«Сунтаар нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын 2023 сылга ыыппыт үлэтин отчуота

Бу ааһан эрэр 2023 сыл, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин 2023 сылы Педагог уонна Аҕа сүбэһит сылынан биллэрбитэ. Билии күүһэ урут да, билигин да сайдыыны салайар сүрүн хайысха буолар, оттон учууталга ытыктабыл — уопсастыбабыт сүрүнэ. Педагог уонна Аҕа сүбэһит сыла үөрэҕириигэ уонна иитиигэ саҥа кыахтары арыйарыгар аналлаах. Саха сиригэр Үлэ сыла Ил Дархаммыт Айсен Николаев анал уурааҕынан биллэриллибитэ. Үлэ сылын сүрүн соругунан уопсастыба үлэҕэ сыһыанын үтүө өттүгэр сирдээһин уонна үлэ престиһин үрдэтии буолар. Оттон Сунтаарбыт улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылынан биллэриллибитэ.

Бүгүҥҥү туругунан нэһилиэкпитигэр хаһаайыстыбаннай учуот көрдөрүүтүнэн – 10684 киһи олорор (былырыын 10630 киһи). Эр киһитин ахсаана — 4920 (былырыын 4886), дьахтара – 5764 (былырыын 5744). Хаһаайыстыба ахсаана – 3492 (былырыын 3480), үлэлиир саастаах нэһилиэнньэ ахсаана – 4398 (былырыын 4446), оҕото – 3652 (былырыын 3700) пенсионердар – 3373 (былырыын 3344), 692 оҕо анал орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэ сылдьаллар (былырыын 656). Нэһилиэнньэни саастарынан наардаатахха, оҕото – 3652, ыччата – 3169, 65 саастарыттан үөһээ саастааҕа – 836 киһи.

Бу сылга – 174 (былырыын 160) оҕо төрөөтө, 76 киһи өллө (былырыын 78), нэһилиэнньэ үүнүүтэ 14 киһиэхэ тэҥнэстэ. Элбэх оҕолоох – 637 (былырыын 633) ыал, ол иһигэр 5 уонна 5-тэн элбэх оҕолоохтор 66 (былырыын 57), 10-тан элбэх оҕолоох 2 ыал (былырыын 1) баар. Олорор дьиэлэрин усулуобуйатын тупсарыыга – 249 ыал учуокка турар, тииһинэн олоруу алын кээмэйиттэн намыһах категориялаах – 1150 ыал баар.

Билиҥҥи туругунан – 558 инбэлиит, 79 инбэлиит оҕо, 1 сэрии кыттыылааҕын огдообото, 33 тыыл бэтэрээннэрэ (былырыын 36), үлэ бэтэрээннэрэ – 1578 (былырыын 1560) бааллар. Репрессияттан эмсэҕэлээбиттэр – 4 киһи, донордар – 16 киһи. Статистика көрдөрөрүнэн, ыал буолуу 36. Нэһилиэк үрдүнэн опекаҕа сылдьар оҕо – 31, төгүрүк тулаайах – 17 оҕо баар.

Бойобуой дьайыы бэтэрээнэ – 24, анал байыаннай дьайыыга (СВОҕа) – 85 киһи сылдьар, төннөн кэлбиттэрэ – 9, суох буолбуттара – 9.

Нэһилиэк үрдүнэн – 2603 чааһынай дьиэ баар.

 

Нэһилиэк бүддьүөтэ 11 ый түмүгүнэн

Нэһилиэк 2023 сыллааҕы бүддьүөтэ дьокутааттар XХIX уочараттаах сиэссийэлэрин 02-с№-дээх быһаарыытынан 2022 сыл ахсынньы ый 29 күнүгэр дохуота – 115 987 790,00 солк., ороскуота – 115 987 790,00 солк. дефицитэ суох бигэргэммитэ. Бэйэ дохуота – 45 870 790,00 солк., ол иһигэр нолуоктан дохуот – 44 370 790,00 солк., нолуок буолбатах киириилэр – 1 500 000,00 солк. былааннаммыттара.

Сыл устата араас уларыйыылар киирэннэр дьокутааттар мунньахтарынан бигэргэнэн уопсай дохуот – 216 079 690,05 солк. таҕыста. 2022 сылтан ордубут үп – 7 775 040, 54 солк., бу иһигэр нолуоктан киирбит дохуоттар, ону тэҥэ оройуон бүддьүөтүттэн ааспыт сыл бүтүүтүгэр 2023 сылга ыытыллар үлэлэргэ көрбүт үбэ киирэр. Сыл түмүгэр уопсай ороскуот – 223 854 430,59 солк. тэҥнэстэ.

Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 70 117 000,00 солк. дотация, бүддьүөт тэҥнээһинигэр – 10 924 013,81 солк., улуус бүддьүөтүттэн – 7 406 642,00 солк., нэһилиэнньэттэн уонна тэрилтэлэртэн – 1 080 000,00 солк. киирдэ.

Судаарыстыбаннай бүддьүөттэн кэлбит үп

ППМИ бырагырааматын олоххо киллэриигэ – 5 199 287,72 солк., бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларын ахсааннарын, ыалдьалларын, нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтиилэрин аҕыйатар сыаллаах үлэни ыытарга – 132 041,62 солк., «Харысхал» народнай дружина үлэтин өйүүр сыаллаах өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн – 293 574, 48 солк., «Формирование современной городской среды» экологтар искибиэрдэрин 1 этабын ыытарга – 29 227 993,37 солк. Ону тэҥэ, муниципальнай суол өрөмүөнүн эбии үбүлээһиҥҥэ – 36 787 492,70 солк. көрүлүннэ. «1000 дворов на Дальнем Востоке» бырагырааманан – 14 000 000,00., Ил Дархан гранынан — 139 500,00 үп көрүлүннэ.

Ороскуот. ППМИ бырагырааманан кэлбит үп

Хадьаҕа уонна Манчаарылаах уулуссалар өрөмүөннэригэр «Сунтаравтодор» ХЭТ-кэ – 2 082 456, 66 солк. ол иһигэр госбүддьүөттэн – 1 559 289,94 солк., олохтоох бүддьүөттэн – 523 166, 72 солк;

Хатыҥнаах уонна Көрдьүгэн уулуссаларыгар сырдатыы үлэтин ыытарга «Республиканская строительно-монтажная компания» ХЭТ-кэ – 2 212 839,74 солк., ол иһигэр госбүддьүөттэн — 1 639 997,78 солк., олохтоох бүддьүөттэн – 572 841,96 солк;

Киин баанньык өрөмүөнүгэр «ЖКС» ХЭТ-кэ – 2 794 108,12 солк., ол иһигэр госбүддьүөттэн – 2 000 000,00 солк., олохтоох бүддьүөттэн – 794 108,12 солк. көрүлүннэ.

Оройуон бүддьүөтүттэн

Бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларын ахсааннарын, ыалдьалларын, нэһилиэнньэҕэ кутталы үөскэтиилэрин аҕыйатар сыаллаах быстах кэмҥэ тутар приют реконструкциятыгар 2 746 142,00 солк. көрүллүбүтэ.

Оскуола-саад бырайыагын үлэтигэр «Архитектурно-строительная компания Дом» ХЭТ-кэ – 2 000 000,00 солк., ону тэҥэ «Круглогодичые магистральные кольцеыве сети водоснабжения с. Сунтар с насосной станцией НС» бырайыактыыр үлэтин оҥорууга 2 600 000,00 солк., Ил Дархан граныгар ТОСтарга эбии субсидия 60 500,00 солк., үп көрүллүбүтэ.

Тус субсидиялар

«Бартыһаан» норуот айымньытын киинин өрөмүөнүн бырайыагар – 824 892,47 солк. көрүлүннэ;

«1000 дворов на Дальнем Востоке» бырагыраамаҕа киирсэр бырайыактар үлэлэригэр – 176 900,00 солк.;

Муниципальнай сорудахтары толорорго субсидия быһыытынан: «Сунтаар» МАУ тэрилтэҕэ – 17 000 000,00 солк., «Бартыһаан» норуот айымньытын театральнай киинигэр — 32 039 670,00 солк., 4 ТОС-ка уопсайа – 1 000 000,00 солк., киин баанньык ороскуоттарын уйунууга «Заря» ХЭТ-кэ – 2 000 000,00 солк. көрүлүннэ.

 

Федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларга үлэ

Кэлиҥҥи кэмҥэ, национальнай бырайыак 12 хайысхатынан араас региональнай, федеральнай таһымнаах Бырагыраамалар, куоҥкурстар ыытыллаллар, нэһилиэк дьаһалтата бүддьүөккэ тастан эбии үбү киллэрэргэ күүскэ үлэлиир.

ППМИ бырагырааматынан 6-с сылын үлэлиибит, быйыл 3 бырайыак толору олоххо киирдэ. Ол курдук, «ТУСКУ» ТОС территориятыгар – 2 780 137,58 солк. таас баанньык өрүмүөнэ оҥоһулунна, «СОМОҔО» ТОС территориятыгар – 2 212 830,74 солк. Хатыҥнаах уонна Көрдүгэн уулуссалара сырдатылынна, «АБАҔА» ТОС территориятыгар – 2 082 456,66 солк. Хадьаҕа уонна Манчаарылаах уулуссаларыгар суол өрүмүөнэ оҥоһулунна.

«2019-2025 сылларга хаарбах уонна аварийнай туруктаах дьиэлэртэн олохтоохтору көһөрүү» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн былааннаммыт болдьохторугар саҥа биир эбийиэк бастакы уочарата үлэҕэ сыл бүтүүтэ киирэр. Ол курдук, Сунтаар переулогын 1 «а» аадырыһыгар уопсайа 1268,6 кв.м иэннээх, 5 этээстээх, 23 кыбартыыралаах уопсай дьиэ биир подъеһа тутуллан бүтэн үлэҕэ киирэргэ бэлэм. Кэлэр сылга уопсай дьиэ иккис уочарата 2 подъезд, 50 кыбартыыра үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Тутааччы «Дабанстрой» ХЭТ (сал. Яковлев В.И.). Ону тэҥэ, Партизанскай уулусса 28 аадырыһыгар биэс этээстээх 4964,53 кв. м иэннээх, 86 кыбартыыралаах уопсай дьиэ тутуута саҕаланар. Тутааччы «Главстройкомплекс» ХЭТ (сал. Исаев А.Э.). Бу дьиэлэргэ 4513,53 кв. м. уопсай иэннээх эргэ хаарбах дьиэлэр олохтоохторо көһөллөр.

Арассыыйа тутууга министиэриэстибэтин нөҥүө ыытыллар «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырагыраама чэрчитинэн ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ, биир ый устата, бары күргүөмүнэн куоластаабыппыт түмүгэр Сунтаарбытыгар Экологтар искибиэрдэрэ бастакы этаабын тутуутагар федеральнай бүддьүөттэн өйөбүл үп ыламмыт, үлэтэ түмүктэнэн эрэр. Бэдэрээтчит «СЛ-Строй» ХЭТ салайааччыта Сивцев Дьулустан Иванович.

«Жилье и городская среда» национальнай бырайыак уонна «Ыраас уу» региональнай бырагыраама чэрчитинэн «Сунтаар нэһилиэгэр ыраас уу ситимэ» бырайыак бастакы түһүмэҕэ, Бүлүү өрүстэн уу ылар станция тутуллан, уу ситимигэр холбонуута бу сылга түмүктэнэрэ былааннанар. Ыраас уу ситимэ өрүс устун Ленин уулуссатынан тардыллан ЖКХ баар ситимигэр холбонор, биэс уу ылар кабинкалаах колонкалар үлэлиир буолуохтара. Бырайыак оҥорооччу «Теплогазпроект» тэрилтэ, сал. Соколов А.П., бэдэрээтчит «ИнвестДорСтрой» ХЭТ, сал. Сидоров Я.Э. Иккис түһүмэҕэр «Круглогодичые магистральные кольцевые сети водоснабжения с. Сунтар с насосной станцией НС» бырайыага гос экспертизаҕа көрүллэ турар, онон манна салгыы үлэ барыахтаах.

Арассыыйа тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ыытар “Комплексное развитие сельских территорий (КРСТ)” диэн федеральнай бырагыраама иһинэн баар подпрограмма «Жилищное строительство на территории проектов комплексного обустройства площадок, расположенных на сельских территориях, под компактную жилищную застройку КЖЗ» «Застройка микрорайона «Өтөөкү» в с.Сунтар» – 357 632 770,00 солк. бырайыагынан элбэх оҕолоох ыаллар ылбыт сирдэригэр, суолу тутар уонна уот тардааһынын үлэтэ күүтүллэр (бырайыагы оҥорооччу «ГСК-Проект» ХЭТ). Бу үлэлэр 2025 с. бүтүөхтээхтэр.

Суол уонна тырааныспар министиэристибэтин нөҥүө ыытыллар «Развитие транспортного комплекса Республики Саха (Якутия) на 2020-2024 годы» бырагыраамаҕа кыттан, 1050 п.м. Өктөөп 70 сыла уулусса аспаалланна, уопсайа – 25083452,06 солк. үлэ толорулунна. Бу бырайыак үс түһүмэҕинэн үс сылга тыырыллан үбүлэнэн оҥоһулуохтааҕын, биир сыл иһигэр генаральнай бэдэрээтчит «Центр кровли» ХЭТ ылсыбыта. Суол үлэтигэр субподряд быһыытынан киирэн, «Сунтаравтодор» ХЭТ уонна «Айан-Суол» ХЭТ үлэни түмүктээтилэр.

«1000 дворов на Дальнем Востоке» бырагырааманан уопсайа – 14 000 000 солк. икки оҕо оонньуур былаһаакката: Сунтаар пер. 1а уопсай дьиэ иннигэр уонна 30 лет Победы уул. Экологтар искибиэрдэригэр тутулуннулар. Тутуу бэдэрээтчиттэрэ «Игнатьев А.В.» ИП уонна «СЛ-Строй» ХЭТ.

«Моя Якутия в 21 веке!» үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн Абаҕа түөлбэтигэр култуурунай-спортивнай комплекс тутуута ис-тас үлэтэ кэлэр сылга бүтэн үлэҕэ киириэ.

 

Муниципальнай баай-дуол

Билиҥҥи туругунан, Сунтаар нэһилиэгэр барыта 56409,56 кв. м иэннээх 119 уопсай дьиэ баар. Ол иһигэр, социальнай наймылаһыы дуогабарынан 54 квартираҕа олороллор.

95 уопсай дьиэ хаарбах туруктааҕынан биллэриллэн турар. Быйыл Папанин уул. 78, Строителейуул. 11, Молодежнай уул. 1, Пионер уул. 19 в, Партизанскай уул. 36/1, 36/2, 34/1, Илья Иванов пер. 14 нүөмэрдээх уопсай дьиэлэр көтүрүлүннүлэр.

Дьиэҕэ уонна сиргэ аадырыс иҥэриитигэр, аадырыһы уларытыыга 157 уураах, чааһынай дьиэни көтүрэргэ 38 дьаһал таҕыста.

Дьаһалта көрүүтүгэр 13 оҕо оонньуур былаһаакката, 10 пааматынньык, 3 болуоссат уонна 5 искибиэр бааллар. Нэһилиэк иһинээҕи 111 уулусса уонна переулок муниципальнай бас билиигэ киирэр, ол иһигэр 3 аспаалламмыт, 9 бетоннаммыт суол, уопсай кээмэйэ 71150 м тэҥнэһэр. Ону таһынан уулуссалар уоттарын ситимэ – 1500 лаампалаах опоралар.

«Хаарбах уонна аварийнай дьиэлэргэ олохтоохтору көһөрүү» федеральнай бырагырааманан хаарбах туруктаах уопсай дьиэлэртэн 1179,15 кв. м. иэннээх 23 кыбартыыра олохтоохторо саҥа тутуллубут уопсай дьиэҕэ киирэллэр.

 

Сунтаар улууһа МТ дьаһалтатын баайга-дуолга сыһыаннаһыыларга

кэмитиэтин инженердэрин 2023 сыллааҕы үлэлэрин отчуота

— 2023 сылга 33 аренда дуогабара 40,33 гектардаах сиргэ оҥоһулунна, ол иһигэр 36,67 гектардаах тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах сир бэрилиннэ;

— 86 бэйэ бас билээһинигэр судаарыстыбаттан атыылаһан ылааһын дуогабара 9,3 гектар иэннээх сиргэ оҥоһулунна;

— 2023 сылга сири арендалааһын төлөбүрэ – 974 878,72 солк. Мантан бу билиҥҥи туругунан – 439 715,44 солк. төлөннө;

— Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыттан сири биэрээһиҥҥэ 103 сөбүлэҥ сурук баттанна;

— 16 юридическай сирэйгэ аһаҕас аукцион тэриллэн сирдэригэр аренда дуогабара оҥоһулунна;

— саҥа бэриллэр сирдэргэ 74 дьаһал бигэргэннэ;

— үстэн элбэх оҕолоох ыал босхо сири ыларга уочаратыгар уопсайа 919 ыал учуокка турар, ол иһигэр 2023 сылга 83 ыал турда.

 

Дэҥтэн-оһолтон, баһаартан сэрэхтээх буолууга ыытыллыбыт үлэлэр

Кэнники кэмҥэ дойду үрдүнэн олус ыарахан кэмнэр буола тураллар. Ол курдук ааспыт сыл олунньу ыйыттан саҕалаан ананл байыаннай дьайыыга быстах хомуурга биһиги нэһилиэктэн кырата суох ахсааннаах эр дьоммут бардылар. Кэнники икки ыйга дойдуларын көмүскүү барбыт дьоммут барбыттара уонна бара тураллар. Ол кэмтэн дойдуларын көмүскүү барбыт дьоммут дьиэ кэргэттэрин өйөөһүҥҥэ болҕомтону уурабыт. Манна Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата элбэх тэрээһиннээх үлэни ыытта.

Хас сыл аайы буоларын курдук, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтата чааһынай водовозтары, тэрилтэлэри кытары нэһилиэк иһигэр буолар баһаардары умуруорууга көмөлөһөргө дуогабар түһэрсэр. Дуогабардаспыт водовозтаах тэрилтэлэр, чааһынай дьон түүн-күнүс диэбэккэ, баһаар тахсар түгэннэригэр, баһаарынай массыыналары уунан хааччыйаннар, баһаардары умуруорууга улахан көмөнү оҥороллор. Сунтаардааҕы ОДьКХ ГУП филиала (сал. Петров М.Ю.), СТК (сал. Михайлов Г.Н.), ЖКС (сал. Яковлев И.Р.), курдук араас хайысхалаах үлэлээх тэрилтэлэр водовозтарын график быһыытынан таһааран үлэлэтэллэр. Ону таһынан, эбии чааһынай водовозтаах дьоннору кытары муниципальнай контракт түһэрсэн үлэлиибит. Ол курдук, Иванов Геннадий Анатольевич уонна Николаев Борис Михайлович, бэйэлэрин баҕа санааларынан, баһаардары умуруорарга дуогабарынан үлэлэһэллэр, бу дьону үтүө дьыалаҕа интэриэстээх буолуу холобурунан ааҕабыт.

Быйылгы сылга өртөөһүнтэн 1 баһаар тахсыбыта. Бу кэлиҥҥи сылларга тэҥнээтэххэ, куһаҕана суох көрдөрүү. Төһө даҕаны нэһилиэк дьаһалтатын, баһаары сэрэтэр тэрилтэлэр, ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин өттүлэриттэн сөптөөх сэрэтэр үлэлэр, рейдэлэр ыытыллыбыттарын үрдүнэн, 2023 сылга баһаар уонна умайан тахсыы ахсаана ааспыт сылтан кыччаата эрээри, ол иһигэр биир киһи баһаарга былдьанна. Нэһилиэги баһаартан көмүскүүргэ 19 км. усталаах минполоса оҥоһулунна, туһаныллыбыт үбэ – 420 000,00 тыһ. солк.

Ааспыт икки сылы кэтээн көрдөххө, нэһилиэнньэ өттүттэн бу боппуруоска сөптөөх болҕомтону уурбаттара, баһаар тахсар төрүөтүн туората сатаабаттара көстөр. Быйыл араас аахсыйаны тэрийэн 199 ыалга, (398 устуука) баһаары сэрэтэр датчик (АДПИ) турда. Уопсайа 600 устуука ылыллыбыта, салгыы маннык тэрили дьиэлэргэ туруорар үлэ салҕанар.

Олохтоох дьаһалта өттүттэн СМИ-гэ элбэхтик тахсааһын нэһилиэнньэни кытары ыкса үлэлэһэргэ, олохтоох нэһилиэнньэҕэ информацияны чуолкай биэрэ олорорго үчүгэй тирэх буолар. Итиннэ, бастатан туран, «Сунтаар сонуннара» хаһыат, “Саха” НКИК Сунтаардааҕы филиала, телеграм уонна ватсап ситимнэринэн, төһүү күүс буолаллар.

 

2022 с. 2023 с.
1 Баһаар ахсаана 34 23
2 Киһи өлүүтэ 7 1

 

«Сунтаар» муниципальнай автономнай тэрилтэ (МАУ) үлэтэ

«Сунтаар» МАУ нэhилиэк дьаhалтатын иhинэн үлэлиир тэрилтэ. Сүрүннээн хаhаайыстыбаннай үлэлэр бу тэрилтэ нөҥүө бараллар. Тэрилтэ 9 үлэhиттээх, икки КамАЗ, УАЗ массыыналаах, «ХАЙС» микрооптуобустаах уонна фронтальнай погрузчиктаах. Сорох үлэлэри тиэхиньикэлээх тэрилтэлэри кытары дуогабар түhэрсэн толорор.

«1000 дворов на Дальнем Востоке» федеральнай бырагырааманан экологтар искибиэрдэрэ тутуллар үлэтэ «Сунтар» МАУ нөҥүө бара турар.

Сыл аайы буоларын курдук, нэhилиэкпитигэр суол-иис оҥоруутун үлэтэ салҕанар. Ол курдук Өктөөп 70 сыла уулуссаҕа «Сунтаравтодор» ХЭТ уонна «Айан Суол» ХЭТ кыттыгас үлэлэринэн аспаалланна. Сунтаар иhинээҕи суолларга ямочнай үлэлэр, быстах өрөмүөн үлэлэрэ куруук бара тураллар.

Сыл устата нэhилиэк иhинээҕи суоллары грейдеринэн тэҥнээhиҥҥэ, хаарын күрдьээhиҥҥэ, халтараан кэмигэр уулуссалар быhа охсуhууларыгар кумах кутааhыҥҥа, уу барар ханаабалары, переходтары бөхтөн-сыыстан ыраастааhыҥҥа  2 546 770,00 солк. суумалаах уматык-оҕунуох матырыйаала (ГСМ) көрүлүннэ. Леснойга барар суол муостата өрөмүөннэннэ.

ГО (гражданскай оборона) чэрчитинэн ыытыллар суббуотунньуктар бу сылга икки төгүл ыытылыннылар: ыам ыйын 25-26 күннэригэр уонна атырдьах ыйын 28-29 күннэригэр. Сааскы суббуотунньук кыстык кэннэ бөх хомунуутугар анаммыта, 600 куб. м бөх тиэллибитэ, аҕыйах уулуссаҕа гравий кутуллубута. Күhүҥҥү ГО-ҕа 20 чааhынай уонна тэрилтэ улахан уйуктаах массыыналар, 6 погрузчик, 2 грейдер, икки Т-150 техника кыттыыны ылбыттара. Уопсайа 386 рейсэ оҥоhуллан, 23 уулуссаҕа өрөмүөн оҥоһуллубута.

Сыл аайы ГО-ҕа тахсан “эйиэнэ-миэнэ” диэбэккэ, нэһилиэк туһугар үлэлэһэр тэрилтэлэри уонна көмөлөһөр уолаттары бэлиэтээн этиэм, ол курдук:

нэһилиэк Сэбиэтин дьокутааттара, ТОС-тар, «Сунтаравтодор» ХЭТ, «Сунтарцеолит» ХЭТ, «Главстройкомплекс» ХЭТ, «ЖКС» ХЭТ, ОДьКХ ГУП Сунтаардааҕы филиала, Аэропорт, Баһаарнай чаас, РЭС, Ростелеком, Колледж, ИДьМ, Үөрэҕирии, Култуура, Доруобуйа харыстабыла, успуорт тэрилтэлэрэ, социальнай фонда, урбаанньыттар: «Тэтим», «Корона»., «Альфа»., Ефимов К.К., Кардашевскай С.В., Догойдонов Н.В., Тарасов И.И., Окс Ю.Л., Алексеев С.Н., Данилов Г.Е. уонна да элбэхтэр.

Быйыл уопсайа 3863 м ууну аhарар ханааба хаhылынна. Суолларга ууну аһарар турбалары ылан Мииринэй куораттан аҕалтарарга 310 632, 00 солк. көрүлүннэ, уопсай кээмэйэ 118 м. Кыстыкка бэлэмнэнии үлэ быhыытынан, сылын аайы ыытыллар 15 уопсай дьиэ сылытар систиэмэтэ промывкаланна.

Федеральнай сокуон ирдэбилинэн бэйдиэ сылдьар ыттар быстах кэмҥэ хараллар приюттара реконструкцияланна.

Суолга сэрэхтээх буолууга, уулуссаларга бэрээдэги хонтуруоллуурга – 337 904,00 солк. суумалаах суол бэлиэлэрэ уонна опоралар ылыллан туруорулуннулар. Ону сэргэ уулуссаларга турбут видеонаблюдение төлөбүрэ төлөннө.

Нэhилиэк олохтоохторуттан киирбит сайаапканан сыл иhигэр үлэ барар.

Суут уурааҕынан уопсастыбаннай үлэлэри толорууга ууруллубут 15 киhи хаар ыраастааhыныгар, бөх-сыыс хомуйааhыныгар уо.д.а. үлэлэргэ үлэлээтилэр.

Сылы түмүктүүр Саҥа дьыллааҕы тэрээhиннэргэ Ленин болуоссатыгар харыйа туруорааhынын, киэргэтиитин биhиги тэрилтэбит сыл ахсын ыытар.

Бу сылга олохтоох бүддьүөттэн 17 000 000,00 мөл.солк. суумаҕа үлэ-хамнас оҥоhулунна.

 

Сунтаар нэһилиэгэр тыа хаһаайыстыбатын

быйылгы сылга үлэтин түмүктэрэ

Нэһилиэк үрдүнэн чааһынайдары, хаһаайыстыбалары ааҕан туран уопсайа 492 ынах сүөһү баар, ол иһигэр 201 ынах. Сылгы ахсаана уопсайа 526 төбө, биэтэ – 242 төбө, көтөр – 253, сибиинньэ – 53, коза  – 25 төбө. Сыл түмүгүнэн 220 төбө идэһэҕэ туттулунна.

Маны сэргэ «Крестях» ТХПК 100 төбө сүөһүтэ баар, ол иһигэр ыанар ынаҕа 46.

Нэһилиэккэ хаһаайыстыбаларга барыта 3 атыыр оҕус баар. Онон сыл аайы сүөһү төрөөһүнэ эбиллэр.

Үүтү валовайынан 444,96 т ыан олоробут.

Ынах этэ – 66 т

Сылгы этэ – 25,0 т

Сибиинньэ этэ – 1.5 туонна, 20 сибиинньэ оҕото атыыланна.

Сымыыт – 45 295 устуука.

Нэһилиэк үрдүнэн 7 тэрээһиннээх хаһаайыстыба, ону таһынан сүөһүлээх, сылгылаах кэтэх хаһаайыстыбалаах 83 ыал баар. Үс ыал ынах сүөһү иитэр хаһаайыстыба тэриннэ.

Быйылгы сылга от былаана – 1760 т, ону биһиги 1250 т оттоон былааны 80 % толорон олоробут. Ол курдук тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар 280 т оттоотулар.

«Достижение» СХПССК 40,5 т оту, 273 т зеленканы уонна 246 гаттан 510 т сиилэһи бэлэмнээтилэр. Сылыр, Кураанах Атах, Бытый диэн сирдэргэ күрүөлээһин үлэтэ ыытылынна. Күһүн хорутуу үлэлэрэ Килээбийгэ, Сыларга, Дорбойго, Кураанах Атахха, Бытыйга, Кулгаахха, Тураҕаска, Балаҕан сыһыытыгар ыытылланнар, эһиилгигэ бэлэмнээбиттэрэ. Быйыл өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатын министиэрстибэтиттэн толуйуу (возмещение) көрүҥүнэн эбии саҥа тиэхиньикэ ылылынна (прессподборщик, от мунньар, роторнай косилка). Ону таһынан овощехранилище бырайыага оҥоһуллан бүтэн гос. экспертизаҕа киирэр.

Быйылгы сылга чааһынай да, тэрээһиннээх да хаһаайыстыбалар сылы туоруур отторун булунан олороллор. Ол гынан баран сааскы өттүгэр өссө үчүгэйдик ааҕынан-суоттанан былааннаан көрүү оҥоһуллуо. Отторо тиийбэт туруктаах чааһынай дьон биирдиилээн бааллар.

Ыалларынан сылдьан бэтэринээрдэри кытта хаан ылааһын, сүөһүнү чуолкайдааһын-сааһылааһын үлэлэрэ былааннаахтык бараллар.

Сылгы ахсаана үчүгэйдик чуолкайдаммакка турар. Сорох дьон сылгыта атын нэһилиэктэргэ турар буолан, чопчу ахсаан суох.

Кэлэр сылтан хаһаайыстыбаннай кинигэ электроннай бырагыраамаҕа киирэр, онон чааһынай дьон биэрэр дааннайгыт чуолкай буоларын ситиһиэхтээхпит.

Былырыын 2022 сылга Кормопроизводство бырагырааматынан үбү сиилэс дьааматыгар уонна күрүөлээһиҥҥэ ыллыбыт. Былырыын 3,5 мөл. МТ-1221 тыраахтары ылбыппыт быйылгы үлэ таһаарыылаах буолла.

Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи «День поля» диэн мэхэньисээтэрдэр күрэхтэрэ биһиэхэ буолбута. Манна кэлбит дьон Сунтаар сирин бааһыналарын, тутуллубут күрүөлэри  көрөн-истэн, сөҕөн барбыттара.

Саҥа сокуонунан уонна программанан чааһынай сүөһүлээх ыалларга ыанар ынахха төбөтүгэр 37 тыһ. солк. үрдэтэн быйыл эмиэ бэриллибитэ.

Быйыл сайын Сунтаар нэһилиэгэр 500 куурусса сайаапканан хомуллан ыалларга түҥэтиллиннэ. Куурусса, сүөһү комбикормун хаһаайыстыбаларга сайаапкаларынан сакаастаан аҕалтарыллыбыта.

Үлэ сылын чэрчитинэн Ил Дарханбиллэрбит “Үлэ киһитэ” 300 тыһ.солк. бириэмийэтигэр Семенов Станислав Иванович докумуонун толорон ыытан улахан ситиһиини ылан турабыт.

Ону таһынан «Достижение» СХПССК сал. Егоров Владимир Семнович баар буолан, нэһилиэкпит тыатын хаһайыстыбатын үлэтэ, быраҕыллан турбут бааһыналар чөлүгэр түһэн үрдүк көрдөрүүлээх буолан эрэллэр. Инники сайдарга олук баар.

 

«Партизан» норуот айымнньытын театральнай киинэ

О Юрий Дмитриевич салайааччылаах «Партизан» норуот айымнньытын театральнай киинигэр быйылгы 2023 сыл сэтинньи ыйыгар диэри Арассыыйаҕа Педагог уонна Аҕа сүбэһит, Саха сиригэр Үлэ уонна Сунтаар улууһугар Төрөөбүт төрүт тыл сылыгар аналлаах 10 ый түмүгүнэн 126 араас хабааннаах тэрээһин ыытылынна.

“Партизан” култуура киинигэр муниципальнай сорудах быһыытынан уопсайа сылга 65 тэрээһин ыытыллыахтаах, 608 киһилээх 25 араас хайысхалаах куруһуок үлэлиэхтээх, 20445 киһи көрөөччү уонна кыттааччы быһыытынан сылдьыбыт буолуохтаах. Кулууп муниципальнай сорудах ирдэбилинэн тастан киллэрэр үбэ ааспыт 2022 сылга – 500 тыһ. солк. эбит буоллаҕына, 2023 сылга – 650 тыһ. солк. киириэхтээх. Ол курдук быйылгы 2023 сылга 10 ый түмүгүнэн 126 тэрээһин ыытылынна, онно барыта 18855 киһи, 28 куруһуок – киһитин ахсаана 550, киллэрбит үбэ – 552 190 тыһ. солк. Бу ахсынньы ыйга ирдэбил быһыытынан бэриллибит сыыппаралар туолуохтаахтар.

«Көҕүөр», «Өрөгөй», «Көлүкэчээн», «Мозаика», «АР студия», «Кустук» араас хайысхалаах куруһуоктар кыттааччылара 2023 сылга норуоттар икки ардыларынааҕы, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ, улуус таһымнаах араас күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытыннылар. Сунтаар нэһилиэгин биир бастыҥ вокальнай «Өрөгөй» эр дьон ансаамбыла 15 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээтэ. Ол курдук, быйылгы куруһуок ахсаана эбиллэн, дьонун ахсаана былырыыҥҥы сылтан 60 киһинэн элбээтэ. Нэһилиэнньэ оҕотуттан саҕалаан аҕам саастаах дьонугар диэри уопсайа 550 киһи дьарыктанар.

Бу кэнники ыйдарга олохпутугар элбэх уларыйыы киирбитинэн үлэлиир былаан эмиэ уларыйда, ол курдук патриоттуу хабааннаах тэрээһиннэр, быстах хомуурга барбыт дьон дьиэ кэргэттэригэр көмөлөр оҥоһуллаллар.

Нэһилиэк олоҕуттан-дьаһаҕыттан туора турбакка, бары үлэтигэр кыттыһан, дьону-сэргэни үөрдэн-көтүтэн, күүс-көмө буолан “Партизан” кулууп кэлэктиибэ олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы олорор.

 

Социальнай боппуруостар

2023 сыл 11 ыйын түмүгүнэн олохтоохтортон уопсайа 709 суругунан сайабылыанньа, ПОС (Платформа обратной связи) нөҥүө электроннайдык 17 сайабылыанньа киирбититтэн болдьоммут кэмигэр хоруйдара барда. Үксүн олохтоохтору дьиэ-уот, сир, олорор усулуобуйаны тупсарыы боппуруоһа долгутар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын ыйааҕар олоҕуран, Сунтаардааҕы социальнай харысхал салалтатын нөҥүө, тииһинэн олоруу алын кээмэйигэр ыйдааҕы дохуоттара эппиэттээбэт дьиэ кэргэттэргэ (соҕотох гражданнарга) уопсайа 73 киһиэхэ, 10 147160 солк. суумалаах социальнай хантараак түһэрилиннэ. Ол иһигэр хаһаайыстыбаны тэриниигэ уонна бэйэ дьыалатын саҕалыырыга 21 ыалга, идэтийбит үөрэхтээһини ыларыгар 8 хантараак, ону тэҥэ олох араас охсуутуттан, ыарахан балаһыанньаттан тахсарга көмө быһыытынан 44 ыалга социальнай хантараак түһэрсилиннэ.

Улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинигэр 2023 сылга Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторуттан 64 киһи үлэ көрдөһө сылдьыбытыттан 30 киһи үлэнэн хабылынна, 34 киһи учуокка турар, үлэтэ суоҕунан 34 киһи босуобуйа ылар.

Нэһилиэкпитигэр олох уустук балаһыанньатыгар түбэспит 93 ыаллаахпыт, кинилэртэн арыгы иһэр, оҕо иитиитигэр эппиэтинэһэ суох сыһыаннаһар ыал ахсаана 29-ка тэҥнэстэ. Нэһилиэккэ олорор инбэлиит ахсаана – 748, онтон 650-на улахан киһи, 98-һа оҕо. Уопсайа 111 аакта толорулунна.

Нэһилиэкпитигэр күн бүгүн 33 тыыл бэтэрээнэ, 1 сэрии огдообото, 3 сэрии тулаайаҕа, 164 сэрии кэмин оҕолоро бааллар. Быйыл нэһилиэкпит 6 ыала үйэ аҥаардаах үбүлүөйдэрин бэлиэтээтилэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай турук аактатын суруйуу салалтатын (ЗАГС) «Дьиэ кэргэн албан аата» (Семейная доблесть) анал бэлиэнэн бэлиэтэннилэр уонна Сунтаар улууһун «Кыһыл көмүс» кинигэтигэр анал нүөмэрдэринэн сурулуннулар. 4 бэтэрээн 90 саастарын томточчу туоланнар, «Ытык саас» бэлиэнэн ыллылар. Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр 9 биир дойдулаахпыт олорор.

Нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ, ТОС-тарбыт сүрүн күүс буолаллар. Түөлбэ үлэтин өйөөн бу сылга нэһилиэк бүддьүөтүттэн 1 мөл. солк., хас биирдии ТОС-ка 250-нуу тыһыынча көрүлүннэ. ТОС-тар араас тэрээһиннэри, үлэлэри ыыталлар. Ыраастаныы, хомунуу субуотунньуктарын тэрийдилэр, бэлиэ күннэргэ араас тэрээһини ыыталлар, ону таһынан граннарга, куоҥкурустарга кыттаннар бырайыактарын олоххо киллэрэллэр. Ол курдук «Туску» ТОС (Обустройство набережной) бырайыаганан Бүлүү өрүс күөх кытылын күрүөлээтэ. Нэһилиэкпит олохтоохторо остуол тенниһинэн дьарыктанныннар диэн «Табыс» ТОС (Теннис для всех) бырайыагын олоххо киллэрэн номнуо икки күрэҕи үрдүк тэрээһиннээхтик ыытта. «Сомоҕо» ТОС 3-с нүөмэрдээх орто оскуоланы кытта бииргэ үлэлэһэн радиоузел ылан холбоотулар. «Абаҕа» ТОС дьиэ кэргэни түмэр сыаллаах-соруктаах (Семейная спартакиада) бырайыагын чэрчитинэн бэс ыйыгар дьиэ кэргэн күрэҕин көхтөөхтүк ыыппыта. Ону тэҥэ, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон олорор усулуобуйаларын тупсарар сыаллаах «Норуот бүддьүөтэ» оройуоннааҕы куоҥкуруска кыайыылаахтар истэригэр киирэн, Ивановтар дьиэ кэргэн олорор усулуобуйаларын тупсаран биэрдилэр.

Физкультура уонна успуорт, чөл-чэгиэн олоҕу тутуһарга олохтоохторго анаан араас тэрээһиннэр, күрэхтэһиилэр тэриллэллэр. Ол курдук теннискэ, городкига, дуобакка, волейболга көхтөөх күрэхтэһиилэр буолан ааспыттара. Эһиил КСК үлэҕэ киирдэҕинэ, физкультура уонна успуорт нэһилиэкпитигэр өссө эбии сайдарыгар эрэллээхпит.

Ис дьыала уорганнарын, ГИБДД сотрудниктарын кытта, 18 чилиэннээх «Харысхал» народнай дружина уопсастыбаннай бэрээдэги көрөр, араас эпэрээссийэлэргэ, рейдэлэргэ, патрулларга уопсайа 34-тэ сырыттылар. Ону таһынан бэйдиэ сылдьар дьиэ кыылларын хонтуруоллуур сыаллаах олохтоох дьаһалта исписэлиистэрэ, «Харысхал» ДНД дружинниктара, нэһилиэк дьокутааттара, Сунтаардааҕы бэтэринэриийэ уонна ис дьыала уорганнарын сотрудниктара буолан дьиэ кыылын (ыты, куосканы) иитэр ыаллары кэрийэн өйдөтүү, сэрэтии үлэтин ыыталлар. Хаһаайыннаах ыт анал быһыыны ылбытын туоһулуур докумуонун көрөллөр, ыты, куосканы иитии бэрээдэгин туһунан памятка туттараллар, официальнай сэрэтиигэ илии баттаталлар, ол курдук уопсайа 79 сэрэтии туттарылынна.

Нэһилиэкпит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус кылааттарын иһин, 24 киһи түөскэ анньыллар бэлиэнэн, 25 киһи нэһилиэк Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланнылар. Сыл түмүгүнэн, араас хайысхаларынан сыл бастыҥ үлэһиттэригэр баһылык Грана 10 киһиэхэ иҥэриллэр.

 

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин

уонна чугас дьоннорун кытта үлэ

2022 сыл балаҕан ыйыттан дойду үрдүнэн биллэриллибит анал эпэрээссийэҕэ биһиги нэһилиэктэн уопсайа 44 киһи быстах хомуурунан, 47 киһи баҕа өттүнэн, уонна 15 уол армияттан устунан барбыттара биллэр. Ону таһынан атын нэһилиэккэ улууска пропискалаах эрээри манна олорор, үлэлиир ыаллар бааллар. Кинилэр чугас дьоннорун өйүүргэ салалта, уопсастыбаннас өттүттэн үксүн ас-үөл, дьиэ ис-тас үлэтэ уонна хаһаайыстыбаннай боппуруостары быһаарыыга көмө оҥоһуллар.

Быстах байыаннай хомуурга барбыт биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэттэригэр тэрилтэлэр тиһигин быспакка көмөлөһө олороллор.

Уопсайа бу күҥҥэ 32 ыалга муус тиксэрилиннэ, 44 ыалга оттук мас тиэйэргэ сайаапка киирэн турар, 53 ыалга дьиэ ис-тас үлэтин боппуруостара быйыл быһаарылыннылар.

Сэтинньи ыйга Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыттан, «Сунтаар» МАУ, Сунтаардааҕы РЭС, ОДьКХ ГУП, Ростелеком, баһаарынай чаас, Авиалесохрана, Аэропорт, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолата, технологическай колледж үлэһиттэрэ, улуус мунньаҕын дьокутаата уонна «Эр дьон сүбэтэ» түмсүү, СВО-ҕа ыҥырыллан барбыт уолаттар дьиэ кэргэттэригэр иһэр ыраас мууһу тиксэрэн, тиэргэннэригэр сааһылаан биэрдилэр, кыстыгы этэҥҥэ туоруулларын хааччыйдылар. Ону таһынан эргэ дьиэни көтүрэн, гаражка уонна баанньыкка туттар курдук мас бэлэмнэннэ. Эбии хаппыт уонна үөл мас тиксэриллиэхтээх.

Сунтаарга анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыҥырыллыбыттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туора турбакка күүс-көмө буолбут Сунтаардааҕы баһаарынай сулууспа, Сунтаардааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата (ЖКХ), Сунтаардааҕы коммунальнай сервис (ЖКС), оройуоннааҕы уот-күүс станцията (РЭС), «Эр дьон сүбэтэ» түмсүү, Ростелеком, Сунтаар улууһун дьаһалтатын баайга-дуолга сыһыаннаһыыларын кэмитиэтэ, урбаанньыт Павлов Д.Т., Сунтаардааҕы 1-кы, 2-с, 3-с нүөмэрдээх оскуолалар, Сунтаардааҕы лиссиэй, гимназия, аэропорт, улуустааҕы ыччат уонна успуорт отдела, «Сунтаравтодор» ХЭТ, өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэлэри бэлэмниир спортивнай оскуола, Сунтаардааҕы технологическай колледж, ТОС-тар, «Партизан» НАТК, «Крестях» ТХПК, «Николаев Д.И.», «Лоҥкур», «Ананьев В.А.» бааһынай хаһаайыстыбаларыгар уо.д.а. тэрилтэлэргэ махталбытын тиэрдэбит.

Бу саас Сунтаар нэһилиэгиттэн үс киһилээх бөлөх (нэһилиэк баһылыга Эдуард Филиппов, нэһилиэк дьаһалтатын үлэһитэ Георгий Афанасьев уонна Сунтаар нэһилиэгин дьокутаата Иван Тарасов буолан) байыаннай дьайыы буола турар сиригэр биир дойдулаахтарбытын көрсө, кинилэр санааларын истэ, сүргэлэрин көтөҕө, уолаттарга наада буолар таҥаһы-сабы, араас тиэхиньикэлэри атыылаһан илдьэн биэрэ бара сылдьыбыппыт. Дэлэгээссийэ бастакы сүрүн соругунан инники кирбиигэ сылдьар биир дойдулаахтарбытын көрсүһүү буолбута.

Барыахпыт иннинэ урбаанньыттары кытары көрсөн былааннарбытын билсиһиннэрбиппит. Ону биһиги урбаанньыттарбыт табатык өйдөөн, көмөлөһөргө бэлэмнэрин биллэрбиттэрэ. Ол курдук, «Кириэстээх» ТХПК бэрэссэдээтэлэ Владимир Егоров, «Татыйыына» фирма салайааччыта Нина Герасимова, «Главстройкомплекс» тэрилтэ салайааччыта Анатолий Исаев, «Сунтарцеолит» тэрилтэ дириэктэрэ Петр Попов, «Корона» маҕаһыыннар ситимнэрин салайааччы Надежда Львова, Иванов Дмитрий, Семен Николаев, Денис Павлов, Денис Егоров уонна Дьокуускай куоракка олорор Андрей Антонов түргэн кэминэн көмө оҥорбуттара.

Ону сэргэ махталбытын улууспут баһылыгар Анатолий Григорьевка уонна Сунтаар улууһун тус сыаллаах пуондатын салайааччыта Прокопий Ивановка этэбит. Кинилэр көмөлөрүнэн Москваттан анал массыынанан айаннаабыппыт. Москваттан биир дойдулаахтарбыт Максим Березин, урукку кэмҥэ Тойбохойго баһылыктаабыт, билигин Москва куоракка СӨ тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэлинэн үлэлиир Иван Попов кыттыһан, барсыбыттара. Барыахтарын иннинэ хомуйуллубут үбүнэн антидроннары, квадракоптердары, тепловизордары, коллиматордары, түүн хараҥаҕа туһаныллар ночниктары, бронежилеттэри атыыласпыппыт. Ону сэргэ уолаттарга анаан сакаастаан оҥорторбут саха быһахтарын илдьибиппит. Бу сырыыга былааннаммыт санаабытын ситиспиппит, инники кирбиигэ сылдьар уолаттары көрсүтэлээбиппит.

Уопсайынан анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар кинилэр дьиэ кэргэттэригэр, араас көмө тохтоло суох оҥоһулла турар. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев сорудаҕын толору толорорго үлэлэһэбит.

Быйыл бүтүн Арассыыйа үрдүнэн, Саха сиригэр, Сунтаар улууһугар уонна Сунтаар нэһилиэгэр Өрөгөй күн тосхойбута.

Запорожье сиригэр Украина Сэбилэниилээх күүстэрин колоннатын соҕотоҕун урусхаллаабыт «Алеша» тааҥка экипаһын хорсун быһыытын туһунан бары билэбит.

Атырдьах ыйын 23 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин Курскайдааҕы кыргыһыыга кыайыы 80 сылыгар аналлаах тэрээһин кэмигэр, Украинаҕа байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарбыта. Кинилэр кэккэлэригэр икки хорсун саха уола – Филипп Евсеев (Сунтаар) уонна Алексей Неустроев (Уус Алдан) үрдүк наҕарааданы ылар чиэскэ тиксибиттэрэ.

Ис сүрэхпиттэн биир дойдулаахпытын, хорсун уолбутун, бырааппытын, «Сунтаар» МАУ урукку үлэһитин Филипп Александрович Евсееви Сунтаар нэһилиэгин дьонун-сэргэтин аатыттан, үрдүкү наҕараада ылбыккынан Арассыыйа Дьоруойа буолбуккунанөссө төгүл итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эйигинэн киэҥ туттабыт!

Бу курдук күннэтэ олохпут-дьаһахпыт тупсарын, Сунтаарбыт нэһилиэгэ сайдарын туһугар үлэ-хамнас тэтимнээхтик барар. Баҕарыам этэ барыгытыгар кэлэр сылга, чөл-чэгиэн туругу, үлэни-хамнаһы, табыллыыны уонна ситиһиини, эйэни, өйдөһүүнү, тус олоххутугар дьолу-соргуну!

Инникигэ үлэ уонна былаан элбэх, ону олоххо киллэрэргэ бары бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэллээхпин.

Филиппов Эдуард Егорович

«Сунтаар нэһилиэгэ» МТ баһылыга.

Читайте дальше