Маай ɵрɵбүллэригэр «Мясной двор» лааппытыттан тахсан иһэн «Сунтаар сɵбүлүүр атыыһыта кимий?» диэн куйаар ситиминэн санааны этинии тэрийэн бастыҥнары билэн «Норуот билиниитэ» диэн хайҕабыл суруктары уонна Сунтаар улууһун дьаһалтатыттан Борис Васильев бирииһин туттартаан үɵрдүтэлээтим.
Күннэтэ алтыһар, сорох дьоҥҥо күннэрин да оҥорор дьоннор атыыһыттар буолаллар. Кинилэр хайдах атыылаһааччыны кɵрсɵллɵр, үɵрэ-кɵтɵ кэпсэтэллэр, тустаах аскын, таҥаскын, тэрилгин булан биэрэллэр уонна эйэҕэстик атаараллар, соччоннон киһи үɵрэ-үɵрэ бу лааппыга киирэр-тахсар буолар. Сунтаар иһигэр «Мин сɵбүлүүр атыыһытым» диэн нэһилиэнньэҕэ ыйытык туруорбутум олус элбэх киһи хоруйдаан, биир санаанан кыайыылааҕынан «Катерина» лааппы атыыһыта Дима Красков буолла. Дима ɵҥɵтүнэн туһаммыт кини үтүɵтүн, эйэҕэһин, олус култууралаах атыыһытын бэлиэтииллэр. Кини кыайбыт диэни истэн үɵрбүт ɵссɵ элбэҕэ.
«Мин сɵбүлүүр атыыһытым» ыйытык куйаар ситимин нɵҥүɵ эмискэ оҥоһуллан киэҥ ыырдаммытыгар бэйэм да сɵхтүм. Хоруйдаабыт дьон үгүһэ да биир санаалаахтар. Бу маннык ыйытык «Мясной двор» лааппы атыыһыттара олус эйэҕэстэр, киһи бу маҕаһыыҥҥа үɵрэ-кɵтɵ, ɵрɵ кɵтɵҕүллэ киирэр диэнтэн саҕыллыбыт ыйытык буолар. Куоластааһын да түмүгүнэн сыыспатах эбиппин, үгүс дьон бу маҕаһыын киһи астынар атыыһыттардаах диэн бэлиэтээтилэр. Аны бэйэм анал бирииспин «Мясной двор кырачаан кыысчаана», — диэн таптаан ааттыыр кыыспытыгар Аэлита Ивановаҕа туттардым. Кини эмиэ олус элбэх куолаһы ылбыта.
Маннык куоластааһыны оҥоруохпун баҕарбытым дьиҥэ ыраатта, инньэ «Мясной двор» маҕаһыыҥҥа Светлана Чалбанова үлэлиир кэмигэр, кини атыыһыт быһыытынан олус таһаарыылаах үлэтин кɵрɵн-истэн, сɵҕɵн-махтайан этэ… Куруутун саныырым, атыыһыттар бары кини курдук буолуохтаахтар диэн, билигин «Татыйыынаҕа» атыыһытынан үлэлиирин эмиэ дьон үгүһэ сɵбүлүүр, бастыҥ атыыһытынан сыаналыыллар. Кинини кэккэ элбэхтэ ахтыллыбыт атыыһыттарынан «Корона» маҕаһыын Галята, Эльвирата, Наташата, Мотрената, Бартыһаан, стадион түɵлбэтин маҕаһыыннара, бастакы ырыынак ас ɵттүгэр үлэлиир Катята, «Надежда» Джомата, «Артемка» атыыһыттара Зиналаах, Жанна, «Посудная лавка», «Татыйыына» кэмбинээт ɵттүгэр турар маҕаһыын атыыһыттара, ону таһынан Оля, Дайаана, «Татыйык»,  Хомустаах маҕаһыынын Лената, «Маяк», Гуляевтар, «Сайдам» Асята,  «Нюрбина» Мартата, «Наталья» Костята, «Тандем» Дашата, рынокка Света, «Катерина» Кристината, ИП Сара И, «Маяк» атыыһыттара, «Виктория» Күɵрэгэйэ, аптека Наталья Спиридонова о.д.а.
Бу маннык ыйытык оҥорон кыратык да атыыһыттары үɵрдүбүппүттэн олус астынным уонна атыылаһааччыга атыыһыт сыһыана хайдах буолуохтааҕын холобурдаан атыылыыр ɵҥɵ тупсарыгар туох эмэ хамсааһын таһаардаҕым.

Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА