«Сунтаар сонуннара» хаһыат 85 сыла
«Сунтаар сонуннара» хаһыат быйыл саас төрүттэммитэ 85 сылын үөрэ истибитим. Мин хаһыатчыт буолар идэбин Сунтаартан олук уурунан саҕалаабыт буолан, ол кэмнэрбин наһаа күндүтүк саныыбын. Инньэ диэн туран, бу кыракый ахтыыбын эһиэхэ ыытабын.
1979 сыллаахха, үрдүк үөрэҕи бүтэрэр сылбар, саас Сунтаардааҕы «Ильич уоттара» хаһыакка практикабын барар буоллум. Үөрэнэр идэм дьупулуомугар сурулларынан, «литературнай үлэһит» диэн, бэчээккэ хайа эрэ өттүнэн сыһыаннааҕын да иһин, хаһыат үлэтиттэн, суруналыыстыкаттан букатын атын. Устудьуоннаабыт биэс сылым тухары, саатар, биир эмэ семестргэ «газетное дело» диэн куурус даҕаны суоҕа. Дьиҥэр, суруналыыс идэтигэр анаан үөрэммитим да буоллар, арааһа, үлэҕэ улаханнык эриллэн, «муннум-уоһум кэрдиллэн» эрэ баран хаһыатчыт аатырыам эбитэ буолуо. Инньэ гынан, ол саас хаһыакка практикабын адьас «нуултан» саҕалаабыт эбиппин диэхпин сөп.
Бастакы күммэр билбитим, эрэдээксийэҕэ үксэ саастаах дьон. Эдэрдэртэн кыргыттар үһүөлэр – сурук отделын салайар Галина Евсеева, фотограф Рая Константинова уонна корректор Уля Софронова. Оттон уолаттар, кэрэспэдьиэн үлэтигэр саҥа сыстан эрэр Уйбаан Винокуровтыын иккиэ буоллубут. Сыһыары турар икки остуол нөҥүө-маҥаа утарыта көрсөн олорон үлэлиибит. Киһим төлөпүөнүнэн эрийэн нэһилиэктэргэ тиийэ охсоро, хаһыакка анаан, үлэ-хамнас түмүктэрин, сонун-нуомас ыйыталаһара, куолаһа чуора, саҥата-иҥэтэ чуолкайа, ойон туран машинистка Роза Генероваҕа тиийэн суругун ааҕан, массыыҥка табыгырыыр тыаһа – барыта миэхэ сонун. Ол олороммун ыйытар буоллаҕым буолуо – быыһыгар миэхэ кэлэн тугу эрэ быһаарар. Онон, төһө да эдэрин иһин, наставнигым тэҥэ буолан хаалла. Ити эрээри, институт выпускнига уопсай билиим-көрүүм ханна барыай, ол иһин эбитэ дуу, анаан үөрэтэ-такайа сылдьыбат этэ. Күннээҕи үлэҕэ сүбэлиирин, быһаарарын, сайаҕаһын бэркэ биһирээбитим. Аны туран, күн аайы үлэҕэ барар-кэлэр суолбут биир, «Бартыһаан” маҕаһыынын нөҥүөлээн балачча хаампахтыыбыт, ол былаһын тухары киһим айаҕа хам буолбат… Ити курдук, олохпун анаабыт идэбэр «бастакы уруогу» биэрбит киһим – Уйбаан. Ол быдан дьыллартан күн бүгүҥҥэ диэри бэчээккэ үлэлээммин, бэйэм холбор син улахан оскуоланы ааспыт киһи табаарыһым оччотооҕу үтүөкэн сыһыанын, сүбэтин-аматын умнубаппын.
Ити сыл үөрэхпин бүтэрэн, күһүнүгэр «Ильич уоттара» хаһыакка «литсотрудник» диэн дуоһунаска үлэҕэ ылылынным. Билигин санаан сөҕөрүм диэн, эрэдээксийэҕэ субу үлэҕэ киирбит кэрэспэдьиэн уолу оройкуом I сэкирэтээрэ И.О. Пахомов кэбиниэтигэр ыҥыран олус истиҥник кэпсэттэ, хайдах эрэ алгыс курдук баҕа санаатын эттэ. Кэлин хас даҕаны оройуоннааҕы хаһыакка үлэлээн ааспыт киһи билэбин: оччотооҕу райком I сэкирэтээрдэрэ тос курдук тойоттор буолаллара. Кинилэр бэҕэһээҥҥи устудьуону, буолаары буолан туора оройуонтан төрүттээх оҕо киһини кытта ирэ-хоро истиҥник сэһэргэһиэхтэрин тоҕо эрэ өйүм хоппот. Кэлин сэрэйдэхпинэ, ол мин үтүөм буолуо дуо, Иннокентий Осипович, ааспыт үйэ дьалхааннаах 90-с сылларыттан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр суруналыыс, публицист буола үүммүт киһи, оччоттон хаһыат оруолун, бэчээт тыла киһиэхэ ураты сабыдыалын дириҥник өйдүүрүттэн эбит. Кини эрэдээксийэҕэ хаһан баҕарар киирэн кэлэрэ. Бэчээккэ цензура, уһаты-туора суруйууну бопсуу бүрүүкээн турар кэмигэр оройуоммут партийнай салайааччыта төттөрүтүн – хаһыат дьону долгутар сытыы боппуруостары көтөҕүөн баҕарара. Бэйэтин суруйууларынан ааҕааччыга хайыы-үйэ биллэн эрэр Иван Винокуровы кытта бу туһунан эмиэ хайаан даҕаны кэпсэтэрэ эбитэ буолуо.
Эрэдээксийэбит оччотооҕу састаабыттан билигин аҕыйах киһи хаалбыт эбиппит. Мин оччолорго күннэригэр сылдьар саас ортолоох хаһыатчыттары сэргэ сорох кырдьаҕастары эмиэ баттаһа көрөн хаалбыт эбиппин. Кинилэртэн биирдэстэрэ В.П. Меркурьев этэ. Түбэй Дьаархан курдук норуот уус-уран тылын, ырыатын-хоһоонун уйата буолбут ураты түөлбэттэн Баһылай Павлович ситэн-сириэдийэн тахсыбыт киһи эбит этэ. Эдэригэр үгэ-хоһоон тыл маастара, фельетонист ааттааҕа эбитэ үһү. Кириитикэни суруйуу ылбычча көҥүллэммэт кэмигэр маннык сытыы бөрүөлээхтэр «эргэ олох хаалынньаҥнарын» саралыырга бэчээт тылын тууһун-туматын көҥүллүк туттан тыыннарын таһаараллара. «Ильич уоттарын» эргэ нүөмэрдэрин арыйталыы олорон В. Меркурьев «Аһыы аһы аһыы-аһыы…» диэн фельетонун түбэһэн көрбүттээхпин. Манна дорҕоон дьүөрэлэһиитэ эриэккэһин сөҕө санаабытым өйбөр кытаанахтык хатаммыт.
Үлэм киниискэтигэр бастакы устуруокалары толорбут салайааччым – эрэдээктэрим И.С. Афанасьев. Биир өттүнэн, хаһыакка ураты бэриниилээх суруналыыс, атын өттүнэн, бириинсиптэрин булгуруппат хомуньуус-салайааччы быһыытынан кинини өйдөөн хаалбыппын. Былаас уонна олох укулаата төрдүттэн уларыйбытын да кэннэ Уйбаан Саабыс партийнай билиэтиттэн аккаастамматаҕын, ону ааһан бу хойукка диэри хомуньуустар улуустааҕы тэрилтэлэрин үлэтин салайа-сүрүннүү олорбутун истэрим. Ити курдук эрэдээктэри солбуйааччы С.П. Герасимовы, эппиэттиир сэкирэтээр Ф.А. Маччасыновы олус истиҥник ахтабын-саныыбын.
Үлэҕэ киирдэҕим нөҥүө сылыгар эбитэ дуу, эрэдээксийэ тыа хаһаайыстыбатын отделын сэбиэдиссэйинэн А.А. Павлов кэлбитэ. Александр Алексеевич, суруксут бэрдэ, күлбүтүнэн-үөрбүтүнэн сылдьар дьээбэ-хообо хаата көрүдьүөс табаарыс, истиҥ доҕор-атас, кыракый кэлэктииппитин сэргэхсиппитэ. Өлөксөөндүр (кинини бары итинник ааттыырбыт) улахан суруналыыс буола үүнэр-сайдар чинчилээх эдэр хаһыатчыт этэ. Ити сыл нуучча аатырбыт суруйааччыта, «деревенская проза» маастара Федор Абрамов «Правда» хаһыакка «Чем живем, кормимся?..» диэн аһаҕас суруга тахсыбыта. Төрөөбүт-үөскээбит нуучча дэриэбинэтин олоҕун-дьаһаҕын, сопхуос кыһалҕаларын туһунан этэ. Бу биһигиттэн кый ыраах Архангельскай уобалас тыатын сирин Сунтаар Бүлүүчээнигэр сөрү-сөпкө холоон, Өлөксөөндүр «Бүлүүчээн Веркола үһү дуо?..» диэн улахан ыстатыйаны таһаарбытын бу баардыы өйдүүбүн. «Кириэстээх» сопхуос кырыы эрээри биир сүрүн отделениетын Верколаҕа дьүөрэлээх уустук боппуруостарын уонна манна үүтү-аһы оҥоруу кэскилин туһунан. Оччотооҕу 5 тыһ. тахса тиражтаах оройуоннааҕы хаһыаппытыгар тахсыбыт ырытыылаах бу бэртээхэй ыстатыйаны элбэх киһи сэҥээрбитэ. «А. Павлов» диэн ааптардаах очеркалар, ыстатыйалар итинтэн ыла тиһигин быспакка бэчээттэнэр буолбуттара. Баардаах баара батарбакка, Өлөксөөндүр кэпсээннэри кытта суруйара, уус-уран айымньыга холоноро.
Түөрт уонтан тахса сыл тухары сыыр анныгар күлүмүрдүүр Бүлүү эбэ хотун элбэх ууну аһардаҕа. Ол да буоллар кылгас кэмҥэ бииргэ алтыһан ааспыт эрэдээксийэм үлэһиттэрин умнубаппын. Табаҕын буруотун быыһыгар сурук отделыгар түбүгүрэ олорон, туох эрэ тиэхэни санаан мичик аллайбытынан аттынааҕы хоско субу киирэн кэлэр, мэлдьи дьээбэҕэ тиллэр өй хаата киһини, талааннаах суруналыыһы Иннокентий Сивцеви, хаартыска бэчээттээри быыкайкаан хараҥа хоһугар бүгэр фотограф кыыһы Рая Константинованы, станок таһыгар мэлдьи хара халаат кэтэн буукубаны кыҥастаһар корректорбытын Уля Софронованы, саҥата суох мэлдьи күлэн мылтайбыт курьербытын Варвара Кириллинаны…
Оттон Уйбаан Чагдинскай 45 сыл усталаах туоратыгар биир хаһыакка айа-тута үлэлээбитэ – бу бэйэтэ туспа номох. Ити тухары төһөлөөҕү суруйбута-бичийбитэ буолуой – барытын холбоон туруору туттахха кырдьыга даҕаны халлааҥҥа тиийиэҕэ. Бу 45 сыл идэҕэ таптал, бэриниилээх буолуу дьиҥнээх холобурун быһыытынан саха бэчээтин устуоруйатыгар киириэн сөптөөх.
Петр ПОПОВ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэчээтин туйгуна,
Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.