Күөрэгэй хамсааһын (Күөрэгэй чыычаахтыы көҥүллүк туйаараары…)
Сунтаарга «Күөрэгэй» хамсааһын номнуо биир сылын үлэлиир. «Күөрэгэй» хамсааһын сүрүн сыала: сахалыы эйгэни дьиэ кэргэҥҥэ тэрийии, төрүт тылынан кэпсэтэн, саҥаны билэн-көрөн сэһэргэһии. Сүрүн үлэлэрэ тылы харыстыырга ананар.
Тыл туһугар кыһаллар толкуйдаах эдэр ийэлэр «Күөрэгэй» түмсүүлэрэ «Хомоҕой тыллаахтарга» өрөспүүбүлүкэ таһымнаах хоһоон күрэһин, Анатолий Бурнашев кыттыылаах «Саха тылын бэстибээлин» иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Ону тэҥэ, саха тылын үөрэтии, тарҕатыы кэскиллээх кэпсэтиитин Үөһээ Бүлүү, Мииринэй, Амма, Майа, Ньурба улуустарыгар олохтообуттара.
Бу ый 19 күнүгэр «Мииринэйдээҕи Күөрэгэй» хамсааһын 1 сылын туолар дьоро күнүгэр Сунтаар күөрэгэйдэрэ тиийэн ыалдьыттаатылар. Мииринэй түмсүүтэ биир сыл иһигэр 170 түмсүү кыттыылааҕын хаппытын үөрэ иһиттибит.
Мииринэй куоракка Алгыс ресторан иннигэр Сунтаар маастара оҥорбут Алгыс сэргэтигэр Аал уот уматан Тааттаттан Бырдыкы Уус анаан ыыппыт уот сагарынан кэскиллээх кэпсэтии түмүгүнэн ситим олохтонно.
Сардаана АФАНАСЬЕВА