Билигин фермер диэни иһиттэхпитинэ киирбит-тахсыбыт, сытыы-хотуу, мэлдьи араас бырайыактары иитэ сылдьар, ситиһиилээх, тыаҕа үлэ миэстэтин таһаарар, үүтү-сүөгэйи үрүлүтэ сүүрдэр дьону саныыр буоллубут. Маннык өйдөбүл үөскүүрүгэр дойду бэрэсэдьиэнэ Владимир Путин ыытар тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар тосхоллоро олук буолбуттара саарбаҕа суох. Аныгы фермердэр бу тосхоллору кыайа-хото туһаналлар, сайдыы суолунан хаамаллар. Сунтаарга биир маннык аныгы көрүүлээх фермеринэн Станислав Семенову ааттыыбыт. Кини хас да ситиһиилээх бырайыагы олоххо киллэрбит тыа хаһаайыстыбатын туруу үлэһит киһитэ. Биһиги ааҕааччыларбытыгар кинини кытта кэпсэтиибитин таһаарабыт.
— Үтүө күнүнэн, Станислав! Бастатан туран махтанабыт, биһигини кытта быыс булан кэпсэппиккитигэр.
— Кыһын буолан дьиэбэр баарбын. Ыам ыйын 20 күнүттэн дьиэбиттэн тахсан барабын уонна алтынньы ый бүтүүтэ биирдэ кэлэбин. Фермергэ саамай туттан-хаптан хаалар кэмэ — кылгас сайыммыт. Үлэ арааһын бу кэмҥэ үлэлиибит. Оттон кыһын докумуон, отчуот толоруута, араас кэскиллээх кэпсэтиилэри олоххо киллэрэр туһунан көрсүһүүлэр, кэпсэтиилэр олохтоноллор, кэлэр үлэ сезонугар бэлэмнэнэбит, булуу-талыы, өрөмүөн үлэтэ баһаам. Ол иһин биир да күн таах олорбоппут, өй-толкуй үлэтэ саҕаланар. Маннык тэтими тулуйар эрэ киһи тулуйар. Фермер үлэлээтэҕинэ, сүүрдэҕинэ-көттөҕүнэ эрэ айаҕын ииттэр.
— Станислав, мин эйигин кытта билсэрбэр ураты чэйдэри дьоҥҥо билиһиннэрэ турарыҥ…
— Чэй оҥорооһуна мин саҥа бырайыагым буолар. Сайын оҕуруот аһын үүннэрэн өлгөм үүнүүнү ылабыт. Оҕуруот аһын өр харайан кини туһалаах эттиктэрин сүтэрбэтин диэн чэй оҥорон боруобалыахха диэн санааттан бу бырайыагым үөскээбитэ. Бэйэм чэй хатарар ыскаап толкуйдаабытым. Оборудование атыыласпытым. Бу көстөр (оҕуруот аһын сууйар уонна кырбастыыр аппараат) тиэхиньикэбин дьиэ кэргэн социальнай хантыраагынан ылбыппыт. Билигин номнуо улахан сакаастары ылан олоробун. Үлэ өссө да элбэх. Кыһыҥҥы өттүгэр доруобуйаҕа туһалаах, туох да эбилигэ суох чэй оҥорон атыыга таһаарыахха сөп эбит. Саха — мындыр, сатаабатаҕа суох диэн саҥаттан-саҥа бырайыактарга ылсарбын сөбүлүүбүн.
— «Бырайыак» диэн тыл кэлиҥҥи кэмҥэ муода курдук буолла. Улахан биллэр хампаанньалар үлэҕэ дьону ылалларыгар ханнык бырайыагы олоххо киллэрбиккиний, үлэлэспиккиний диэн ыйыталлар. Эн эмиэ элбэхтик туттар тылын эбит. Хас бырайыактааххыный? Табыллыбатах бырайыактааххын дуо?
— Олох ирдэбилин, тэтимин кытта тэҥҥэ хардыылыахтаахпыт. Маныаха билигин тыа хаһаайыстыбатын өйүүр тосхоллор бааллар. Ону сөптөөхтүк, кэмигэр туһаныахха наада. Үчүгэй көҥүл, кэмҥэ олоробут дии саныыбын. Арассыыйаны модун диэн дэлэҕэ эппэттэр. Улахан, кыахтаах, ситиһиилээх дойдуга олоробут. Манна эбии эттэххэ, дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путины сүрдээх кыахтаах лидер быһыытынан билинэбин. Кини ыытар политикатын биһириибин. Тыа хаһаайыстыбатын салаата сайдарыгар, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйата элбииригэр дойду бэрэсидьиэнэ сөптөөх, киэҥ көрүүлэрдээх, бу сааланан дьарыктанар дьону күүскэ өйүүр диэн сыаналыыбын.
Биһиги көтөр ферматын Бүлүүчээҥҥэ арыйарбытыгар дьыалабыай партнерум Максимов Андрей Алексеевич бэйэтэ кредит ылан туттубута. Ону сүүрэн-көтөн, бириэмэтигэр туттан-хаптан тыа хаһаайыстыбатын субсидиятын ылбыппыт. Онон тутуубут ороскуотун улахан аҥаарын саппыппыт. Дьаархан нэһилиэгэр 50 төбөҕө сүөһү хотонноохпут. Бу тутуутун эмиэ тыа хаһаайыстыбатын тосхолунан туттубуппут. Билигин бу бырайыакпын быраатым Семенов Иван Иванович ситиһиилээхтик үлэлэтэр.
Сири кытта үлэҕэ эмиэ ылсабын. Сэлиэһинэй бурдук, эбиэс, хортуоска, оҕуруот аһа олордобут. Кыһынын атыылыыбыт. Оскуолалары, уһуйааннары иҥэмтэлээх оҕуруот аһынан хааччыйабыт.
Хас биирдии биисинэс толкуйбун оҕом курдук көрөбүн Иитиэхтии сылдьыбыт санаам улахан үлэҕэ кубулуйбутуттан үөрэбин, астынабын.
Үлэни үллэрээһин диэн баар. Билигин оннук дьаһанным. Дьон тоҕо ыраах баҕайы Дьаархаҥҥа, Бүлүүчээҥҥэ ферма туттугут дииллэр. Ыраах тыаҕа туохтан да толлубат туруу үлэһит дьон олорор. Сирэ-уота, айылҕата табыгастаах, тыа сиригэр үлэ миэстэтэ, сайдыы кэлэрэ туох куһаҕаннаах буолуой. Маннык дьаһаммытым бэйэм айарбар-тутарбар бириэмэлэнним. Ол иһин чэй бырайыагын толкуйдаан олоххо киллэрдим. Билигин өссө биир толкуйбунан бэйэ бурдугун оҥорон таһаарыы. Саха лэппиэскэтигэр оһуобайдаах бурдугу оҥорорго иитиэхтии сылдьабын.
Оттон биһиги хотоммутугар эмиэ бэйэм толкуйбунан оҥоһуллубут, сииги, сыты оборор электроннай вентиляция үлэлии турар. Аппробациятын ааста. Ынах сааҕын таһар дьоҕус тиэхиньикэ эмиэ тургутууну ааста. Билигин сакааһынан биири оҥоро сылдьабын. Онон куттаммакка бэйэҕит толкуйгутун олоххо киллэрэргэ дьулуһуҥ. Элбэх билиилээх дьону кытта кэпсэтиҥ, алтыһыҥ, сүбэ-ама ылыҥ. Бэйэҕит билиигитин хаҥатарга кыһаллын.
Табыллыбатах бырайыагым суоҕун кэриэтэ. Уһуннук буһар-хатар диэн бырайыак баар.
— Билиҥҥи фермердэр оҥорон таһаарар бородууксуйаларын хайдах батараллар?
— Куйаар ситимин кэмигэр араас угуйуктар көмө буолаллар. Уонна бородууксуйа тас көрүҥүгэр болҕомто уурабыт. Дьону кытта үтүө сыһыан олохтуохха наада. Саамай сүрүнэ хаачыстыбалаах бородууксуйаны оҥорорго кыһаллыахтааххын. Оччоҕо атыылаһааччы хамаҕатык атыыластаҕына. Үлэн таһаарыылаах, ситиһиилээх буолар.
Аныгы кэм фермерэ, саҥаны айааччы — Станислав Семенов туруктаах дьиэ кэргэн, өбүгэ күүһэ, удьуор утума баар буоллаҕына үлэттэн дуоһуйуу, ситиһии икки бүк кэлэр диэн этэр.
Мира АФАНАСЬЕВА