Алтынньы 12 күнүгэр Сунтаардааҕы 1N-дээх оскуола аактабай саалатыгар Сунтаар нэһилиэгин төрөппүттэрин уопсай мунньаҕа буолла. Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Федор Федоров нэһилиэккэ сылын аайы өрөспүүбүлүкэҕэ 2012 с. үлэлиир олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан (ППМИ) уулуссалары сырдатыыга, суол оҥорооһунугар, оҕо былаһааккатын тутууга уо.д.а. ыытыллар дьоһун суолталаах үлэлэр тустарынан кэпсээтэ. Федор Семенович бу куоҥкурус көрүҥүнэн үлэлиир бырагыраама сүрүн ирдэбилэ олохтоох нэһилиэнньэ көхтөөх туруорсуута буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Нэһилиэнньэттэн, түөлбэлэртэн элбэх туруорсуу баар буолара наадатын эттэ, баар бырайыактары өйүүргэ көхтөөх буоларга ыҥырда. Ону сэргэ төрөппүттэри кэлиҥҥи кэмҥэ долгутар, билиҥҥитэ олус тыҥаан турар боппуруостарга хоруйдаата. Ол курдук үгүстэр нэһилиэк иһинээҕи маршрутнай автобус сырыыта хаһан чөкөйөрүн сурастылар. Билиҥҥитэ биир эрэ автобус баар буолан, эрдэ ыытыллыбыт нэһилиэнньэ куоластааһынынан талыллыбыт биир эрэ маршрутунан сылдьара табыгаһа суоҕун ыйдылар. Соҕотох автобус дьон наадыйар маршруттарын барытын хабан сүүрэрэ кыаллыбат буолан, эбии автобустар наадалара этилиннэ. Федор Семенович билиҥҥитэ маршрутнай автобус сырыытын дьаһайар боломуочуйалаах “ПТП” МУП тэрилтэ эбии иккис автобуһу ылар былааннааҕын, оччотугар маршрут да, график да уларыйыан сөбүн эттэ. Маны таһынан мунньахха үгүс төрөппүтү олус долгутар кыаллыбат кыһалҕа – бэйдиэ сылдьар ыттар боппуруостара таарылынна. “Уулуссаҕа бэйдиэ сылдьар ыттар үксүлэрэ ошейниктаахтар, ол эбэтэр хаһаайыннаахтар. Дьиҥ хаһаайына суох дьэллик ыт аҕыйах. Манна хас биирдии ыттаах дьон эппиэтинэһи өйдөөн, ыттарын баайдахтарына биирдэ, бу боппуруос кыаллыа”, — диэтэ Федор Семенович. Ол кэннэ Сунтаарга улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэннэр, питомник – көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ сылдьар ыты, куосканы быстах кэмҥэ тутар пуун – Тойбохойдуур суолга баар урукку бойняҕа тутуллан, үлэлээн эрэрин кэпсээтэ.
Салгыы «Төрөппүттэргэ оҕо иитиитигэр туһааннаах тутуллар» диэн тиэмэҕэ аһаҕас кэпсэтии буолла. Кэпсэтиини Дьокуускай куораттан учууталларга анал куурус ыыта кэлэ сылдьар «Өрөспүүбүлүкэтээҕи уйулҕа-педагогика өттүнэн арыаллыыр методическай киин” салайааччытын солбуйааччы Роберт Андреев ыытта. Кэпсэтии сүрүннээн оҕону иитиигэ төрөппүт тугу болҕойуохтааҕын тула кэпсэтии сиэринэн ыытылынна. Роберт Николаевич дойду үрдүнэн ыытыллар үөрэхтээһин тиһигэр олоҕурбут үөрүйэхтэргэ тохтоон ааста. Оскуолаҕа билигин тутуһуллар оҕону сааһынан көрөн кылаастарга арааран үөрэтиини соччо табыгаһа суоҕун, хас биирдии оҕо эт-хаан, уйулҕа өттүнэн сайдыыта араастаһарын бэлиэтээтэ. Ону таһынан гендернэй (уол кыыс диэн арааран) иитиигэ болҕомтону ууруу, дьиҥэр, олус наадалааҕын ыйда. Кыыс оҕо айылҕатынан (бары өттүнэн) эрдэ ситэрин, уол хойут ситиһэрин холобурдаата.
Төрөппүккэ анаан оҕо сайдар кэрчик кэмин болҕойоллоругар, ол кэрчиктэргэ тэҥҥэ айаннаһан сөптөөх иитиини оҥороллоругар сүбэлээтэ. Оҕо сүрүн иитиини дьиэ кэргэнигэр ыларын, дьиэҕэ оҕоҕо сөптөөх эйгэ, истиҥ сыһыан, таптал, төрөппүккэ эрэл баар буолуохтааҕын олоххо көстөр холобурдары аҕалан, киһи иһиттэр истэн олоруон курдук сэргэхтик кэпсээтэ. Төрөппүт оҕотун иитэригэр, бастатан туран, кини оҕото туһунан индивид: туһунан санаалаах, олоххо атын интэриэстээх киһи буоларын өйдүүрэ наадатын ыйда. Оҕо уонна улахан киһи ааспыты, бүгүҥҥүнү, кэлэр кэми көрүүлэрэ араастаһарын, оҕо үксүн субу буола турарынан олорорун бэлиэтээн эттэ. “Онон оҕоҕут ыйытар кэмигэр бириэмэ булан хоруйдуурга, көмө көрдүүрүгэр тута кэмигэр сүбэлииргэ кыһаллыахтааххыт. Оттон буруйу оҥордоҕуна – ол бириэмэтигэр сэмэлэниэхтээх”, — диэтэ. Өссө биир сүрүн таарыйбыт боппуруоһунан дьиэ иһигэр уйулҕаны алдьатар, кэбирэтэр куһаҕан ис хоһоонноох кэпсэтиилэри, этиһиилэри, куһаҕан сонуннары дьиэ кэргэн мустан аһыыр кэмигэр ыытымаҥ диэтэ. “Тыл — ох, сэттээх-сэлээннээх. Аһааһын кэмэ – күүс-уох ылар үтүө кэм. Аһыы олорон куһаҕаны иһиттэххэ, аһаабыт аспыт, испит уубут дьааттаах кэриэтэ буолуо”, — диэтэ.
Оҕо туһунан лиичинэс буоларын быһыытынан дьиэ иһигэр бэйэтэ туһунан хостоох, ол кыаллыбат буоллаҕына, туһунан муннуктаах буолара хайаан да наадатын Роберт Николаевич хаста да тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. Оҕо тус мала, хоһо, бу киниэнэ диэн өйдөбүл тутуһуллуохтааҕын ыйда.
Роберт Андреев мунньаҕы: “Оҕоҕутун эһигиттэн ордук ким да харыстыа, таптыа суоҕа, төрөппүт таптала айылҕаттан бэриллэр естесственнэй таптал. Оҕоҕутун таптааҥ”, — диэн түмүктээтэ.
Бу курдук күннээҕи сытыырхайан турар кыһалҕалартан саҕалаан, инники кэскили иитиигэ туһааннаах, аһаҕас кэпсэтиилээх бэрт сэргэх төрөппүт уопсай мунньаҕа буолла.
Марфа ИВАНОВА.