Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолата уонна Жатайдааҕы техникум быһаччы сибээс олохтууллар

Быйылгы үөрэх дьылыгар А.П. Павлов аатынан Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа «Судостроение» хайысхалаах кылаас үлэтин саҕалаан эрэр. Оттон, бу кылаас улуус Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Жатайдааҕы техникум дириэктэрэ Владимир Тихонов уонна Жатайдааҕы суудуналары тутар собуот үс өрүттээх сөбүлэҥ түһэрсэн арылынна.

Бу туһунан, Сунтаар 1-кы нүөмэрдээх оскуолатын иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Дмитрий Михайлов кэпсиир:
Бэс ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатыгар буолбут «Сельская школа и Образовательная марка» бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи педагогическай дьаарбаҥка чэрчитинэн, биһиги оскуолабытыгар «Судостроение» хайысхалаах кылаас арылынна. Бу кылаас сүрүн сыала, оҕо идэ талааһыныгар эрдэттэн бэлэмнээх буоларын ситиһии ону таһынан биһиги улууспутугар саҥа хайысханы үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ билиһиннэрии буолар. Манна 8-с, 9-с уонна 10-с кылаас оҕолоро баҕа өттүнэн суруйтаран, уопсайа икки предмиэккэ үөрэниэхтэрэ. Ол курдук «Основы судостроения» уонна «3D-моделирование» диэн. Бу предмиэттэри Жатайдааҕы техникум преподавателлэрэ кэтэхтэн видео сибээс нөҥүө үөрэтиэхтэрэ. Ол курдук хас биирдии предмиэткэ 34-түү чаас бэриллэр. Олортон 20 % курдук практическай чааска ананыа. Манна үөрэнээччилэр каникул кэмигэр Жатайдааҕы техникум баазатыгар баран, халыҥ тимирдэри сваркалыырга итиэннэ дьоҕус суудуналары, хараабыллары тутууга туох, ханнык үлэ барарын, бэйэлэрэ тутан-хабан билсиэхтэрэ уонна үөрэтиэхтэрэ. Техникум «Профессионалитет» бэдэрээлинэй барыл уонна «Кадры» национальнай барыл иитинэн үлэлиир буолан, туох баар үөрэтэр тэриллэрэ толору хааччыллыбыт, үөрэнэргэ олус табыгастаах».
Жатайдааҕы техникум уопсайа 5 хайысханан 14 идэни биэрэн, исписэлиистэри иитэн таһаарар. Ол курдук сварщик, судостроитель, повар, электромонтёр сиэстирэ уонна да атын. Оттон биһиги оҕолорбут кинилэр кэккэлэригэр киирэн идэлэрин сөпкө баһылыахтара диэн бигэ эрэллээхпит. Бу курдук, саҥа сүүрээн олоххо киирэн, инникитин оҕо идэни таларыгар судургу буолара саарбаҕа суох.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше