Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала, үйэттэн үйэ, көлүөнэттэн көлүөнэ тухары бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох баайа.
Улуус баһылыга Анатолий Григорьев көҕүлээһининэн 2017 с.“Сунтаар — Олоҥхо дойдута” бэлиэни докумуонунан бигэргэтэн улууспут бу ааты чиэстээхтик сүгэр.
Санатан этэр буоллахха, бу бэлиэ уруһуйун дизайнер идэлээх Марина Горохова оҥорбута. Билигин бу бэлиэ ойуутун араас бэлэххэ-туһахха түһэрэн киэҥник туттабыт, тарҕатабыт.
Сунтаар улууһа элбэх олоҥхоһутааҕынан уонна саха норуотун уус уран сүдү айымньытын толорооччулааҕынан биллэр. Ол курдук, улууска олоҥхону үөрэтиигэ, тарҕатыыга биир ситимнээх, утумнаах, дириҥ хорутуулаах үлэ барар. Биир үтүө холобурунан — Кутана орто оскуолатыгар олоҥхону кылааһынан ааҕыы бырайыак ситиһиилээхтик үлэлиирэ буолар. Бырайыак ааптара, фольклор куруһуогун салайааччыта Мария Афанасьева элбэх ыччаты фольклорга, олоҥхоҕо уһуйда. Этиэххэ баҕарыллар, үгүс олоҥхоһут ыччат Кутана нэһилиэгиттэн силис-мутук тардыылаах. Кэлиҥҥи сылга улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ ыччат олоҥхоһуттарга ини-бии бырааттыылар Уйгулаан уонна Туйгун Гоголевтар ааттара элбэхтик ааттанар буолла. (Мин тус бэйэм бу уолаттар олоҥхолуулларын хаста да түбэһэн истибиттээхпин, көрбүттээхпин.) Кинилэр эмиэ Кутана кэскиллээх, инникигэ эрэллээх ыччаттара буолаллар. Сыллата ыытыллар “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолорго олоҥхо күрэһигэр ситиһиилээхтик кытталлар.
Уолаттар оҕо саастарыттан олоҥхону утумнаахтык үөрэтиинэн Мария Афанасьеваҕа дьарыктаналлар: “Олоҥхо- саха тылын хомоҕойун, минньигэhин, кэрэтин ɵйдүүргэ кɵмɵлɵhɵр. Кылааһынан олоҥхону толоруу бырайыак нөҥүө талааннаах, баҕалаах оҕолору таба көрөн дьарыктаан саҕалыыбын. Бастаан олоҥхо ис тутулун, ис хоһоонун кэпсэтэбит, ырытыһабыт. Уйгулааннаах Туйгун олоҥхоһут удьуорун сыдьааннара буолаллар. Аймахтарыгар олоҥхоһуттар, норуот талба талааннаахтара бааллар. Ол иһин, уолаттар олоҥхону толорорго, үөрэтэргэ улахан ыарахаттары көрсүбэттэр. Ону тэҥэ, ийэлэрэ уолаттарын араас күрэстэргэ кытталларыгар мэлдьи көҕүлүүр. Онон уолаттар ситиһиилэрэ күнтэн күн элбээн иһэр”.
Уйгулаан Гоголев Кутана орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ, олоҥхону толорооччу: “Оҕолорго ”Олоҥхо дойдутун оҕотобун” олоҥхо күрэһигэр 1 үрдэл буолбутум, бу сайын Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар анал аат ылбытым. Быраатым Туйгун 9-с кылаас үөрэнээччитэ, кини эмиэ олоҥхолуур. Ситиһиитэ элбэх. Иккиэн балтараа чаас тохтообокко олоҥхолуубут. Тойукпун олоҥхоҕо уһуйааччы Никандр Прокопьевич туруорбута. Олоҥхону үөрэтии миэхэ билиибин-көрүүбүн хаҥатар, тылым баай буолар, толкуйдуур дьоҕурум сайдар”.
Ыччат дьон олоҥхону интэриэһиргиирин, толорорун тухары сиэр-майгы өттүнэн иитиилээх, үчүгэйи-куһаҕаны араарар, ырааҕы толкуйдуур, ыраҥалыыр буолар. Онон олоҥхо киhи ɵй-санаа, сиэр-майгы ɵттүнэн уhуйуллан тахсарыгар үтүɵ сабыдыаллаах.
Мира АФАНАСЬЕВА