От ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа нэһилиэгин Ураһалаах алааһыгар ХХ төгүлүн ыытыллар «Сельская школа & Образовательная марка» педагогтар дьаарбаҥкалара буолан ааста.
Манна киэҥ-нэлэмэн өрөспүүбүлүкэбит бастыҥ учууталлара, барыта икки тыһыынчаттан тахса киһи, 29 оройуонтан кэлэн кыттыыны ылан тарҕастылар.
Саха сирин үөрэҕириигэ миниистирэ Ньургуна Соколова үтүө тылынан ааспыт үөрэх дьыла ситиһиилээхтик түмүктэммитин бэлиэтээн туран, инники турар соруктар туолалларын туһугар күүстээх үлэ бара турарын билиһиннэрдэ.
Дьаарбаҥка тэрээһинэ 20-чэ былаһаакканан, 57 эксперти түмэн өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэҕирии сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии институтун үлэһиттэрин салалтатынан бэркэ табыллан ааста. Сунтаар улууһун делегацията баар былаһааккаларга ситиһиилээхтик кыттан кэллэ.
Ол курдук, Олег Сосин «Кадровая и нормативно-правовое обеспечение политехнического образования» дакылаатынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бастыҥ учуутал» куоҥкуруска Сунтаардааҕы 1 нүөмэрдээх оскуола методиһа А.А. Прокопьева (III м.), “Иис-уус түһүлгэтигэр” Сунтаар политехническай лиссиэй-интэринээтиттэн А.А. Попова (I м.), И.Г. Иванова (II м.), Д.В. Иванова (III м.), А.А. Попова (II м.). «Функциональная грамотность для жизни» инновационнай бырайыактар быыстапка-куоҥкурустарыгар Сунтаардааҕы 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола дириэктэри иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччыта В.В. Николаева (II м.) “Структурно-содержательная модель методического сопровождения педагогов по формированию функциональной грамотности» бырайыагынан.
Маны таһынан дьаарбаҥка кыттыылаахтара бары түмсэн анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьааччыларга анаан нашлемниктары оҥордубут.
Майа сиригэр, дьонугар-сэргэтигэр үрдүк таһымнаах тэрээһини ыыппыттарыгар Сунтаар улууһун үөрэҕириитин аатыттан махталбытын тириэрдэбит.
Сардаана АФАНАСЬЕВА