа олорор норуоттар былыр- былыргыттан, үйэттэн-үйэҕэ илдьэ кэлбит төрүт култуураларын, этнокултуурунай нэһилиэстибэлэрин үөрэтии, чинчийии, үйэтитии, харыстааһын. Сүдү суолталаах форумҥа сырытыннарбыт дьоммутугар — өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтигэр Сергей Степановичка, Александра Васильевнаҕа, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатыгар ( сал. Саргылана Дмитриевнаҕа) уонна өйөөн-өйдөөн ыыппыт бииргэ үлэлиир дьоммутугар махталбытын этэбит.

 Александра Яковлева— С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан УНАК фольклорга исписэлииһэ