Бүгүн, сэтинньи 2 күнүгэр, кэлэн иһэр Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр Норуот сомоҕолоһуутун күнүн чэрчитинэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын көҕүлээһининэн, нэһилиэктэргэ, тэрилтэлэргэ оттук мас бэлэмигэр, муус ылыытыгар субуотунньуктар ыытылла тураллар.
Тыраахтыр бирилиир, эрбии, сүгэ тыаһа тохтоло суох тиҥийэр тыаһа урукку кэмнэри санатан куула тыа саҕатыгар иһиллэр. Бу улуус дьаһалтата, тыа хаһаайыстыбатын, успуорт, ыччат отделларын үлэһиттэрэ оттук мас бэлэмнээн, тиритэ-хорута сылдьаллар.
Оттон күөлгэ чардаат үксээбит. Манна улуустааҕы үөрэх тэрилтэлэрин кытары култууралар кыттыһан муус ылаллар.
Бу күннэргэ бэлэмнэммит оттук маһы, мууһу анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр, улуус кырдьаҕас, кыаммат араҥатыгар көмө быһыытынан түҥэтиэхтэрэ.
Бу курдук Сунтаар улууһун тэрилтэлэрэ бары бииргэ сомоҕолоһон күүстээх үлэ буола турар.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ