Сунтаар архыыба бастыҥ үлэлээхтэр кэккэлэригэр

Бу туһунан Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев бибилэтиэкэ-архыыбыгар буолбут судаарыстыбаннай, муниципалитеттар уонна тэрилтэлэр архыыптарын сэминээр-сүбэ мунньаҕар эттилэр. СӨ култуура министиэристибэтин архыып үлэтин тэрийии отделын салайааччыта Ирина Тергюлева иһитиннэрбитинэн, Аллайыаха, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Сунтаар, Таатта, Уус Алдан, Чурапчы оройуоннарын уонна Дьокуускай куорат архыыптара сыллааҕы түмүгүнэн региоҥҥа бастыҥ үлэлээхтэрэ көһүннэ.

Бу буолбут сэминээргэ үлэ түмүгүн таһаарыыны сэргэ, өрөспүүбүлүкэ архыыптарын үлэтэ сайдар сүрүн хайысхалара ыйылынна. Ол курдук сүрүн хайысхаларынан РФ Архыыбын пуондатын өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо көдьүүстээхтик туһанар кыахтарын тэрийиини, дьон дэбигис туһанар научнай-справочнай элекртоннай аппараатын оҥорууну бэлиэтээтилэр. Сэминээр-сүбэ-мунньахха киирбит этиилэри былаан быһыытынан кэлэр сыл ылыныллыахтаах өрөспүүбүлүкэ архыыбын сайдыытын концепциятыгар киллэрэргэ эттилэр.

Бүгүҥҥү күн туругунан Саха сирин архыыбын ситимигэр 2 судаарыстыба, 36 муниципалитет уонна 1218 биэдэмистибэ архыыптара бааллар.

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйуутуттан.

“Сунтаар сонуннара” хаһыат.

 

Читайте дальше