Ааспыт ыйга Дьокуускай куорат Национальнай бибилэтиэкэтигэр «Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ бэрт сэргэхтик буолан ааста. Кинигэни Хаҥаластан төрүттээх А.Е. Осипова-Григорьева, С.М. Андреев уонна А.А. Егорова хомуйан таһаарбыттар.
Бу кинигэни иилээн-саҕалаан таһаарбыт киһинэн Дьокуускай к. олохтооҕо, билигин 82 саастаах Антонина Елисеевна Осипова буолар.
Докумуоннар туоһулуулларынан, билиҥҥи Кутана нэһилиэгин төрдө буолбут Хаҥалас 1721 сыллаахха буолас быһыытынан сурукка киирбит. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, 1681 сыллаахха Дьокуускай Хаҥалаһыгар түһээн хомуйар нуучча хаһаахтарын утары өрө туруу буолбут, онно кыайтаран, күрэнэн Нөмүгү Хаҥалас кырдьаҕас бэрт уһун айаны айаннаан Кураанах Умсан (Арыылаах) илин эҥээригэр Маар Күөлгэ олохсуйардыы тохтообут. Аара атын аҕа уустара Бүлүүгэ, Ньурбаҕа хаалбыттар.
1776 сыллаахха Дьокуускай провинциятын воеводатын чиновнига Егор Кычкин Бүлүү эҥээрин 24 буолаһын сир түһээнин кииһинэн уонна саһылынан төлүүр нэһилиэнньэҕэ сир биэдэмэһин оҥорбут (Кыычыкын биэдэмэһэ). Онно көстөрүнэн Хаҥалас буолаһа атыттарга холоотоххо саамай улахан, киэҥ сиринэн тайаан сытар, хоту өттө Кугдаарга (Күндээдэҕэ) тиийэр, хойут туспа нэһилиэк буолбут Күүкэй, Мочууһун, Чакыр (Күндэйэ), Хадан Хаҥалас сирдэрэ эбит.
1794 сыллаахтан ыла Хаҥалас буолаһа нэһилиэк аатынан биэдэмэскэ киирэр буолбут. Олох-дьаһах араас кэрдиис кэмигэр Сунтаар Хаҥаластара улууска, Саха уобалаһыгар (өрөспүүбүлүкэҕэ) даҕаны биллэр-көстөр суолу-ииһи хаалларбыттар.
Кинигэ 5 түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэх Хаҥалас нэһилиэгин быдан былыргыттан билиҥҥэ диэри историята архыып докумуоннарыгар, араас ыспыраапкаларга олоҕуран кэрэхсэбиллээхтик таҥыллыбыт. Иккис, саамай улахан кэрчиккэ Хаҥалас нэһилиэгин ыалларын туһунан киэҥник кэпсэнэр. Хаҥалас нэһилиэгиттэн төрүттээх холкуос, сопхуос туруу үлэһиттэрин туһунан үһүс түһүмэх толору сырдатар. Төрдүс кэрчиккэ Хаҥалас нэһилиэгиттэн аҕа уустарын төрүччүлэрэ киирбиттэр. Манна бибилэтиэкэр үөрэхтээх, кэлиҥҥи кэмҥэ архыып докумуоннарыгар олоҕуран, Сунтаар улууһун нэһилиэктэрин олохтоохторун төрдүлэрин-уустарын туһунан хас даҕаны кинигэлээх Р.И. Николаева «Күндэ төрүттэрэ архыып докумуоннарыгар» диэн суруйуута киһи болҕомтотун тардар. Бэһис, бүтэһик түһүмэх Хаҥаластан тахсыбыт суруйааччылары сырдатар.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр сылаас, үүттээх, хойуу чэйи иһэ-иһэ киэҥ, истиҥ кэпсэтии, уруккуну-хойуккуну ахтыһыы, санаа атастаһыыта буолла. Бу кэпсэтиилэртэн уонна онно олорон кинигэни арыйан эрэ көрөн да баран, төрдүбүт-ууспут туһунан элбэҕи биллибит диэччи үгүс буолла. Кинигэ ол курдук элбэх интэриэһинэй, киһи болҕомтотун тардар матырыйааллара табыгастаахтык таҥыллыбыттар, ааҕыллымтыалар.
Кинигэ ис хоһоонун архыып докумуоннара, хаартыскалар кэрэһилииллэр, бигэргэтэллэр.
Хомуйан таһаарааччылар кинигэ күнү көрүүтүгэр үбүнэн көмөлөспүт «Кутана нэһилиэгэ» МТ баһылыгар Н.В. Давыдовка, «Кириэстээх» ТХПК салайааччытыгар В.С. Егоровка махтаналлар. Кинигэ Дьокуускай к. «Возрождение Саха» тэрилтэҕэ тупсаҕайдык бэчээттэммит.
Хаҥаластан хааннаахтар «Сунтаар Хаҥалаһа – мин дойдум» кинигэлэрин кыбынан, истиҥ кэпсэтииттэн, ахтыһыыттан астынан, санаалара көнньүөрэн, тохсунньу томороон тымныытын билиммэккэ куорат туманнаах уулуссаларынан тиэтэйбэккэ хааман дьиэлээтилэр.
Урукку кэм ухханыттан,
Убай дьон уордарыттан
Урааҥхай саха дьааххаммыт,
Уhукка, кытыыга кыйдаммыт.
«Хантан хааннааххын, кимтэн кииннээххин?
Хаан тардыhан саха сураhар,
Былыр арахсыбыт биир биистээҕин
Булан ылаары ыйыталаhар.
Хаhан эрэ Тыгын сыдьаана күрэнэн,
Хаҥыл, көҥүл санаа көтөллөнөн
Сунтаары булбутун билэммин
Хаан тамайан, хаҥаласпын диибин.
Валериан НИКОЛАЕВ,
суруналыыс, суруйааччы.